Норуот итэҕэллээхтэрэ хотугу эргимтэ кэтэх өттүгэр сырыылара муус устар 9 күнүгэр Аллайыаха улууһун киинигэр Чокурдаахтан саҕаланна.
Парламентарийдар Хотугу муустаах байҕал кытылын сыттана сытар Чокурдаах бөһүөлэгин производственнай уонна социальнай эбийиэктэригэр сырыттылар, нэһилиэнньэни кытта көрүстүлэр. Дэлэгээссийэ сүрүн соругунан быйыл киирбит олохтоох салайыныы сокуонун олоххо киллэрии туһунан билиһиннэрии, өйдөтүү уонна хотугу улуустар кыһалҕаларын, осциальнай-экэнэмиичэскэй балаһыанньаларын кытта билсии буолар.
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев Чокудаахха сылдьан бэлиэтээбитинэн, сүнньүнэн улуус киинин олохтоохторун санаалара-толкуйдара туруктаах, хотуулаах. Аныгылыы оскуола, улахан успуорт комплекса уонна хаачыстыбалаах балыыһа блога үлэлииллэр. Ол да буоллар, билигин олохтоохтору суһал быһаарыыны ирдиир боппуруостар долгуталлар– саҥа оҕо саадын тутуу уонна авиация тарыыптара. Тарыыптарга билигин балаһыанньа олус уустугурда.
Улуус олохтоохторо дьокутааттарга Дьокуускай хайысхатынан көтүүгэ хас эриэйис аайы субсидиялаах миэстэни көрөргө уонна мэктиэлииргэ көрдөһүү киллэрдилэр. Ол курдук, АН-24 тииптээх сөмөлүөттэргэ хас эриэйис аайы 9-туу миэстэни туруорустулар. Норуот дьокутааттара Аартыка зонатыгар авиа миэстэни субсидиялааһын кээмэйин улаатыннарыыга салгыы үлэлэһэр санаалаахтар.
Ил Түмэн дэлэгээссийэтэ ити күн Абый улууһугар айаннаата.
Ил Түмэн пресс-сулууспата
Хаартыскалар: Степан Зуев, Аллайыаха улууһун “Путь развития» хаһыата
-
2
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0





