Манннык «өйдөөх» прибордар ЛЭП тирэхтэригэр туруоруллалар. Биир тирэххэ чопчу дьиэлэринэн (чааһынай сиэктэргэ эмиэ) сыһыарыллыбыт хастыы да прибор туруоруллар, прибор датчиктара электроэнергия туһаныллыытын ааҕаннар, энергохампаанньа серверигэр тиэрдэллэр. Ити уоту туһаныы чахчыларын хомуйууну судургутатар, суһалсытар итиэннэ уот ситимигэр көҥүлэ суох холбонууну бохсор сыаллаах.
– Быйылгы сыл бастакы аҥарыгар 2 778 счетчиги Мирнэй, Ленскэй улуустарыгар уонна Бүлүү эргинээҕи, Өлүөхүмэ итиэннэ Кэбээйи улуустарын сорох нэһилиэнньэлээх пууннарыгар туруорбуппыт. Мантан хаалбыт кэмҥэ былааммытын толорорго үлэлиэхпит, – диир АЭС сүрүн инженерэ Алексей Аникин.
Бу үлэ «Арассыыйа Федерациятыгар электрическэй энергияны учуоттааһын ситимин сайдыытынан сибээстээн, кэккэ сокуоннарга уларытыылары киллэрэр туһунан» 522 №-дээх федеральнай сокуон чэрчитинэн ыытыллар диэн «Якутскэнерго» ПАУо Арҕааҥҥы электрическэй ситимэ иһитиннэрэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0