Санатар буоллахха, бу саас коронавирус дьаҥын саамай сытыырхайар кэмигэр тэрилтэлэр үлэһиттэрин ыраахтан олорон үлэҕэ ыыппыттара. Итинтэн сылтаан «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа РФ Үлэҕэ кодексатыгар кэккэ көннөрүүлэри бэлэмнээбитэ. Онно сүрүн соругунан ыраахтан олорон үлэ кэмигэр исписэлиис уонна үлэни биэрээччи бырааптарын уонна эбээһинэстэрин чопчулуур сыал-сорук турбута. Итини тэҥэ, докумуон үлэ уонна үлэһит сынньанар кэмин пуорматын, кыраныыссатын бэрээдэктиир. Тустаах баартыйа дьокутааттара бэлиэтииллэринэн, сокуон бырайыага профсойуустары уонна үлэни биэрээччилэри кытта дьүүллэһиллэн үчүгэйдик ырытыллыбыт. Судаарыстыбаннай Думаҕа «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа фракциятын салайааччытын бастакы солбуйааччы Андрей Исаев быһаарбытынан, РФ Үлэҕэ кодексатыгар көннөрүүлэри сэтинньи ыйга хайаан да ылыныллыахтаах, оччоҕуна ол көннөрүү 2021 сыл тохсунньу 1 күнүттэн олоххо киирэн, үлэлээбитинэн барыахтаах.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0