Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -21 oC

Балаҕан ыйын 17-19 күннэригэр Арассыыйа Федерациятын Судаарыстыбаннай Думатын дьокутааттарын быыбара буолан ааста. Балаҕан ыйын 20 күнүн сарсыардатыгар куоластааһын түмүгэ номнуо билиннэ.

Балаҕан ыйын 17-19 күннэригэр Арассыыйа Федерациятын Судаарыстыбаннай Думатын дьокутааттарын быыбара буолан ааста. Балаҕан ыйын 20 күнүн сарсыардатыгар куоластааһын түмүгэ номнуо билиннэ.

Саха сирин Киин быыбардыыр хамыыһыйатын иһитиннэриитинэн, бу мүнүүтэҕэ РФКП (КПФР) “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйаны кэннигэр хаалларан инники күөҥҥэ таҕыста. Билиҥҥитэ бүллүтүөннэри ааҕыы 100 % тэҥнэстэ. Онон хомуньуустар өрөгөйдүүллэр.

Сибилиҥҥи дааннайынан, РФКП – 35,15 %, “Биир ньыгыл Арассыыйа” – 33,22 %, “Новые люди” – 9,87 % ыллылар.

Биир мандаттаах уокурукка хомунуьуус Петр Аммосов эрэллээхтик бастаата. Кини 21,61 % куолаһы ылла. “Ньыгыллар” хандьыдааттара Петр Черкашин 20,07 % куоластаах. “Сиэрдээх Арассыыйа” Саха сиринээҕи лиидэрэ Федот Тумусов үһүс сылдьар. Киниэхэ быыбардааччы 19,55 % куолаһын биэрдэ.

WhatsApp Image 2021 09 20 at 07.59.47

Петр Аммосов “Ил Түмэн” хаһыат саайтыгар эрдэтээҕи интервьютугар кыайыыга бүк эрэллээҕин уонна "реванштыырын" туһунан эппитэ. Интервьютун бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ: Петр Аммосов Госдума быыбарыгар хаттаан турда уонна кыайыыга бүк эрэллээх.

Матырыйаал саҥардылла уонна эбиллэ турар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31