Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Билигин үлэлии олорор Ил Түмэн бастакы пленарнай мунньаҕын 2018 сыллаахха балаҕан ыйын 25 күнүгэр ыыппыта. Алтыс ыҥырыыга талыллыбыт састаап 60 бырыһыан уларыйбыта, ол эбэтэр 70 норуот дьокутаатыттан 41 киһи аан маҥнайгытын быыбардааччы итэҕэлин сүкпүтэ. 

Билигин үлэлии олорор Ил Түмэн бастакы пленарнай мунньаҕын 2018 сыллаахха балаҕан ыйын 25 күнүгэр ыыппыта. Алтыс ыҥырыыга талыллыбыт састаап 60 бырыһыан уларыйбыта, ол эбэтэр 70 норуот дьокутаатыттан 41 киһи аан маҥнайгытын быыбардааччы итэҕэлин сүкпүтэ. 

Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлинэн юридиция билимин дуоктара Петр Васильевич Гоголев биир санаанан талыллыбыта. Кини салалтатынан парламент икки сыл иһигэр тугу, төһөнү үлэлээтэ, ситистэ? Ол туһунан мантан аллара билиһиннэрэбит.

Сокуонньут хараҕа кыраҕы

Петр Гоголев спикеринэн талыллыан иннинээҕи аан тылыгар алтыс ыҥырыылаах парламент ылыллар сокуоннар хаачыстыбаларыгар уонна олор олоххо киирэллэрин хонтуруоллааһыҥҥа ураты болҕомтотун ууруох тустааҕын чорботон бэлиэтээбитэ. Манан сиэттэрэн, уопсастыбаннай институттарынан, экспертэринэн эрэ муҥурдаммакка, сокуоннар барылларын ааҕыыга киириэхтэрин иннинэ өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун кытта киэҥник дьүүллэһэргэ дьоһуннаан үлэлэһэр сорук турбута.

Петр Гоголев Саха сирин парламенын үлэтин уһулуччу тутуллар  хайысхаларынан РФ Бэрэсидьиэнин “ыам ыйынааҕы” ыйаахтарын уонна өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын А.С.Николаев быыбар иннинээҕи бырагырааматын олоххо киллэрии, РФ субъектарын, чуолаан Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка уонна Аартыка түбэтигэр киирэр уобаластар, кыраайдар сокуону таһаарар уорганнарын кытта салгыы утумнаахтык үлэлэһэн ситими бөҕөргөтүү, өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоох салайыныыны салгыы сайыннарыы уонна муниципальнай тэриллиилэр бэрэстэбиитэллээх уорганнарыгар методическай көмөнү оҥоруу буолуохтаахтарын ыйбыта.

2c4b6a69013685a75eda3b164915f544 копия

Ис уларыйыылар уонна саҥа киэптэр

Ити ыйыллыбыт былааннары уонна хайысхалары олоххо киллэрии Ил Түмэн үлэтэ иһиттэн уларыйыахтааҕын уонна саҥа сыһыан киллэриллиэхтээҕин эрэйбитэ.

Туох хайа иннинэ парламент аппараатын тутула уларытыллыбыта.  Ил Түмэн үлэтин эрдэ сыл аҥаардаан торумнуур буоллаҕына, сыллааҕы былааннааһыҥҥа көспүтэ.

Ил Түмэн иһинэн сүбэлэһэр уонна сүбэлиир уорганнар үлэлэрэ күүһүрдүллүбүтэ: хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттартан талыллыбыт дьокутааттар ассамблеялара үлэтин саҕалаабыта, Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин иһинэн уопсастыбаннай-консультативнай сэбиэт тэриллибитэ. Утумнаах үлэни хааччыйар инниттэн Уопсастыбаннай-консультативнай сэбиэккэ ааспыт ыҥырыылаах парламент дьокутааттара, салайааччылара уонна федеральнай таһымнаах дьокутааттар киирэллэр.

Үлэ саҥа киэбинэн экспертэри, уопсастыбанньыктары уонна олохтоох салайыныы дьокутааттарын кытта атах тэпсэн олорон сүбэ-соргу ылар “Аһаҕас парламент”, “Эксперт чааһа”, “Муниципальнай чаас”  диэн бырайыактар буоллулар. Дьокутааттар сир түннүгэ кырдьаҕастары, уопсастыбанньыктары уонна бэйэлэрин эйгэлэригэр киэҥ билиилээх-көрүүлээх экспертэри кытта кэпсэтиилэрэ үгэскэ кубулуйда.

Ааспыт сылга Саха сирин парламенын устуоруйатыгар аан маҥнай судаарыс­тыбаннай бүддьүөт туһунан сокуон нуул циклтэн ылыллыбыта. Бу саҥа киллэрии өрөспүүбүлүкэ сүрүн үбүн докумуонун оҥоруу эрдэтээҕи түһүмэхтэригэр дьокутааттары муҥутуурдук тардарга туһуланар. Быйыл сааскы сиэссийэҕэ өрөспүүбүлүкэ сокуону оҥорор уонна ситэриилээх былаастара судаарыстыбаннай бүддьүөт барылын сүрүн кээмэйдэригэр бэйэлэрин көрүүлэрин барыллаан сөбүлэһиннэрэр дьайыылара “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр бүддьүөт тутулун уонна бүддьүөт процеһын туһунан” сокуоҥҥа чиҥэтилиннэ. 

9dcbee8447a51e735f8622098ee32295 копия

Көхтөөх үлэ түмүктээх

Икки сыл иһигэр 667 нуорма-быраап актата, ол иһигэр 214 сокуон, онтон 27-тэ базовай, ылылынна. Итиэннэ Ил Түмэн 453 уурааҕы таһаарда. Ылыллыбыт сокуонтан аҥаарын норуот дьокутааттара көҕүлээтилэр.

Тирэх суолталаах сокуоннар:

“Аҕа дойду Улуу сэриитин кэминээҕи оҕолору социальнай өйөөһүн дьаһалларын туһунан” сокуоҥҥа өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар олохсуйан олорор,  1927 сыл балаҕан ыйын 3 күнүттэн 1945 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри төрөөбүт РФ гражданнара хапсаллар. Сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн, 2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн ый аайы 1 тыһ. солкуобай кээмэйдээх төлөбүр олохтоммута, ону таһынан Ил Дархан бигэргэтэр бэрээдэгинэн Кыайыы күнүгэр харчынан төлөбүр оҥоһуллар, үс сылга биирдэ санаторийга-куруорка эмтэммит ороскуоттарын аҥаара толуйуллар, уочараты таһынан босхо медицина көмөтө оҥоһуллар (ол иһигэр сыл аайы диспансеризациянан хабыллаллар).

“Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2050 сылга диэри сабаҕалаан көрүүлээх 2032 сылга диэри социальнай-экономическай сайдыытын стратегиятын туһунан” сокуон оҥоһуллубут сыала – уһун болдьохтоох сайдыы соруктарын, хайысхаларын, тутаах бырайыактары быһаарыы, чопчулааһын.  Стратегия өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннай былааһын уонна олохтоох салайыныы уорганнарын, гражданскай уопсастыба институттарын уонна Саха сирин хас биирдии олохтооҕун кыахтарын бииргэ түмэргэ туһуланар.

“Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр элбэх оҕолоох ыал статуһун туһунан” сокуон элбэх оҕолоох ыалынан 18-гар диэри саастаах эбэтэр 23-гэр диэри үөрэнэр үс уонна онтон элбэх оҕолоох дьиэ кэргэни билинэр. Бу сокуону ылыныы элбэх ыччаттаах ыал социальнай статуһун үрдэтэргэ, демографическай быһыыны-майгыны тупсарарга көмөлөөх буолуоҕар саарбаҕа суох.

“Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үһүттэн сэттэтигэр диэри саастаах оҕоҕо ый аайы харчынан төлөбүр туһунан” сокуоҥҥа олоҕуран, быйыл тохсунньу 1 күнүттэн  кыаммат дьиэ кэргэттэр оҕолоругар көмө оҥоһуллар. Ыйдааҕы төлөбүр кээмэйэ тиийинэн олоруу алын кээмэйин 50 бырыһыаныгар тэҥнэһэр.

“Дьиэ кэргэн” өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын үбүн суотугар биир кэмнээх харчынан төлөбүр туһунан” сокуон элбэх оҕолоох ыал олоҕун таһымын намтаппат туһуттан ылыллыбыта. Сертификат ылбыт ыалга 15 тыһ. солкуобай кээмэйдээх харчынан төлөбүр оҥоһуллар.

Маны таһынан устудьуоннар этэрээттэрин үлэлэрин өйүүргэ, саастарын ситэ илик оҕолорго никотиннаах эмэр уонна ыстыыр булкадаһыктары атыылааһыны боборго, ону сэргэ электроннай тиһик нөҥүө никотины уонна онно туттуллар убаҕастары атыылааһыны хааччахтыырга туһуламмыт сокуоннар суолталара улахан. 

Тыа сирин дьылҕата долгутар

Алтыс ыҥырыы дьокутааттара тыа сирин олоҕун таһымын үрдэтиигэ ураты болҕомтолоохтук сыһыаннаһаллар. Уопсастыбаннай-консультативнай сэбиэт 2019 сыл олунньутугар ыыппыт бастакы мунньаҕын тыа сирин сарсыҥҥы дьылҕатыгар анаабыта элбэҕи этэр. Онно тыа сирин уонна тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы боппуруостарын сүнньүнэн өрөспүүбүлүкэ ситэриилээх уонна бэрэстэбиитэллээх уорганнарыгар туһаайан сүбэлээһиннэр ылыллыбыттара. Сыл кэнниттэн тыа хаһаайыстыбатын бастакы дэкээдэтэ тэриллибитигэр норуот дьокутааттара өрөспүүбүлүкэ АПК-ын сайыннарыы боппуруостарын дьүүллэстилэр: ол иһигэр олохтоох аһы-үөлү оҥорон таһаарыы кээмэйин улаатыннарыыны, Ил Дархан Айсен Николаев Анал этиитигэр тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүҥҥэ дьаһалларын (тэриллиилээх улахан хаһаайыстыбаларга үүт харчытын үрдэтии, кэтэх хаһаайыстыбалаах ыалларга ынах төбөтүгэр харчы биэрии) олоххо киллэриини. Дэкээдэ чэрчитинэн «Бырабыыталыстыба чааһа”, сис кэмитиэт мунньаҕа ыытылыннылар. Ол онно ылыныллыбыт этиилэр бырабыыталыстыбаҕа туһаайыллан, хонтуруолга тутуллаллар.

Дьаҥы бохсор туһугар

Коронавирус ыарыы тарҕаныыта Ил Түмэн үлэтигэр сааскы сиэссийэ кэмигэр сабыдыаллаата. Хааччахтааһынынан сиэттэрэн сорох тэрээһиннэр көһөрүлүннүлэр, сорох мунньах онлайн-форматынан ыытылынна.  Пленарнай мунньахтары тэйиччиттэн ыытар инниттэн парламент регламеныгар суһаллык уларытыы киллэриллибитэ. Ил Түмэн официальнай сайта саҥардыллан, пандемия кэмигэр парламент үлэтэ харгыстаммата.

Ил Түмэн ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимигэр, хааччахтыыр дьаһаллар (харантыын) кэмнэригэр эрэгийиэннэр мунньахтарын тэйиччиттэн ыытар балаһыанньаны федеральнай таһымҥа быһааралларыгар туруорсар. Сокуон барыла РФ Госдуматын күһүҥҥү сиэссийэтигэр көрүллүөхтээх. Эпидемия тэнийэр уустук кэмигэр экономика сайдыытын харгыстаабат уонна социальнай бигэ туругу хааччыйар туһуттан норуот дьокутааттара дьоҕус уонна орто урбаан субъектарын, доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин, кыра дохуоттаах ыаллары өйүүргэ этиилэри чочуйан киллэрбиттэрэ. Быстахтык ыллахха, Ил Түмэн медицина, эмп үлэһиттэрин булгуччулаах страховкалааһыны олохтуурга, коронавируһу утары быһаччы үлэлии сылдьар медиктэргэ эбии төлөбүрү көрөргө, коммерческайа суох социальнай хайысхалаах тэрилтэлэри өйүүргэ этиилэр бааллар. Ил Түмэн элбэх этиитэ судаарыстыбаннай былаас федеральнай уорганнарын нуорма-сокуон акталарын ылынарга аахсылынна.

Дьокутаат дьон кыһалҕатыгар чугас

Ааспыт сыл устатыгар дьокутааттарга дьонтон киирбит туруорсуу суруктарынан сирдэттэххэ, ордук сытыытык социальнай эйгэ тэрилтэлэрин оптимизациялааһын боппуруоһа турар.

Норуот дьокутааттара дьон туруорсуутугар олоҕуран, министиэристибэлэр, идэлээх сойуустар бэрэстэбиитэллэрин, экспертэри уонна муниципальнай оройуоннар баһылыктарын кытта бииргэ ааспыт сыл устатыгар бүддьүөт эйгэтигэр торумнанар сарбыйыыны уонна “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр социальнай инфраструктура тутулун стандартарын уонна эбийиэктэрин ситимнэрин алын кээмэйдэрин тустарынан” СӨ Бырабыыталыстыбатын уурааҕын олоххо киллэрии сабаҕаланар охсуутун көхтөөхтүк дьүүллэстилэр. Ил Түмэн кэккэ сүбэ мунньахтары, “төгүрүк остуоллары” уонна кэмитиэттэр мунньахтарын тэрийэн ыытта. Ол түмүгэр 202-с №-дээх уураах көтүрүлүннэ. Дьокутааттар нэһилиэнньэ санаатын аахсар инниттэн муниципальнай оройуоннарга бүддьүөт эйгэтин чопчулааһыҥҥа тэриллибит биэдэмэстибэлэр икки ардыларынааҕы оробуочай бөлөхтөр үлэлэригэр кыттыбыттара. Инньэ гынан, дьон санаатын уонна туһааннаах түөлбэ уратытын аахсан туран, социальнай эйгэ тэрилтэлэрин сааһылааһын түһүмэхтэринэн ыытыллара ситиһилиннэ. Ол иһигэр доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрин оптимизациялааһын боппуруоһа ураты хонтуруолга ылылынна.

Ыйыллыбыт кэм устатыгар Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ салайааччылаах дьокутааттар бөлөхтөрүн оробуочай сырыылара Абый, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Муома, Ньурба, Сунтаар, Өймөкөөн, Томпо, Чурапчы улуустарыгар тэрилиннэ. Ол сырыылар түмүктэригэр ылыллыбыт боротокуоллары толорууну спикер тус хонтуруолугар тутан кэллэ. Парламент муниципальнай тэриллиилэргэ методическай уонна практическай көмөнү оҥорор, нэһилиэктэр баһылыктарыгар уонна бэрэстэбиитэллээх уорганнарыгар анаан семинардары ыытар.

1M5A0551

Хонтуруол кэҥээтэ уонна күүһүрдэ

“Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр парламент хонтуруолун туһунан” сокуону ылыныы Ил Түмэн хонтуруоллуур үлэтин кэҥэтэригэр боччумнаах хардыынан буолла. Парламент хонтуруола былаастары тыырсыы принцибин суолталаах институтун быһыытынан,  судаарыстыбаҕа былаас үс салаатын боломуочуйалара сөптөөхтүк дьүөрэлэһэллэрин хааччыйар, ситэриилээх былаас үлэтин көдьүүһүн уонна хаачыстыбатын үрдэтэр, бэлитиичэскэй дьайыылар аһаҕас уонна судаарыстыба аппараатын үлэтэ дьэҥкэ буолалларыгар көмөлөһөр.

Парламент сокуоннары ылыныыга быһаччы кыттарынан, олору толорууну мэлдьи хонтуруолга тутуохтаах.

Ааспыт туһааннаах кэми кытта тэҥ­нээтэххэ, тирээн турар боппуруостарга экспертэр санааларын үллэстэр, сүбэ-соргу буолар “төгүрүк остуоллар”  ыытыллаллара икки бүк элбээтэ. Бырабыыталыстыба үлэтин хонтуруоллуур «Бырабыыталыстыба чааһа” тэрээһиннэр эмиэ икки төгүл элбэхтик ыытылыннылар.

Бүлүү иэдээнэ, Амма аймалҕана – болҕомто киинигэр

“АЛРОСА” АХ Иирэлээхтээҕи сир баайдаах учаастагар түөрт даамба алдьанан, Иирэлээх, Аччыгый Ботуобуйа уонна Бүлүү өрүстэри киртиппитигэр Ил Түмэн парламент истиилэрин тэрийэн, олор түмүктэринэн өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай былааһын уорганнарыгар уонна алмаас хампаанньатыгар саахал содулун туоратыыга, айылҕаны чөлүгэр түһэриигэ, иэдээн хатыламматын туһугар производственнай эбийиэктэри уларытан тутууга дьаһаллары ыларга этии киллэрбитэ. Ону тэҥэ Бүлүү сүнньүнээҕи улуустар экологическай туруктарын уонна   олохтоох нэһилиэнньэ доруобуйатын кэлимник чинчийэргэ, нэһилиэнньэлээх пууннары ыраас иһэр уунан хааччыйыыга анаан бырагыраама оҥорон олоххо үлэлэтэргэ дьаһаллары ылынарга эппитэ. Билиҥҥи туругунан, этиллибит дьаһал 65 бырыһыана туолла.

Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай былааһын уорганнара, муниципалитеттар уонна “АЛРОСА” АХ көмөлөөннөр, киртитии содулун туораттылар. Бүлүү умнаһын экологическай туругун уонна олохтоох нэһилиэнньэтин кэлимник чинчийэргэ тосхоллоох бырагыраама оҥоһуллан бигэргэннэ. Бүлүү сүнньүнээҕи улуустары 2019-2024 сылларга уунан хааччыйыы тиһигин сайыннарыыга туһуламмыт бырагыраама сүнньүнэн сир аннынааҕы ууну көрдүүр-чинчийэр үлэ ыытыллар. Маны таһынан ууну мунньар-хаһаанар эбийиэктэри тутуу уонна ууну ыраастыыр станциялары туруоруу үлэтэ салҕанан барар.

Дьокутааттар Амма өрүс үөһээ баһыгар маһы кэрдии былааннанарынан Амма, Алдан, Томпо, Таатта, Чурапчы улуустарын олохтоохторо дьаахханалларын биллэрбиттэригэр “төгүрүк остуолу” тэрийэн ыыппыта. Кэпсэтии кыттыылаахтара Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, Бырамыысыланнас уонна геология министиэристибэтэ итиэннэ “Амма улууһа” муниципальнай оройуон бэйэлэрин дьайыыларын ситэ сөбүлэһиннэрбэккэ оҥороллор эбит диэн санааҕа кэллилэр. РФ Ойуурун кодексын 1 ыстатыйатын 7-с пуунунан көрүллэр ойууру туһаныыга олохтоох нэһилиэнньэ санаата аахсыллыбатах.

Дьүүллэһиилэр уонна санааны атас­таһыылар түмүктэринэн экология доктри­натын ирдэбиллэрин аахсан туран, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ойуурун бырамыы­сыланнаһын комплексын 2020-2024 сылларга сайыннарыы стратегиятын олоххо киллэрии былаанын ылынарга, өрөспүүбүлүкэ ойуурун былаанын саҥа эрэдээксийэтин бигэргэтэргэ быһаарылынна. Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр Үөһээ Амматааҕы учаастак лесничествотын ойуурун сириттэн Амма өрүһү тулалыыр мастаах өттүн таһаарар инниттэн ойуур тутулун оҥоруу үлэтин хаттаан көрөргө этилиннэ.

1M5A0396

Аартыканы сайыннарыы судаарыстыба бэлиитикэтигэр кубулуйда

Аартыка сирин-уотун кэлимник сайыннарыы боппуруостарын Саха сирин парламена федеральнай таһымҥа утумнаахтык туруорсар. Ол курдук, 2019 сыл бэс ыйын 14 күнүгэр Федерация Сэбиэтин Аартыкаҕа уонна Антаартыкаҕа сэбиэтигэр Федерация Сэбиэтин федеративнай тутулга, эрэгийиэннээҕи бэлиитикэҕэ, олохтоох салайыныыга уонна Хоту дойду дьыалаларыгар кэмитиэтин чилиэннэрэ кыттыылаах көһө сылдьар мунньах тэриллибитэ. Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Госдума доруобуйа харыстабылыгар кэмитиэтин “төгүрүк остуолун” кыттыылаахтара “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыагы Аартыка түбэтин субъектарыгар олоххо киллэрии уратыларын көрбүттэрэ.

Бүгүн Аартыканы сайыннарыы судаарыстыбаннай бэлиитикэҕэ кубулуйда диэн бигэтик этиэххэ сөп. Өрөспүүбүлүкэбит салалтата уонна парламена, бүттүүн уопсастыбаннас кэлиҥҥи хас да сыл устатыгар Арассыыйа Аартыкатын түбэтигэр Саха сирин 13 хотугу оройуонун киллэрэр тоҕоостооҕун федеральнай былаастарга туруорсубуттара. Ол түмүгэр Арассыыйа Бэрэсидьиэнин ааспыт сыл ыам ыйынааҕы Ыйааҕынан Саха сирин 8 оройуонун Аартыка түбэтигэр эбии киллэрэн бигэргэтэрэ ситиһилиннэ. Бу өрөспүүбүлүкэбит Ил Дарханын, Бырабыыталыстыбатын уонна Парламенын биир сүбэнэн үлэлииллэрин түмүгэ. Инньэ гынан Саха сирин 13 хотугу оройуона бары дойду Аартыкатыгар көрүллэр судаарыстыба өйөбүлүнэн туһаныахтара.

Ил Түмэн Аартыканы сайыннарыы стратегиятын федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ таһымнаах барылларыгар бэйэтин этиилэрин киллэрбитэ. “РФ Аартыкатын түбэтигэр урбаанынан дьарыктаныыны судаарыстыба өйөбүлүн туһунан” федеральнай сокуоҥҥа Саха сирин парламена саамай элбэх этиини уонна көннөрүүнү киллэрбититтэн үксэ аахсылынна.

Уһук Илини уонна Аартыканы сайыннарыы министиэристибэтигэр бүгүн эмиэ итинник хабааннаах бырагыраама оҥоһуллар. Онно олоҕуран үлэ 13 көрүҥэр быһаччы өйөбүл оҥоһуллуоҕа. Оччоҕуна хотугу олохтоох норуоттар төрүт дьарыктарын сайыннарар кыахтаныахтара. Холобур, балыгы, таба этин астаан-үөллээн тас дойдуларга эргиниигэ, туризмы сайыннарыыга.

Саха сирин парламентарийдара “Аартыка оҕолоро” бырагырааманы федеральнай таһымҥа ылынары икки сыл тухары дьүккүөрдээхтик туруорсан кэллилэр. Норуот дьокутааттарын көҕүлээһиннэрэ өйөнөн, Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтигэр “РФ Аартыка түбэтин социальнай-экономическай сайыннарыы” судаарыстыбаннай бырагыраама иһинэн “Аартыка оҕолоро” хос бырагыраама оҥоһуллунна.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением