«VIII аан дойдутааҕы чөмпүйэнээт сэтинньи 27-29 күннэригэр Татарстаанҥа ыытыллыаҕа. Бүгүҥҥү күҥҥэ 50-тан тахса дойду кыттарын бигэргэттэ. Билигин сорохтор визанан сибээстээх боппуруостары быһаара сылдьаллар, 53-54 судаарыстыбаттан спортсменнары кэтэһэбит. Инники аан дойду чөмпүйэнээттэрин кытта тэҥнээтэххэ, бу муҥутуур көрдөрүү», — диэн Геннадий Васильев бэлиэтээтэ.
Саха нассынаалынай көрүҥэр улахан күрэхтэһии Арассыыйа успуордун министиэристибэтин өйөбүлүнэн ыытыллыаҕа. Тэрээһин ыытыллар сиринэн «Ак Барс» диэн ааттаах-суоллаах арена буолуоҕа.
Санатар буоллахха, Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар тоҕус саха мадьыныта киирдэ: Артур Жирков (60 кг), Ариан Григорьев (65 кг), Айсиэн Мигалкин (70 кг), Константин Жирков (75 кг), Василий Захаров (80 кг), Семен Борисов (90 кг), Семен Степанов (105 кг), Саина Седалищева (75 кг) уонна Валерия Никифорова (85 кг үөһэ).
Былырыын Монгуолуйаҕа ыытыллыбыт аан дойду чөмпүйэнээтигэр саха күрэсчиттэрэ Татьяна Баишева, Артем Зорин, Айсиэн Мигалкин, Василий Захаров, Егор Свинобоев, Айсен Атастыров, Семен Борисов, Дмитрий Попов кыһыл көмүс мэтээллэри ылбыттара. Үрүҥ көмүс призердарынан Светлана Молукова, Саина Седалищева, Артур Жирков буолбуттара. Оттон Марина Федоренко боруонса мэтээлинэн бэлиэтэммитэ.
Хаартыска Ариан Григорьев
-
1
-
1
-
0
-
0
-
0
-
0
