Санатар буоллахха, Арассыыйаҕа аан бастаан коронавирустан утары вакцинаны айбыттара. Бу вакцина ковид-19 компонена суох, аҥардас киһи аденавируһугар олоҕуран үөскэтиллибит. Иккитэ төхтүрүйэн прививкэлэннэххэ, иммунитет икки сыл сылдьар.
Клиническэй чинчийиилэр түмүктэринэн, биир да киһиэхэ куһаҕаннык дьайбатах. Онон саҥа вакцина туох да буортута суоҕа дакаастаммыт. “Спутник V” вакцинаны Арассыыйаҕа икки сиргэ: Н.Ф. Гамалея аатынан эпидемиология уонна микробиология национальнай чинчийэр институтугар уонна «Биннофарм» хампаанньаҕа оҥороллор.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0