Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -37 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Бүгүн күнүс 3 чаас 15 мүнүүтэттэн «Якутия 24» телеханаал «Актуальное интервью» биэриитигэр Ил Түмэн доруобуйа харыстабылыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдэтэлэ Светлана Давыдова кыттыыны ылыаҕа.

Бүгүн күнүс 3 чаас 15 мүнүүтэттэн «Якутия 24» телеханаал «Актуальное интервью» биэриитигэр Ил Түмэн доруобуйа харыстабылыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдэтэлэ Светлана Давыдова кыттыыны ылыаҕа.

Светлана Николаевна Ленскэй куоракка оскуола мэдиссиинэтин уларытан тэрийии боппуруостарыгар ыытыллыбыт норуот дьокутааттарын көһө сылдьар мунньахтарын, онно ханнык улуустар бэрэстэбиитэллэрэ кыттыбыттарын, оскуола мэдиссиинэтэ күн бүгүҥҥү кыһалҕаларын, ону быһаарыыга туох дьаһаллар ылыллыахтаахтарын уо.д.а. туһунан кэпсиэҕэ диэн Ил Түмэн пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Хаартыска Ил Түмэн саайтыттан ылылынна.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21