80 дьаһал
Сүрүн иһитиннэриини култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ Юрий Куприянов оҥордо. Арассыыйа норуоттарын култуураларын үйэлээх үгэстэрин сыла Саха Өрөспүүбүлүкэтин 100 сылын тэрээһиннэрин кытары дьүөрэлэһиннэриллибит, 80 дьаһал, бырайыак олоххо киллэриллибит. Сылы арыйыы сиэрэ-туома Норуот маастарын күнүгэр, кулун тутар 5 күнүгэр, ыытыллыбыт. Ити күн национальнай таҥастаах хаамыыга барыта 1 200 киһи кыттыбыт. «Уһук Хоту, Сибиир уонна Уһук Илин норуоттарын уус-уран ускуустубата: урут уонна билигин» научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ 15 эрэгийиэн маастардара, искусствоведтара кэлбиттэр. Кулун тутар 14 күнүттэн «Биһиги нэһилиэстибэбит» диэн үс түһүмэхтээх куонкурус саҥа түмүктэммит. Ырыа култууратын үрдэтэр, ырыа айааччылары көҕүлүүр инниттэн ыам ыйын 21 күнэ Ырыа күнүнэн биллэриллибит.
Олоҥхоҕо улахан үлэ тэрилиннэ. Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕа, Уус ыһыаҕа үрдүк таһымҥа ыытылыннылар, улуустарга Олоҥхо дьиэлэрин тиһигэ баар буолла, Ил Дархан истипиэндьийэтэ олохтонон, 7 чулуу олоҥхоһукка, 7 үҥкүү тылын таһаарааччыга, 7 тимир ууһугар туттарылынна, Борис Неустроевка-Мандар Ууска сааһын тухары бэриллэр истипиэндьийэ олохтонно. «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо туспа кинигэнэн бэчээттэннэ. Өрөспүүбүлүкэ 100 сылын бэлиэтиир тэрээһиҥҥэ «Ньургун Боотур» опера дойду бастыҥ сыаналарыгар (Большой уонна Мариинскай тыйаатырдарга) туруорулунна!
Национальнай библиотекаҕа Саха сирин норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин сыыппараҕа киллэрэр киин аһылынна, Национальнай архыыпка сытар, илиинэн суруллубут биэс олоҥхо компьютерга көһөрүлүннэ. 1909 с. тутуллубут Казначейство дьиэтэ чөлүгэр түһэрилиннэ. Ахсынньы 23 күнүгэр Таатта Баайаҕатыгар «Уус түмэлэ» мусуой комплекс аһыллыаҕа. Сылы түмүктүүр тэрээһин ахсынньы 27 күнүгэр буолуоҕа.
Хос иһитиннэриини култуура нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин харыстааһыҥҥа департамент салайааччыта Николай Макаров оҥордо.
Улуустарга үлэ көхтөөх
Салгыы тыл улуустарга бэрилиннэ. Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын начаалынньыга Фекла Варламова хас биирдии нэһилиэк былаан ылынан үлэлээбитин кэпсээтэ. Элбэхтэн ойо туттахха, уус-уран самодеятельность бэстибээлигэр 3000 киһи, 300 иистэнньэҥ уонна уус кыттыбыт, 21 дьоҕус видеоролик уһуллубут. «Эргис» бөлөҕүнэн эргиир үҥкүүтүн бэстибээлигэр сэттэ улуус айар кэлэктииптэрэ, Таймыр, Бурятия, Кыргыстан, Австрия, Венгрия, Монголия, Япония бэрэстэбиитэллэрэ кэлбиттэр. Сүүрбэһис төгүлүн ыытыллар «Играй, гармонь! Живи, частушка!» өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлгэ ыаллыы улуустар, киин куорат айар кэлэктииптэрэ кыттыбыттар.
– «Арассыыйа күүһэ – норуокка, норуот күүһэ – үгэстэргэ» диэн этии биһиги үлэбитигэр ыйынньык буолар, – диэтэ Таатта улууһунааҕы Норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрин солбуйааччы Марианна Степанова. -- «Олоҥхо» ассоциация үлэлээбит уон сылын устата биһиэхэ 160 олоҥхону толорооччу үүннэ, онтон сүүрбэтэ эдэр ыччат. Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар бириистээх миэстэлэри, Гран-прини таатталар ыллылар. Эдэр олоҥхоһуттарга анаммыт «Былатыан ыччаттара» бырайыакка 33 улуустан кэлэн холостулар. «Пааматынньыктары харыстыаҕыҥ» бырайыагынан алта эбийиэк чөлүгэр түһэрилиннэ. Быйыл Таатта ытык сирдэрин төрүт ааттарын электроннай картаҕа киллэрии бырайыага олоххо киирдэ. «Тааттаҕа оҥоһулунна» брендинэн уран тарбахтаахтар оҥоһуктарын батарыыттан 2,4 мөл. солк. киллэрилиннэ. Чөркөөххө ыытыллыбыт «Иис-уус-ас фест» I өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлгэ тимир, мас, муос, көмүс уустара, иистэнньэҥнэр, асчыттар түмсүбүттэрэ. Кэлэр сылы Ил Дархан Үлэ сылынан биллэрбитинэн, уран тарбахтаахтар үлэлээх буолууларын хааччыйар тэрээһиннэри (быыстапка-дьаарбаҥка, о.д.а.) өссө күүһүрдэрэргэ, итиэннэ «Иис-уус-ас фест» бэстибээли Уһук Илиҥҥи эрэгийиэн таһымыгар таһаарарга этии киллэрэбит.
Туспа дьиэ!
«Симэх» уус-уран оҥоһуктар уонна народнай-прикладной ускуустуба киинэ» аптаныамынай тэрилтэттэн отдел салайааччыта Дмитрий Осипов маннык эттэ:
– Норуот маастардарын суругар таарыйыллыбыт кыһалҕалары иһитиннэрэбин. Бастатан туран, «Уһаныы уонна уус-уран оҥоһуктар кэнсиэпсийэлэрэ» өйөнөрө буоллар, улахан тирэх буолуо этэ. Бу хайысхананан хас улуус ахсын бырагыраама оҥоһуллуохтаах. Уопсайынан, уустарга болҕомто наада. Билигин кинилэр оҥоһуктарын бэйэлэрэ атыылыы сатыыллар, ол иһин батарыы биир кэлим тиһигэ олохтонуохтаах. Улуустарга алта «Уус дьиэтэ» (Дом ремесел) тэрилиннэ. Онно туттар тэрили хааччыйарга министиэристибэ көмөлөһөрүн иһин, Юрий Семеновичка махтанабыт. «Симэх» тэриллиэҕиттэн Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын киинигэр үлэлиир. 30 сыл устата норуот үйэлээх баайын сайыннарарга сыралаһан кэлбит тэрилтэҕэ пуонданы харайар сирдээх, быыстапкалыыр салаалаах, уһанар мастарыскыайдаах, хараастаах туспа дьиэ наада. Ол туһунан суругу тустаах биэдэмистибэлэргэ, Ил Түмэҥҥэ, Феодосия Васильевнаҕа туттардыбыт, ону норуот дьокутааттара өйүүргүтүгэр эрэнэбит.
Ырыа түмэр күүстээх
Норуот дьокутааттара чопчулуур ыйытыылары биэрдилэр. Ыытыллыбыт үлэни сөптөөҕүнэн сыаналаатылар. Павел Ксенофонтов Сайсары уокуругар Култуура дьиэтэ наадатын бэлиэтээтэ, Андрей Николаев норуот кэлэктииптэригэрСэргэй Зверев-Кыыл Уола аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэни олохтуурга эттэ.
– Биһиги сокуоҥҥа уларытыы киллэрэн, төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар национальнай бырааһынньыктарыгар бүддьүөттэн үбү көрөргө үлэлэһэбит, – диэтэ Елена Голомарева. – Санаан кэбиһиҥ: Олоҥхо ыһыаҕар 100 мөлүйүөн көрүллэр, Бакалдыны дьон бэйэтэ харчы хомуйан тэрийэр! Култуура министиэристибэтэ аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар национальнай бырааһынньыктарын судаарыстыбаннай таһымҥа таһаарар инниттэн, харчы көрөрө эрэйиллэр. Иккиһинэн, хор кэлэктииптэрин өйөөммүт, марафон оҥорорго эппиппитигэр сорохтор судургу суолу талан, амсаамбыл ырыаларын ыыппыттара. Дьиҥинэн хас биирдии улуус түмсүүтүн көрдөрүөхтээх этэ. Биһиги Өлөөҥҥө 500 киһилээх хуору тэрийэрбит. Ырыа норуоту сомоҕолуур, патриотическай тыыны уһугуннарар күүстээх, ол иһин «Ырыа күнэ» олохтоммута. Ону өйдөтөргө «Ырыа күнүн кэпсиэпсийэтин» оҥоруохха наада.
Салгыы үлэлиибит!
Сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева өрөспүүбүлүкэҕэ Арассыыйа норуоттарын култуураларын үйэлээх үгэстэрин сылынан киэҥ хабааннаах үлэ ыытыллыбытын бэлиэтээтэ. «Земскэй култуура үлэһитэ» бырагыраама бигэргэнэн эрэрин туһунан иһитиннэрдэ.
– Норуот маастардара көтөхпүт кыһалҕалара бааллар уонна сүбэни тобуллахха, быһаарыллар кыахтаахтар. Норуоттар икки ардыларынааҕы киин тутулла турар, «Симэх» онно киириэн сөп. Ааспыт сылларга мусуойдары сарбыйар туһунан дьаһал бөҕө бэриллэрин үрдүнэн, барыларын араҥаччылаан баччаҕа кэллибит. Билигин Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар историяларын, култуураларын холбоһуктаах мусуойугар өрөмүөн үлэ барар. Киномотография өрөспүүбүлүкэ брендэ буолла. Биһиги сокуоҥҥа уларытыы киллэртэрэн, национальнай киинэҕэ өйөбүл баар буоларын ситиһэргэ үлэлиэхпит. Култуура дьиэлэрэ бырагыраамаларынан тутуллалар, министиэристибэттэн оборудованиенан хааччыйыы эрэйиллэр. Онон, салгыы үлэлиибит, – диэтэ.
Арассыыйа норуоттарын култуураларын үйэлээх үгэстэрин сылыгар таһаарыылаах үлэлэрин иһин, сис кэмитиэт Бочуотунай Грамоталарын туттарда: Александра Васильеваҕа (Таатта), Алена Дашевскаяҕа (Бүлүү), Розалия Макароваҕа (Булуҥ), Надежда Николаеваҕа (Өлөөн), Ираида Пахомоваҕа (Дьокуускай), Василиса Романоваҕа (Хаҥалас).
Хаартыскаҕа Василий Кононов (Ил Түмэн) түһэриилэрэ
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0