- Айсен Сергеевиһы кытта балайда алтыстым. Мин кини дойдутун туһугар күүстээх үлэни федеральнай таһымҥа ыыта сылдьарын, билиитин, дьоҕурун дойдута чэчирии сайдарыгар уурарын биһириибин. Олоҕун орто омурҕанын дьону-сэргэтин ортотугар, үлэ үөһүгэр көрсөрө – бу кини дьоло диэн сыаналыыбын. Эдэр сааһыттан эппиэттээх дуоһунаска үлэлээн, билигин өрөспүүбүлүкэбит баһылыгын быһыытынан Сахатын сиригэр үтүөнү оҥорор улахан соруктаах. Мин кинини кытта алтыһа, сарсыҥҥыны айа-тута сылдьарбыттан чахчы да киэн туттабын. Айсен Сергеевичка баҕарыам этэ, бу ылбыт ахсым тэтимҥин ыһыктыбакка иннин диэки хорсуннук дьүккүйэн ис, кэннигэр омугун дьоно халыҥ халҕаһа буолан туралларын хаһан умнубаккар. Чиргэл тиит курдук чэгиэн туругу, сааскы халлаан кэриэтэ сырдык санааны! Өрө тахсыылаах, дьоһун ситиһиилэрдээх үлэҥ төрөөбүт Сахаҥ сирин сайыннара турдун, дойду инники кирбиитигэр буоллун! Дьиэ кэргэҥҥин, чугас дьоҥҥун ыарыы-дьаҥ тумуннун, ил-эйэ, баай-тот олох, дьол-соргу эрэ иилии куустун!, - диэн Руслан Еремеевич истиҥ санаатын этэр.
"Амма олоҕо" хаһыат
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0