Сэтинньи 25 күнүгэр, дэкээдэ аһыллытыгар Саха тыйаатырыгар бастыҥ олоҥхоһуттарга, оһуохайдьыттарга, уустарга уонна норуот маастардарыгар Ил Дархан истипиэндьийэлэрэ туттарыллыбыттара, «Бастыҥ Олоҥхо педагога», «Олоҥхо мэссэнээтэ», «Уруйдан, улуу олоҥхобут» күрэхтэһии кыайыылаахтара бэлиэтэммиттэрэ. Олоҥхо тыйаатыра Андрей Титаров олоҥхотунан «Хардааччы Бэргэн» этно-рок испэктээҕи көрдөрбүтэ.
Бүтүн Арассыыйатааҕы билим оскуолата сэтинньи 24-26 күннэригэр «Фольклору уонна эпоһы үөрэтиини сыыппара технологиятынан» диэн билим кэмпириэнсийэтин Арассыыйа Федерациятын үрдүк үөрэҕин бочуоттаах үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин билимин үтүөлээх диэйэтэлэ, П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбанной бириэмийэ лауреата, «Памятники фольклора народов Сибири и Дальнего Востока» акадьыамыйа сиэрийэтин, «Саха боотурдара» өрөспүүбүлүкэтээҕи сиэрийэ редкэллиэгийэлэрин чилиэнэ, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ бэрэпиэссэрэ, тыл үөрэҕин билимин дуоктара Василий Василий Илларионов 80 сааһыгар анаан ыытта. Кэмпириэнсийэ бастакы үс күҥҥэ Инновационнай менежемент үрдүкү оскуолатыгар сиэксийэлэрин үлэлээтэ.
Түмүк пленарнай мунньах сэтинньи 27 күнүгэр култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин бастакы солбуйааччы Мария Турантаева салайыытынан, Бырабыыталыстыба 2-с №-дээх дьиэтин аактабай саалатыгар буолла, Василий Илларионовы 80 сааһынан чиэстээһиҥҥэ ананна. Онно Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, Ил Дархан иһинэн Олоҥхо Үһүс уон сылын бэлэмниир, ыытар нассынаалынай тэрийэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, Ил Түмэн билимҥэ уонна үөрэххэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Григорьева, үбүлээр үөлээннээхтэрэ, биир идэлээхтэрэ, биир дойдулаахтара, үөрэнээччилэрэ, араас улуустартан олоҥхоһуттар кытыннылар. Тыл бастакынан Александр Жирковка бэрилиннэ.
– Баһылай Баһылайабыс дьоллоох киһи. Бастатан туран, таптыыр идэтин ылан, иккиһинэн, таптыыр үлэтигэр үлэлээн уонна үсүһүнэн, таптыыр кыыһын кытары дьылҕатын холбоон, айымньылаахтык үлэлээн-хамсаан, биллиилээх учуонай, ытыктанар ыал, үс оҕо аҕата, элбэх сиэн, хос сиэн эһэтэ буолан, 80 сааһын көрүстэ. Үнүбэрсиэккэ киирбит бастакы күннэриттэн, олоҥхону үөрэтиигэ, хомуйууга ылсан, күн бүгүнүгэр диэри, ол эбэтэр 60 сыл устата дьарыктанан кэллэ. Саха тылынан уус-уран айымньытын, олоҥхотун үөрэтэр учуонайдартан кини саамай хорутуулаахтык, далааһыннаахтык уонна түмүктээхтик үлэлии-хамсыы сылдьар, – диэтэ Александр Николаевич.
Салгыытын «Ил Түмэн» хаһыат кэлэр нүөмэригэр сиһилии ааҕыаххыт.
Хаартыска: ааптар түһэриитэ уонна Василий Илларионов архыыба.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0

