Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -37 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Бэс ыйын 14 күнүнээҕи туругунан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр вакцина ирдэниллэр икки дозатын 136 100 киһи ылбыт.

Бэс ыйын 14 күнүнээҕи туругунан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр вакцина ирдэниллэр икки дозатын 136 100 киһи ылбыт.

Былаан быһыытынан, өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 695109 киһиэхэ быһыы бэриллиэхтээх. Ол эбэтэр нэһилиэнньэ 70,8%-на хабыллыахтаах. Бүгүҥҥү туругунан былаан 26%-на эрэ туолбут. Быһыыны ылааччылартан 33 тыһыынча киһитэ 60 үөһээ саастаах дьон. Быһыы бастакы компоненын 185 275 киһи ылбыт. Ол туһунан коронавирус ыарыыны утары охсуһар суһал ыстаап иһитиннэрэр.

Саха сиригэр быһыыны күргүөмүнэн биэрии саҕаланыаҕыттан 208109 вакцина кэлбит. Онтон 89% -на туһаныллыбыт.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21