Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -37 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Массыына суолун салалтата иһитиннэрэринэн, Өлүөнэ өрүһү “Хатас – Павловскай” туһаайыытынан мууһунан сырыы 3 туоннаҕа диэри ыйааһыннаах тимир көлөҕө көҥүллэннэ. Онон, быһа холоон, 7-кэ арыллыахтааҕын түөрт күн эрдээлээтэ.

Бүгүн, ахсынньы 3 күнүгэр, ыйааһыны уонна тиэхиньикэни хонтуруоллуур хамыыһыйа мууһунан туоруур суолу тутта. Туорааһыҥҥа икки сүрүн суол үлэлиир. Итиэннэ биир резервэҕэ баар.

Муус төһө халыҥыырыттан көрөн, 3 туоннаттан ыарахан ыйааһыннаахтары түһүмэхтэринэн көҥүллүөхтэрэ. Суолга куттал суох буоларын хааччыйар туһуттан өрүс икки өттүгэр ыйааһыны хонтуруоллуур пууннар уонна видеоҕа устар тэриллэр күннэри-түүннэри үлэлиэхтэрэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21