Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

«Инвитро-Сибиир» кылаабынай бырааһа Поздняков этэринэн, COVID-19 саҥа долгунугар дьыл кэмин дьаҥнара (ОРВИ, грипп)  булкуһан, балаһыанньаны өссө  уустугурдан биэриэхтэрин сөп.

«Инвитро-Сибиир» кылаабынай бырааһа Поздняков этэринэн, COVID-19 саҥа долгунугар дьыл кэмин дьаҥнара (ОРВИ, грипп)  булкуһан, балаһыанньаны өссө  уустугурдан биэриэхтэрин сөп.

 

"Күһүҥҥү ыарыы долгуна сайыҥҥыттааҕар улахан уратыта суох буолуо, ол гынан баран,  дьыл кэмин сыстыганнаах ыарыылара эбии кыттыһан, балаһыанньаны уустугурдуохтарын сөп. Аны туран, үөрэх дьыла саҕаланыытынан сибээстээн, оҕолор ыалдьаллара элбиэҕэ", -- диэн "Инвитро- Сибиир" клиническэй-диагностическай лаборатория кылаабынай бырааһа Андрей Поздняков кэпсиир

"Сайыҥҥы ыарыы долгунуттан улахан ураты тахсыа суоҕа, бу иннинээҕиттэн кырата суох буолуо. "Дельта" штамм тарҕаныыта уҕарыйбат, эбиитин сайын элбэх сутуллууну таһаарбыт «дельта- плюс» өрө туруоҕа. Ол аата, сааһыттан тутулуга суох, ыарыыга  бары сыстыахтарын сөп", — диэтэ Поздняков.

 Күһүн аайы элбиир "микст- инфекциялар" диэн ааттанар респираторнай сыстыганнаах ыарыылары кытары вирус дьүөрэлэһиитэ тахсыан сөбүн эттэ. Ол гынан баран, дельта-штамм маннык усулуобуйаларга хайдах буолара биллибэт: "Биир кэмҥэ ыарыы сыстыыта элбээбитигэр, чинчийии түмүгүнэн, коронавирус «дьиикэй» штаммыгар итирдик буола сылдьыбыта", -- диэн быраас быһаарда.

Үөрэх дьыла саҕаланан, оскуола, оҕо уһуйааннара үлэлиир буолан, ыалдьыбыт оҕо ахсаана элбиир. Поздняков этэринэн, быһыы ылбыт дьон ыалдьар түгэннэрэ тахсар, ол гынан баран, ылбатах дьонтон чэпчэкитин аһараллар.

"Пандемия саҥа долгуна, эрдэтээҥҥилэр курдук, биһиги көрүүбүтүнэн, икки-үс ый устата салҕаныа", - диэн этэр, онуоха эбии локдаун буолбата буолуо диэн сабаҕалыыр.

Кини этэринэн: "Быраастар күн бүгүн ыарыы саҥа долгуннарыгар хаһааҥҥытааҕар даҕаны бэлэмнэр, нэһилиэнньэ барыта баар эпидемиологическай дьаһаллары тутуһар буоллаҕына, локдаун тахсыа суоҕа", -- диир.

"Өссө ыарыы таһыма үрдүөн иннинэ ый кэриҥэ баар. Ол аата, быһыыны ыалдьыбыт дьону кытары уочараттаабакка, быһыы кэлэн бүтэ илигинэ, уонна көһүппэтэх өттүгүттэн ыксаллаах быһыы-майгы тахса илигинэ, ыларга бириэмэ баар",- диэн быраас түмүктээтэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением