Тыа сиригэр билигин да уолаттар: “Булт”, -- дии-дии, харахтара уоттанар. Орто Халыма Өлөөкө Күөлүгэр күһүҥҥүттэн туһах иитэн куруппааскылыыллар. Мас көтөрө буолан, этэ сыата суох, нууччалыы эттэххэ, диетическэй. Онон ыалдьар-туттар дьоҥҥо, кырдьаҕастарга бэртээхэй аһылык.
Кырачаан булчуттар туһахтаабыт бултарын оскуола дьаарбаҥкатыгар аҕалан атыылаан батараллар. Үргэммит, истэммит куруппааскы атыыга хамаҕаттык барар. Сорох анаан үлэһэр.
Винокуров Виталий, X кылаас: «Күһүҥҥү муус үрдүнэн балыктааһын эрэ бүттэр, кыһыннары туһахтыыбын. Бөһүөлэктэн балтараа-икки килэмиэтирдээх сиргэ күн аайы сатыы сылдьабын. Туһаҕым элбэх. Бултуйабын. Чопчу баччаны бултаатым диэн этэр кыаҕым суох. Айылҕаҕа сылдьар наһаа үчүгэй, олус сөбүлүүбүн. Булт сиэрин-туомун тутуһабын. Быйыл тура куруппааскы баар сыла буолла. Киһи бириэмэтин туһалаахтык атаарыахтаах дии саныыбын, онон туһахтаан бултуурбун көмпүүтэр оонньуутунааҕар ордоробун».
Колесов Коля, X кылаас: «Мин эмиэ туһахтыырбын олус сөбүлүүбүн. Сайын оттуур сирбит диэки сылдьабын. Кырдьаҕас эбэлээх эһээм куруппааскыны сииллэрин сөбүлүүллэр. Кинилэр сэрии кэмин оҕолоро буолаллар, ол иһин оҕо саастарын биир сырдык өйдөбүлэ куруппааскы миинэ, этэ буолар».
Ноговицын Эрнст, IX кылаас: «Миигин туһахтыырга аҕам үөрэппитэ. Тыаҕа сылдьар үчүгэй баҕайы, элбэххэ үөрэнэҕин, көрөҕүн-билэҕин. Туһаҕы талаҕынан бэйэм оҥостобун. Үөрэннэххэ, олус судургу. Сөп түбэһэр талаҕы булуохха наада. Сөпкө иитиэххэ наада, оччоҕо хайаан да бултуйаҕын. Куруппааскы этэ доруобуйаҕа туһалаах, онон сиибит даҕаны, сороҕор атыылыыбыт даҕаны».
Изабелла Ноговицына
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0