Алексей Еремеев, Ил Түмэн судаарыстыбаннай мунньаҕын тутууга уонна сокуоннаска хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ:
— 2019 сылга социальнай-экэнэмиичэскэй өттүгэр сөптөөх, тоҕоостоох уларыйыылар буолбуттарын Ил Дархан итэҕэтиилээхтик иһитиннэрдэ. Бырамыысыланнас улахан инвестиция бырайыактарын көмөлөрүнэн сайдыбыт. Саамай сүрүнэ, тыа хаһаайыстыбатын көрдөрүүтэ биллэрдик улааппыт. Бу ситиһии өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ бигэ туруктаах буоларыгар төһүү күүһүнэн буолара чуолкай.
Владимир Прокопьев Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:
— Экология боппуруостарынан быһаччы дьарыктанар кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ буоларым быһыытынан, 2019 сылга ити өттүгэр элбэх үлэ ыытыллыбытын сэргии иһиттим. 2018 сыллаахха Бүлүү өрүскэ кирдээх уу ыытыллыбытын кэнниттэн Бүлүү бөлөх улуустарын нэһилиэнньэтин ыраас уунан хааччыйыыга сөптөөх үлэ ыытылла турар, инники да өттүгэр ыытыллыаҕа. Итини тэҥэ, Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй боппуруостары быһаарыыга Ил Түмэни кытта бииргэ үлэлииргэ бэлэмин туһунан эппитэ саамай сөп. Тоҕо диэтэххэ, бары биир санаанан салайтаран үлэлээтэхпитинэ, элбэҕи ситиһиэхпит, оҥоруохпут.
Павел Ксенофонтов, норуот дьокутаата:
— Ааспыт нэдиэлэҕэ Ил Дархан Айсен Николаев отчуотун бары болҕойон, интэриэһиргээн иһиттибит. Айсен Сергеевич сыыппара өттүгэр куруук үчүгэй, чуолкайдык этэр. Бырамыысыланнаска олохтоох каадыры сыһыаран үлэлэтиигэ этэр буоллахха, биһиги электрик, слесарь, гаас идэтигэр бэлэмниибит. Манна биири өйдүөххэ наада. Биһиги үөрэттэрбит каадырдарбыт идэлэрэ сорох хампаанньаларга барсыбат. Итинтэн сиэттэрэн, Айсен Николаев ыччаты бырамыысыланнаска сыһыаран үлэлэтэр инниттэн улахан хампаанньалар базаларыгар бэлэмниэхпит диэбитин биир бэйэм саамай сөптөөх быһаарыныы диибин. Маны быһаччы тутустахпытына, улахан хампаанньаларга биһиги дьоммут үлэлии киирэллэрэ элбиэҕэ. Улахан хампаанньалары кытта эрдэттэн анал дуогабар түһэрсиллиэхтээх. Айсен Николаев коронавирус дьаҥын кэнниттэн дьоммут улахан хампаанньаларга үлэлии хаалалларын ситиһиэхтээхпит диэбитин сэргии иһиттим.
Руслан Федотов, норуот дьокутаата, биллэр урбаанньыт:
— Чуолаан, тыа хаһаайыстыбатын боппуруоһугар тохтуом. Эһиилгиттэн сүөһү төбөтүгэр үбүлээһин көрүллэрэ дьону сэҥээрдэр. Саха сиригэр ынах сүөһү ахсаана кэнники сылларга таҥнары түһүүтэ тохтоон, 2019 сылтан элбээбитэ бэлиэтэннэ. Аммаҕа тыа хаһаайыстыбатын салаатынан дьарыктанааччылар сүөһү, сылгы иитиитигэр көмө оҥоһулларын эрэйэллэр.
Биллэн турар, Сахабыт сирин инники сайдыытыгар региональнай былаас федеральнай киини кытта ыкса, быстыспат ситимнээхтик үлэлиирин үтүө түмүктэрэ чуолкайдык көһүннэ. Ону кыттыгас бырайыактар олоххо киириилэрэ түргэтээбитэ туоһулуур. Холобур, элбэх сыл кыайан оннуттан хамсаабакка турбут Өлүөнэ күргэтин тутуутун боппуруоһа быһаарылынна.
Айсен Николаев отчуотугар пандемия кэнниттэн өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин тирэҕинэн инновационнай уонна креативнай биисинэс буолуохтааҕын туһунан ыйбыта саамай сөп. Онон инновация уонна креатив өрүттэрдээх биисинэс саҕахтара аһыллыахтара диэн этиини дьон болҕомтотугар ылыахтаах. Билиҥҥи кэмҥэ дохуоттанар туһугар дьон өйө-санаа, толкуйа уларыйарыгар күүстээх хамсааһын тэриллэн эрэр. Дьиэҕэ хааччахтанан олоруу эрэсиимигэр иһитиннэрэр-биллэрэр технология күннээҕи олоххо-дьаһахха уонна экэниэмикэ бары салааларыгар сүрүн хамсатар күүс буоларын бары итэҕэйдибит.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0