Бэйэтэ сүрүн үлэтинэн Үөһээ Халыматааҕы тырааныспар хампаанньатыгар кылаабынай мэхээнньиктиир, Сэбиэт бэрэссэдээтэлин үлэтин уопсастыбаннай төрүккэ олоҕуран толорор.
Бу күннэргэ Михаил Спиридоновиһы кытта кэпсэтииттэн кини Үөһээ Халыматын, оройуонун дьонун-сэргэтин туһугар бэркэ кыһаллар, көмөлөһөр киһи буоларын биллибит. Ону ааһан, кини оройуоҥҥа үгүс уопсастыбаннай тэрээһиннэри көҕүлээччинэн, ыытаччынан биллэр. Бэрт судургу, туох баарынан, хотугулуу аһаҕас, истиҥ кэпсээннээх.
Бүгүн кини биһиги хаһыаппытыгар өрөспүүбүлүкэбит хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр, үс Халыма хоодуот дьонун-сэргэтин иитэр-аһатар ытык Халыма эбэ үөһээ сүүрүгэр киэҥ сиринэн-уотунан тайаан сытар оройуон билиҥҥи олоҕуттан-дьаһаҕыттан билиһиннэрэр.
Оройуон Сэбиэтигэр отчуоттууллар
Үлэбит туһунан кэпсээтэххэ, биһиги сүрүннээн оройуон тэрилтэлэрин, дьону кытта үлэлэһэбит. Онно үлэбит биир хайсхатынан Ааспыт сылга биһиги оройуоннааҕы Сэбиэппит улуустааҕы култуура управлениетыгар боппуруостар үөскээн, бу салаа үлэтин бэлиэҕэ ылбыппыт, ирдэбил ыыппыппыт. Верхнеколымскай сэлиэнньэтигэр култуура дьиэтигэр саҥа дириэктэр анаммыта, тэрилтэ үлэтэ сэргэхсийэн, улууска ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар буоллулар. Нэһилиэк ыччата ордук хото сылдьар, көхтөөх буолла. Ол түмүгэр сэлиэнньэлэргэ, холобура Верхнеколымскайга уонна Угольнайга култуура дьиэлэрин үлэтэ тупсарылынна.
Билигин оройуон дьокутаттара үөрэх тэрилтэлэрин отчуоттарын кытта билсэллэр. Үөрэх управлениетын началынньыгын отчуотун иһиттибит. Ол түмүгүнэн дьокутааттар оройуон оскуолаларыгар үөрэнээччилэр үөрэххэ ситиһиилэрэ намтаабытын быһаарыы барар. Онон оскуолалар дириэктэрдэригэр ирдэбил ыыттыбыт. Бу хайысханан дьарыктанар анал хамыыһыйа тэриллэн билигин докумуоннары үөрэтэр, ырытар, салгыы дьокутааттар көрүүлэригэр таһаарыахтаах уонна Сэбиэт пленарнай мунньаҕар быһаарыы ылыныахпыт. Ити курдук былааннаан үлэбит тохтообокко ыытыллан иһэр.
Оройуон дьокутааттара куруук инники
Оройуоннааҕы Сэбиэккэ 15 дьокутаат талыллан үлэлиир. Билиҥҥи 5 ыҥырыы 2023 сыллаахха уопсай быыбардар түмүгүнэн талыллыбыта. Сэбиэт 5 бастайааннай хамыыһыйатын састаабыгар киирэллэр:1. Аграрнай бэлиитикэҕэ, сир, экология уонна сокуону толоруу боппуруостарыгар.2. Приватизацияҕа уонна муниципальнай баайы-дуолу дьаһайыыга, тутууга, олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатыгар, сибээс, тырааныспар өҥөтүгэр уонна эргиэҥҥэ.3. Бүддьүөт-экэниэмикэ бэлиитикэтигэр, социальнай боппуруостарга, доруобуйа харыстабылыгар, култуураҕа, дьиэ кэргэҥҥэ уонна ыччакка, уопсастыбаннаһы кытта сибээскэ, дьокутааттар этикаларыгар.4. Бастайааннай эрэбиисийэлиир хамыыһыйа.5. Бастайааннай мандаттыыр хамыыһыйа.
Үлэбит бу хамыыһыйалар ылынар былааннарынан, туруорар соруктарынан ыытыллар. Манна улахан суолтаны дьокутааттар көдьүүстээх, көхтөөх үлэлэрэ, дьаныардара ылар диэн тоһоҕолоон бэлиэтиэхпин баҕарабын.
Биһиги дьокутааттарбыт ортолоругар көхтөөхтүк үлэлиир, дьулуурдаах кэллиэгэлэрбитин ааттыахха сөп, ол курдук: Геннадий Григорьевич Прокопьевы, оройуоннааҕы Сэбиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, КПРФ Саха Сиригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмитиэтин Үөһээ Халыматааҕы отделениетын бастакы сэкирэтээрэ; Татьяна Мансуровна Артюхова, мандааттыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ; Федор Васильевич Сироткин, приватизацияҕа хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ; Федотова Марина Геннадьевна, бүддьүөккэ хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ.
Хотугу сир кыһалҕата ханна да биир
Кыһалҕаларбыт туһунан билиһиннэрдэххэ, билигин сүрүн кыайтарбатах боппуруоһунан авиабилиэт сыанатын ыарахана буолар. Бүгүҥҥү күҥҥэ Дьокуускайга диэри көтүү биир өттүгэр 60 тыһ солк. Кэлэ-бара таһаардахха, 120 тыһ солк ууран биэриэххин наада. Биһиги холбутугар ыарахан суума тахсар. Ону кытта субсидияланар билиэт аҕыйаҕа уонна прописканан көрүү олохтонуутугар, үллэһиллиитигэр боппуруостар эмиэ элбэхтэр.
Биир улахан кыһалҕанан интэриниэт сибээс мөлтөҕө буолар. Тэрилтэлэр, олохтоохтор да үлэлэригэр элбэхтик мэһэйдэтэллэр. Электроннай докумуонунан үлэлээһин күүскэ киирэ турар. Үлэбит тэтимэ онтон улаханнык тутулуктанна. Докумуону электроннайдык толорон ыытыы-ылыы бэрт уустуктардаах. Оннооҕор Госуслуганан киирэн тус кэбиниэккэ киирэн бэйэҥ докумуоҥҥун кыайан ылбаккын, киирэн наадалаах боппуруоскунунан сайабылыанньаны суруйан ыыппаккын.
Каадырынан хааччыллыы кыайтарбат. Быраастар тиийбэттэр. Судургутук биир холобуру да ылан көрүөҕүҥ. Биир ый анараа өттүгэр Зырянка аэропордугар билэр дьонум - улууспут икки олохтооҕо бултуулларыгар саа көҥүлүн ылалларыгар мэдиссинискэй көрүүнү ааһаары Дьокуускайга көтөөрү тураллара. Тоҕо диэтэргит, оройуоҥҥа нарколог быраас суох. Кэлин оройуон кылаабынай бырааһа Нетребенко Иван Александрович Тываттан нарколог бырааһы булан, кини сүрүн үлэтигэр уоппускатын кэмигэр Зырянкаҕа кэлэн бэрт элбэх мэдиссинискэй көрүүнү оҥордо. Онон биһиги олохтоохторбут үптэрин-харчыларын экэниэмиэйэлээтэ диэн махтанабыт.
Доруобуйа харыстабылыгар орто мэдиссиинискэй персоналынан хааччыйыы чааһынан биир киһи эрэнэр хамсааһына таҕыста. Быйыл Зырянкаҕа Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһин филиала аһыллан сиэстирэлэри үөрэтии саҕаланна. Бастакы бөлөххө билигин 15 олохтоох устудьуон үөрэнэр. Кинилэр толору кууруһу баран, үөрэхтэрин бүтэрэн, салгыы биһиги балыыһаларбытыгар үлэҕэ киириэхтэрэ.
Саҥа сокуон олоххо киириитэ судургута суох
Билигин олоххо киирэр олохтоох салайыныы туһунан саҥа 33№-дээх федеральнай сокуонунан салайтаран Арыылаах нэһилиэгин (Уһун Күөл) баһылыгын талыыга бэлэмнэнии процедурата бара турар. Бу нэһилиэккэ баһылыгы талыы бастакыта сатамматаҕа. Мин ол бастакы быыбары ыытыыга куонкуруһунай хамыыһыйаҕа чилиэнинэн талыллан үлэлээбитим. Быыбар ыытыллар күнүгэр туруоруммут хандьыдааттартан биирдэстэрэ бэйэтин устунарын туһунан биллэрэн, ол быыбар ыытыллыбытаҕынан ааҕыллыбыта. Билигин официальнай процедурата саҕаланан, сэтинньи ыйга хандьыдааттары туруоруу ыытыллар.
«Үөһээ Халыма улууһа (оройуона)» муниципальнай оройуон Устаабын бырайыагын оҥоруу, дьүүллэһии, көрүү балайда өр кэми ылла. Ол курдук, оройуон дьокутааттара бырайыакка 16 көннөрүүнү киллэрбиттэрэ, быыбардааһын, куоластааһын өттүгэр эмиэ элбэх боппуруостар үөскүү сылдьыбыттара, быһаарыылары чуолкайдааһын элбэх бириэмэни ылла. Онон дьокутааттар оройуон Устаабын сэтинньи 9 күнүгэр бигэргэтиллэр.
Ил Түмэн сис кэмитиэттэрин кытта үлэлэһэбит, ордук быраап салаатын кытта. Биһиги балаһыанньабатын өйдүүллэр, өйүүллэр. Билигин оройуон Устааба Дьокуускайга юстиция управлениетыгар бэрэбиэркэни ааһан бигэргэниэхтээх. Ол кэннэ оройуоннааҕы Сэбиэт регламенын олохтуохпут.
Үөһээ Халыма оройуонун дьаһалтатын уонна оройуон баһылыгын Барков Денис Валерьевиһы кытта үчүгэй, дьыалабыай сыһыаны олохтоон бииргэ үлэлэһэбит. Баһылык эдэр киһи, оройуон туһугар кыһаллар, кэскиллээх былааннардаах салайаччы. Кылаабынайа, баҕа санаата күүстээх уонна ону олоххо киллэрэр кыахтаах Аһаҕас, хас биирдии олохтоох туһугар кыһамньылаах.Онон биир соруктаах үлэлиибит, Үөһээ Халыма сайдарын, дьоно-сэргэтэ олоҕо хаачыстыбалаах буоларын туһугар түмсэбит, сомоҕолоһобут.
Алексей МАТВЕЕВ
Хаартыскалар Үөһээ Халыма дьокутааттарын оройуоннааҕы Сэбиэтин архыыбыттан
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0



