Онуоха улууска суһал ыстаап тута тэриллэн үлэлээбитэ. Бу ыстаабы Ил Түмэн ыччат дьыалаларыгар, физическэй култуураҕа уонна спорка сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Гуляев сүрүннээбитэ.
Бүгүн, ол эбэтэр алтынньы 13 күнүгэр, Ил Түмэн мунньахтыыр саалатыгар норуот дьокутаата Михаил Гуляев Чурапчы баһаарын бохсууга сылайары аахсыбакка хорсуннук үлэлээбит доброволецтары чиэстээтэ.
--Чурапчытааҕы суһал ыстаап, Ил Түмэн уонна тус бэйэм ааппыттан эһиэхэ ис сүрэхпиттэн махтанабын. Ыксаллаах кэмҥэ дойдуга бэриниилээххитин көрдөрдүгүт. Биир да түгэҥҥэ сүрэҕэлдьээн сыппыт, баһаар үөһэнэн барбытыгар куттанан куоппут киһи диэн суоҕа, ол онтон улаханнык үөрбүтүм. Дойдуга өй-санаа, майгы-сигили, эт-хаан өттүнэн күүстээх ыччаттаах норуот өлөн-охтон биэрбэт, – диэн киэн тутта этэн туран, Михаил Дмитриевич ис сүрэҕиттэн махтанан туран, кэмитиэтин аатыттан “Чурапчы улууһун Мугудай бөһүөлэгэр буолбут баһаары бохсууга үтүө суобастаах үлэтин, улахан кылаатын иһин” диэн ис хоһоонноох грамоталары, итиэннэ “Дохсун” спорт комплексын эрчиллэр саалатыгар, “Чолбон” бассыайыҥҥа абонеменнары туттартаата. :
Наҕараадаланнылар:
-- “Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата” кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ үлэһиттэрэ – Иннокентий Марков (тэрилтэ уопсай боппуруостарын уонна үлэһиттэрин салалтатын начаалынньыга), Павел Григорьев (үп, экэниэмикэ салалтатын начаалынньыгын солбуйааччы), Александр Пшенников (сүрүн исписэлиис), Владимир Сивцев (сүрүн исписэлиис);
-- Аартыка норуоттар икки ардыларынааҕы оскуолатын үлэһиттэрэ – Геннадий Лукин (иитэр-үөрэтэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы), Петр Федоров (кампус иитээччитэ), Александр Парфенов (история уонна обществознание учуутала), Александр Сыромятников (информатика учуутала), Алексей Филиппов (физическэй култуура учуутала);
-- Павел Никифоров – “Якутскэнерго” Дьокуускайдааҕы Саха ГРЭС салаатын инженерэ;
-- Михаил Макаров – М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Мэдиссиинэ институтун 4 кууруһун устудьуона.
Аартыка норуоттар икки ардыларынааҕы оскуолатыттан Александр Парфенов кэллиэгэлэрин хайдах түмэн, баһаар кэмигэр үлэлэрин туһунан санаатын үллэһиннэ:
--Баһаардар күн-түүн элбии тураллара дьиксиннэрбитэ. Хайдах эмэ гынан көмөлөһөр санаа үөскээбитэ. Онуоха баһаары бохсууга баҕалаахтары хомуйар туһунан биллэриини бассаапка аахпытым. Дьэ, уонна кэллиэгэлэрбин түмэн, кинилэр эмиэ истэригэр буһа сылдьыбыт санааларын күөдьүтэн, баһаар ханна буола турарынан көмөлөһө барарга санаммыппыт. Бастаан Бэс Күөлүгэр барарбыт буолуо дии санаабыппыт. Онтон суһал уопсастыбаннай ыстаап Чурапчыга ыыппытыгар биир өттүнэн үөрбүтүм. Чурапчы миэхэ иккис дойдум кэриэтэ, ийэм бу улуустан төрүттээх, сайын аайы эбэбэр сайылыы кэлэрим. Уопсайынан, баһаары эппитинэн-хааммытынан биллибит, Интэриниэккэ көрөрдөөҕөр өссө кутталлаах, үлэтэ ыарахан эбит. Биһиги маҥнай кэлээт да, киинэҕэ курдук, тута шланганан уу ыстаран киирэн барыахпыт дии санаабыппыт. Ол эрээри күрдьэх тутан баран, баһаар салгыы барбатын диэн, минерализованнай хаһыылары оҥорбуппут, мастары эрбээбиппит, итиэннэ үрүсээк сүгэ сылдьан, күөдьүйэн эрэр уоттары умуллартаабыппыт. Уопсайа 5 күн үлэлээбиппит, тэрилтэбэр анал таҥаһынан-сабынан, респиратордаах мааскаларынан хааччыйбытыгар махтанабын.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0