Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев санаатын үллэстэр:
-- Дойду сайдыытыгар сүҥкэн суолталаах ыйаахха чугастааҕы кэмҥэ ситиһиллиэхтээх соруктар чопчу ыйыллыбыттар. Сүрүн сыалынан нэһилиэнньэ дьадайыытын тохтотуу, дохуотун үрдэтии буолар. Мин өрүү этэбин – Саха сирин хас биирдии олохтооҕо байылыаттык уонна дьоллоохтук олорорун ситиһиэхтээхпит диэн. Бу чааһыгар ыйаах соруктара уонна өрөспүүбүлүкэ 2032 сылга диэри стратегията сөп түбэһэллэр. Онон бу сыл бүтүөр диэри коронавирус дьаҥа экэниэмикэҕэ оҥорбут хоромньутун туоратар үлэни ыытыахпыт. Онтон 2021 сылтан ыйаах соруктарын толорорго күүскэ үлэлэһиэхпит – дьон олоҕун таһымын үрдэтиигэ, доруобуйатын тупсарыыга, талаанын арыйарыгар, дьоҕурун сайыннарарыгар кыаҕы биэрэн, куттала суох табыгастаах эйгэҕэ олорор усулуобуйатын тэрийэн, көдьүүстээх үлэни көҕүлээн, ситиһиилээх урбааны тэнитэн, цифровой сайдыыны тэтимирдэн.
Улахан болҕомто киһи хапытаалын хаҥатыыга ууруллуоҕа. Ол курдук, киһи олоҕун уһуна ортотунан 79 сааска тэҥнэһэрин ситиһиэхтээхпит. Билиҥҥи туругунан сүрэх, тымыр, искэн ыарыыларыттан өлүү көрдөрүүтэ намтаата, ол оннугар арыгылааһынтан, саахалтан, бэйэҕэ тиийинииттэн, о.д.а араас куһаҕан тас дьайыылартан суорума суолланыы элбэх. Ол да буоллар, урукку сылларга тэҥнээтэххэ, арыгылааһын аччаабыта үөрдэр. Ыччат чөл олоҕу тутуһар буолла.
Дьону дьиэнэн-уотунан хааччыйыыга букатын улахан былааны туруорабыт: сылга хас биирдии киһиэхэ 1 кв миэтэрэ тиксэр гына тутуохтаахпыт, ол эбэтэр барыта холбоон 960 тыһыынча кв. миэтэрэни. Итинник көрдөрүүнү 2016-2017 сс. ситиһэ сылдьыбыппыт. Биир мөлүйүөнтэн тахса кв. миэтэрэ иэннээх хаарбах дьиэ көтүрүллүөҕэ, хаһаайыттара саҥа кыбартыыраларга көһүөхтэрэ. Маныаха киин эрэ сирдэргэ буолбакка, кытыы дэриэбинэлэргэ, Арктика оройуоннарыгар барыларыгар олорорго табыгастаах усулуобуйаны тэрийиэхтээхпит, уопсастыбаннай миэстэлэрин тупсарыы, суолу-ииһи өрөмүөннээһин, сынньанар сирдэрин оҥоруу үлэтин ыытыахтаахпыт. Дьон-сэргэ бэйэтэ эмиэ тупсаҕай оҥоһуулаах дэриэбинэҕэ, куоракка олорорго дьулуһар. Ол туоһутунан Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр Кыайыы 75 сылынан аһыллыбыт “Эйэ” скверигэр олохтоох рационализатор Захар Павлов бэйэтин баҕатынан Т-34 тааҥканы оҥорбута буолар. Кини курдук, бары уопсастыбаннай сирдэрбит үчүгэй көстүүлээх буолалларын туһугар кыһаллыахтаахпыт. Билигин Тиксиини аныгылыы тииптээн, Арктика эҥэр суох үчүгэй бөһүөлэк гына саҥардар соруктаахпыт. Түмүктээн эттэххэ, РФ Бэрэсидьиэнин бу ыйааҕа хас биирдии киһи, дьиэ кэргэн олоҕун тупсарыыга туһуланар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0