Владимир Прокопьев, Ил Түмэн Судаарыстыбаннай тутулга уонна олохтоох салайыныыга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:
- Быйыл боростуойа суох сыл ааһан эрэр. Олунньу 24 күнүттэн саҕаламмыт анал байыаннай дьайыы биһиги олохпутугар-дьаһахпытыгар, экэниэмикэҕэ атын ирдэбиллэри туруорда. Бу кэмҥэ өрөспүүбүлүкэбит парламена баар балаһыанньаны учуоттаан, бэйэтин үлэтин-хамнаһын норуокка көмөлөһүүгэ туһаайан ыытта. Быйыл элбэх сокуоҥҥа уларыйыылар киирдилэр.
Өрөспүүбүлүкэҕэ бэлиэ сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонун ылыммыппыт 30 сылын бэлиэтээтибит. Бу кэми бэрт кылгастык анааран көрөр буоллахха, 30 сыл устата СӨ Төрүт сокуонугар 12 төгүл уларытыы киирдэ. Аҕыйах хонуктааҕыта эбии өссө уларытыылары киллэрдибит. Ол төрүөтүнэн, 2020 сыллаахха Арассыыйа Конституциятыгар уларытыы киирбитэ уонна ааспыт сыл ахсынньы 21 күнүгэр “Аһаҕас былаас туһунан” сокуон олоххо киирбитэ буолар. Боломуочуйаларга чопчулааһын барда. Ил Түмэн боломуочуйатыгар нолуоктары олохтооһун, быһаарааһын чопчуланна. Ситэриилээх былаас структуратын систиэмэтин СӨ Ил Дархана бэйэтэ быһаарара чопчуланна. Ил Түмэн болдьоҕун иннинэ Ил Дарханы үлэтиттэн тохтоппот буолла диэн сыыһа өйдөбүл дьоҥҥо баар.
Инники нэһилиэнньэҕэ “право отзыва” диэн дойду үрдүнэн үлэлээбэт нуорма баар этэ. Ол көтүрүлүннэ, оттон субъект парламена (биһиэхэ Ил Түмэн) Аҕа Баһылыкка итэҕэйбэт буолууну биллэрэр бырааппыт хаалла, бу быраап Төрүт сокуоҥҥа сурулла сылдьар. Иккиһинэн, быйылгыттан бэлиэ уларыйыы киирдэ. Феодосия Васильевна салайар сис кэмитиэтин бэлэмнээһининэн, Ил Дархан этии киллэрэн, тылбыт суолтата улаатта. Саҥа сокуон тохсунньу 1 күнүттэн үлэлиэ. Манна сыһыаннаһар боппуруостарга, Конституцияҕа, уо.д.а. сокуоннарбытыгар чопчулааһын үлэтэ барда. Улуус баһылыктарын Ил Дархан аныырын туһунан сокуон таарыллыбата. Ол Госдумаҕа кэлэр сыллааҕы былааныгар киирбитэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0