Ол туһунан Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы -- бүддьүөт, үп, нолуок уонна сыана бэлиитикэтигэр, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаев маннык кэмэнтээрийдээтэ:
--Пленарнай мунньах бастакы күнүгэр 2027 сыллаах уонна былааннанар 2028-2029 сыллардаах бүддьүөт сокуонун бырайыагын бары куоластаан ылынныбыт. Биллэрин курдук, быйыл бүддьүөтү ылыныы, көрүү хайа да сыллардааҕар ыараханнык ааста. Ол тоҕото өйдөнөр. Биһиги уопсай дохуоттаах чааспыт өттүгэр атын эрэгийиэннэри кытта тэҥнээтэххэ, лаппа улаатта, ол 17 млрд солкуобайга тэҥнэһэр. 2028-2029 сыллары ылан көрөр буоллахха, 400 млрд. солкуобайга чугаһаан эрэбит. Тоҕо итинник буолбутун Ил Дархаммыт Айсен Николаев чуолкайдык быһааран биэрдэ. Эрдэ өтө көрөн, гаастан уонна ньиэптэн дохуот киириитэ улаатта. АЛРОСА дохуота кыччаабыт кэмигэр, ону өссө сабан ону таһынан эбии киирэрэ ситиһилиннэ. Арассыыйа Федерациятыттан датаассыйаны ылыыга Ил Дархан Айсен Николаев уонна РФ Судаарыстыбаннай Дууматыгар дьокутааппыт Галина Данчикова көмөлөрүнэн, туруорсууларынан уонна бары өттүнэн сөптөөх үлэ ыытыллыбытын түмүгэр, бүддьүөтү тэҥниир датаассыйаҕа 7 млдр солкуобайынан элбэҕи ыллыбыт. Быйыл эрэгийиэннэртэн элбэх датаассыйаны ылбыт биһиги эрэ буолабыт. Атыттар киэннэрэ 2026 сылтан кыра буолла эбэтэр бу сыллааҕы кээмэйинэн хаалла. Онон иккис ааҕыыга 41 млрд солкуобайы уопсай суумаҕа эбии көрөн, ону салааларынан үллэрдибит. Хомойуох иһин, хайысхалары барыларын хайдах да хаппатабыт.
Төһө даҕаны бүддьүөт балаансаланан ылыллыбытын иһин кэлэр 2027 сылга дохуоту улаатыннарыыга уонна ону тэҥэ, Арассыыйа Федерациятыттан эбии үбү ылыыга күүстээх үлэ ыытыллыан наада. Улахан үлэ бэйэбит иһинээҕи ороскуоппутун кыччатарга сыал-сорук туруоруллан үлэ барыахтаах диэн тоһоҕолоон бэлиэтиибин. Маны оҥорботохпутуна, 2027 сылга ылыммыт эбэһээтилэстибэбитин кыайан толорбот кыахтаахпыт. Сыл саҕаланыыта элбэх тэрээһиннэр ыытыллаллара этилиннэ. Онон бу өттүгэр сөптөөх үлэ ыытыллыан наада. Бу туһунан эрдэ СӨ Бырабыыталыстыбатыгар да эппитим. Онон бу өттүгэр бырабыыталыстыба да, дьокутааттар да сөбүлэһэннэр ити өттүгэр сөптөөх үлэ ыытыллыаҕа.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
