Ону таһынан, быыбарга кыттыы 51,68% тэҥнэспитин, бу көрдөрүү 2016 сыллааҕар үрдээбитин туһунан бэлиэтээтэ.
«Нэһилиэнньэ быыбарга көхтөөхтүк кыттыыта Судаарыстыбыннай Дуума дойду былааһын үрдүкү бэрэстэбиитэллээх уорганын олохтуурга улахан суолталааҕын көрдөрөр», – диир Владимир Путин.
Салгыы дойду салайааччыта Арассыыйатааҕы парламент аллаараа балаататын үлэтиттэн дойду бигэтэ, сайдыыта уонна инникигэ дьулуһуута быһаччы тутулуктааҕын болҕомтоҕо ылла.
«Араас баартыйалартан түмүллүбүт Судаарыстыбыннай Дуума саҥа VIII ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутааттара үлэлэригэр эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан, бэйэлэрин күүстэрин холбоон, сыраларын ууран туран дьон интэриэһин көмүскүөхтэрэ, талан ылбыт дьонун итэҕэллэрин толоруохтара диэн эрэнэбин. Биһиги бары биир сыаллаахпыт –дойдубут уонна олохтоох дьон сайдаллара», – диэн Владимир Путин баҕа санаатын тиэртэ.
СӨ Ил Дарханын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын иһитиннэриитинэн.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0