Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -32 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэнин) XXI пленарнай мунньаҕар эрэгийиэн Булгуччулаах мэдиссиинэ страховкатын (ОМС) территориальнай пуондатын 2027 сылга уонна 2028–2029 сыллардааҕы былааннанар кэмҥэ бүддьүөтүн туһунан сокуон ылылынна.

«Сүрүн үп-харчы ОМС территориальнай бырагырааматыгар — бастакы, суһал, анал уонна үрдүк технологиялаах мэдиссиинэ көмөтүгэр, диспансеризацияҕа, чөлүгэр түһэриигэ (реабилитацияҕа) уонна ЭКО-ҕа ыытыллыаҕа. Эбии паллиативнай көмө, ону тэҥэ ыарахан ыарыылаах оҕолору эминэн-томунан уонна чөлүгэр түһэрэр тэриллэринэн хааччыйыы үбүлэниэхтэрэ. 2027 сылга диспансеризация норматива 422 тыһыынча сырыы былаанынан биэс миллиард солкуобайтан тахса буолар. Өрөспүүбүлүкэҕэ страховкаламмыт дьон ахсаана 925 тыһыынча киһиэхэ тэҥнэһэр», — диэн Ил Түмэн пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

2027 сылга пуонда дохуота 81 млрд 911,8 мөл. солкуобай кээмэйинэн былааннанна (782,9 мөл. солкуобайынан эбилиннэ). Эһиилги сылга ороскуот 81 млрд 961,8 мөл. солкуобайга тэҥнэһиэҕэ. Оттон пуонда дохуота 2028 сылга — 86 млрд 945,2 мөл. солкуобай, 2029 сылга — 92 млрд 108,6 мөл. солкуобай буолара күүтүллэр.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0