Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -32 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Бүгүн, сэтинньи 28 күнүгэр  11 частан «Өрөгөй» успуорт уораҕайыгар Ил Түмэн IV ыҥырыытын (2008-2013 сс.) дьокутаатынан үлэлии сылдьыбыт, саха тустуута сайдыытыгар бэйэтин сүҥкэн кылаатын киллэрсибит Арассыыйа успуордун маастара Александр Владимирович Крылов кэриэһигэр көҥүл тустууга Бүтүн Арассыыйатааҕы бэһис турнир саҕаланаары турар.

Бүгүн, сэтинньи 28 күнүгэр  11 частан «Өрөгөй» успуорт уораҕайыгар Ил Түмэн IV ыҥырыытын (2008-2013 сс.) дьокутаатынан үлэлии сылдьыбыт, саха тустуута сайдыытыгар бэйэтин сүҥкэн кылаатын киллэрсибит Арассыыйа успуордун маастара Александр Владимирович Крылов кэриэһигэр көҥүл тустууга Бүтүн Арассыыйатааҕы бэһис турнир саҕаланаары турар.

Хапсыһыылар эр дьоҥҥо, ирдэбил быһыытынан – 57, 61, 65, 70, 74, 79, 86, 92, 97, 125 кг ыйааһыннарга ыытыллаллар. Бу түһүлгэ бэйэтин уратытын быһыытынан, кыайыылаахтар ортолоругар сүрүн бириис – 1 мөл. солк. харчы оонньонуо. Ыйааһыннарынан бастаабыттар — 70, иккис буолбуттар — 50, үһүстээбиттэр — 30 тыһ. солк. харчынан наҕараадаланыахтара. Оттон кыайыылааҕы бэлэмнээбит тириэньэр 20 тыһ. солк. бэлиэтэниэҕэ.

Күрэхтэһии тосхолун быһыытынан, бүгүн бары ыйааһыннарга сэрэбиэй оҥоһулунна. Тэрийээччилэр биллэрбиттэринэн, күрэхтэһиигэ Адыгея, Бүрээтийэ, Иркутскай, Красноярскай, Новосибирскай, Хотугу Осетия – Алания, Смоленскай, Тыва, Хабаровскай уонна Саха Сирин хамаандаларыттан барыта 133 бөҕөс сэрэбиэйи ааста диэн dzulurgan.ru биллэрдэ.

57 киилэҕэ 23 бөҕөс баар. Манна, көрдөрүүлэринэн, ситиһиилэринэн аттаран сеткаҕа (сэрэбиэйгэ) Артур Чебодаев (Красноярскай) бастакы, Эртине Иргит (Иркутскай) иккис, Любомир Ашеин (Саха Сирэ) үһүс, Алексей Копылов (Саха Сирэ) төрдүс нүөмэрдэринэн туруоруллубуттар. Сэрэбиэй – сэрэбиэйинэн! Ким күүстээҕин, бастыҥын көбүөр көрдөрүө турдаҕа. Ашеинтан, Копыловтан ураты, эдэр уолаттарбытыттан, Михаил Осиповтан, Анатолий Ивановтан үчүгэй тустууну күүтэбит.

61 кг – 16 киһи сэрэбиэйи ааспыт. Манна суруйарга сэрэхтээх. Сэрэбиэйгэ суруттаран баран, ыйааһыны ааспат, күрэхтэһиигэ киирбэт түгэннэр эмиэ көстөр буоллулар. Ол да буоллар, бу сырыыга сэрэбиэйи ааспыттар бары көбүөргэ тахсаллар ини диэххэ. Бу ыйааһыҥҥа Лев Павлов бастакы, Кудер Монгуш (Тыва) иккис нүөмэрдэринэн талыллыбыттар. Манна даҕатан эттэххэ, кэлиилэртэн Монгуш эрэ баар, уоннааҕылар – барыта бэйэбит уолаттарбыт. Сетканы көрдөххө, күүстэр хабааннаһыылара тэҥ курдук. Лев Павлов бөлөҕөр Федор Постников, Яков Павлов, Артём Слепцов, Егор Явловскай, Дьулус Петров курдук тэҥ сыһа таһымнаахтар киирбиттэр. Чопчу бу бөҕөс кыайыан сөп диэн киһи сатаан эппэт. Оттон иккис бөлөххө Монгушка – Николай Заболоцкай, Александр Жданов, Дамир Явловскай утарсыыны оҥороллорун кэтэһэбит.

65 киилэҕэ 25-лэр. Манна сэрэбиэй хайдах баарынан, ол аата, күүстээхтэри араартаабакка оҥоһуллубут. Үөһэ бөлөххө сэрэйдэххэ сүрүн киирсии тувинец Эзир Тюлюш, биһиги Эдуард Поповпут, Александр Авеловпыт, Виктор Яковлевпыт (хайа аатай, бу сырыыга көбүөргэ тахсар ини?! Куорат чемпионатыгар, Кычкин түһүлгэтигэр, Коркин тустуутугар барытыгар сэрэбиэйгэ киирэн баран, бииригэр даҕаны кыттыбатаҕа), Юрий Винокуровпыт икки ардыларыгар буолара буолуо. Иккис бөлөххө Аслан Трофимов, Ньургун Терентьев, Ахмед Хумидов (Красноярскай), Манчаары Ильинов, Юлиан Григорьев курдук күүстээхтэр бааллар.

70 кг барыта 24 бөҕөс сэрэбиэйи ааспыт, ааспыт сэттиэлэҕэ Коркин тустуутугар бастаабыт Игорь Матвеев бастакы, ити күрэхтэһиигэ бэһистээбит Юра Айрапетян (Красноярскай) иккис бөлөхтөргө араарыллыбыттар. Матвеев өртүгэр – Арсен Кононов, бурят Игорь Упхоев бааллар. Оттон Айрапетян бөлөҕөр Коркин турнирын 65 киилэҕэ кыайыылааҕа Чаяан Монгуш (Иркутскай), үһүс миэстэлээх Владислав Кривошапкин уонна Сергей Некрасов курдуктар бааллар.

74 киилэҕэ 13 бөҕөс суруттарбыт. Бу ыйааһыҥҥа Константин Капрыновы уонна Владимир Бояновскайы бөлөхтөр баһылыктарынан туруорбуттар. Капрыновка – Якубов (Красноярскай), Кажаров (Адыгея), Олег Фомин бааллар. Оттон Бояновскай бөлөҕөр – Айсен Потапов, Сергей Якимов (Иркутскай) бааллар. Дьэ, хайалара буолар?

79 кг – уон бөҕөс баар. Төһө да аҕыйах курдуктарын иһин, ааттарыттан-суолларыттан көрдөххө, күүстээх бөҕөстөр мустубуттар. Буолан ааспыт Д.П. Коркин кэриэһигэр түһүлгэ кыайыылааҕа Никита Сучков (Красноярскай), призёрдар Дмитрий Куприн, Дмитрий Будожапов эмиэ бааллар. Дьэ, бу бөҕөстөргө биһиги уолаттарбыт: Иннокентий Бабаранов, Алексей Захаров утарсыахтара дуо?

024 copy copy

86 киилэҕэ сэттэ бөҕөс сэрэбиэйи ааспыт. Онон кинилэри икки бөлөххө арааран баран, баар балаһыанньаҕа олоҕуран эргиир систиэмэтинэн киириһиннэрэр буолбуттар. Манна буряттар Буянто Шадапов, Бато Кырмыгенов, Красноярскайтан Азрет Улимбашев бааллар. Биһиэннэриттэн Ньургун Степанов, Арсен Макаров, Артур Слепцов киирсиэхтэрэ.

92 кг эмиэ сэттиэлэр. Бастакы бөлөххө Никита Софронов – Рамазановы (Хабаровскай), Жибаловы (Улан-Удэ), Юршины (Иркутскай) кытта күөн көрсүөҕэ. Иккис бөлөххө үс киһиттэн Дмитрий Зайнитдиновы (Красноярскай) чорботуохха сөп.

97 киилэҕэ үс эрэ бөҕөс: Юрий Иванов (Иркутскай), бэйэбит уолаттарбыт Степан Иванов, Максим Толмачев суруттарбыттар.

Ыарахан ыйааһыҥҥа (125 кг) – бэһиэлэр: Никита Хабаров, Адам Николаев, Михаил Николаев, Ньургун Чукров уонна Хотугу Осетия аатыттан кыттар Харысхан Баппаҕай. Дьэ, сэрэбиэйи кылгастык билиһиннэрдэххэ итинник.

Күрэхтэһии 11:00 чаастан саҕаланан, быһаарыылаах сүрүн хапсыһыыга көрсүөхтээх бөҕөстөрү талыыга диэри барыта, тохтобула суох ыытыллар.

Күрэхтэһиини үөрүүлээхтик аһыы 14:00 чаастан буолуоҕа. Бука барыгытын “Өрөгөй” күрэс уораҕайыгар, тустууга ыҥырабыт! Киириитэ – босхо.

Петр ПАВЛОВ

Хаартыскалар  "Дьулурҕан" саайтан

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0