Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -22 oC

Сахалыы эйгэлээх дьону кытта күннэтэ алтыһа сылдьан, туора дьон олуонатык саҥардаҕына тута болҕомтоҕо ылаҕын. Сороҕор дьон тоҕо итинник толкуйдаата, төрүөтэ туохханый диэн бэйэҕэр ыйытыы биэрэн, ырытан көрөҕүн.

Сахалыы эйгэлээх дьону кытта күннэтэ алтыһа сылдьан, туора дьон олуонатык саҥардаҕына тута болҕомтоҕо ылаҕын. Сороҕор дьон тоҕо итинник толкуйдаата, төрүөтэ туохханый диэн бэйэҕэр ыйытыы биэрэн, ырытан көрөҕүн.

Ааспыт нэдиэлэҕэ Ил Дархан Айсен Николаев ойуур хаhаайыстыбатын бастыҥ үлэhиттэрин наҕараадалаата. Ол кэннэ ити сонун туһунан бэйэ икки ардыгар тыл бырахсан сэһэргэһиибитигэр «лесное хозяйство» диэн ситими биир киһи бэрт түргэнник «тыа хаһаайыстыбата» диэн сахалыы тылларынан солбуйда. Онуоха наҕараадаламмыт киһи: «Суох, ойуур хаһаайыстыбата буолар ээ», – диэн көннөрдө.

ed81fc75 fa6d 4ad8 8557 fb5125c6592c

Кырдьык, «ойууру» тыа диэн суолтаҕа эмиэ туттабыт. «Хара тыа баайа» эбэтэр «Ойуурдаах куобах охтон биэрбэт», «Тыа кытыыта» эбэтэр «Ойуур саҕата», «Тыа баһаара» эбэтэр «Ойуур баһаара» о.д.а. Холобур, «Яндекс.Переводчик», «sakhatyla.ru» саайтарга «тыа» да, «ойуур» да «лес» диэн суолталаахтар. Ол эрэн толкуйдаан көрдөххө, «ойуур» тыаны эрэ бэлиэтиир кыараҕас суолталааҕынан уонна бүттүүн хара тыаны этэр уопсай өйдөбүл буоларынан «лесное хозяйство» ситими чопчутук тиэрдэр.

шщз

Мөккүөрбүт төрдө, «сельское хозяйство» диэн өйдөбүлү «тыа хаhаайыстыбата» ситиминэн ааттыырбытыгар сытар. Мин саныахпар, бу түгэҥҥэ «тыа» диэн тыл соҕотохтуу киирэн бутууру үөскэтэр. Дьиҥэ «тыа СИРИН хаһаайыстыбата» диирбит буоллар ордук толору өйдөбүл тахсыа этэ. Холобур быһыытынан араас ситимнэри көрүөххэйиҥ: «сирбит, оҕуруоппут аһа», «тыа дьонун үгэс буолбут дьарыга», «сири хорутуу, нүөлсүтүү», «сирбит-уоппут, сайылыкпыт, сыһыыбыт-алааспыт» уо.д.а.

Мантан сиэттэрэн толкуйдаатахха, дьарыкпыт барыта ТЫА сирин кытта ситимнээх. Ону оҥорон, туһаҕа таһааран, сиргэ тэрийэн-тэнитэн дьаһаныыбыт «хаһаайыстыба» диэн ааттанар буоллаҕа. Маны таһынан «сельское» диэн тылбыт сахалыы «тыа сирин киэнэ, тыа сиринээҕи» диэн тылбаастанар. Ол аата «тыа сирэ» диирбит суруллуутунан да, ситим өйдөбүлү да бэлиэтииринэн ордук табыгастаах буолан тахсар.

Безымянный 9

Бу түгэни тыл үөрэҕин өттүттэн быhааттараары, идэлээх дьон санаатын истээри тылбаас уонна истилиистикэ боппуруостарынан дьарыктанар учуонайга, тылга наука хандьыдаатыгар Гаврил Торотоевка эрийбиппин, улаханнык ырыта барбакка: «Тыа СИРИН хаһаайыстыбата» диэн этэр эмиэ сөп, ол эрэн «тыа хаһаайыстыбата» урукуттан олоҕурбут тиэрмин бэйэтинэн сылдьара ордук. Дьон тылыгар-өһүгэр киирбити уларытар кыаллыа суоҕа. Наадата да суох», – диэн хоруйдаата.

Уонна кэпсэтиибит бүтүүтэ: «Эһиги, эдэр дьон, саҥа тиэрмини олохсутуунан дьэ дьарыктаныҥ, өйгүтүн онно сытыылааҥ. Оҥоруохха айылаах, толкуйдуурга-тобуларга тиэмэ элбэх», – диэн учуутал быhыытынан ыйыы биэрдэ.

scale 1200 7

Онтон эһиги, күндү ааҕааччылар, туох санаалааххыт? Тылы тупсарар, чочуйар наада дуу, биитэр «саатар баары харыстаатарбыт, оннунан тутан хаалларбыт» диэн санаанан салайтаран сылдьарбыт ордук дуу? Аhаҕастык ырытыахха, санаа атастаһыахха.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением