Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр маһы таҥастыыр саамай бөдөҥ хампаанньа – «Алмас» маһы таҥастыыр хампаанньа хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыба – үүнэн турар маһы кэрдииттэн саҕалаан, тутуу маһын арааһын таҥастаан таһаарар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр маһы таҥастыыр саамай бөдөҥ хампаанньа – «Алмас» маһы таҥастыыр хампаанньа хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыба – үүнэн турар маһы кэрдииттэн саҕалаан, тутуу маһын арааһын таҥастаан таһаарар.

Ааспыты сэгэттэххэ

Мас кэрдэн, тутуу матырыйаалын бэлэмниир соруктаах «Сахалес» аһаҕас аахсыйалаах уопсастыба 1996 с. тэриллэн, Дьокуускай куоракка, Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулусса 86/4а №-гэр маһы таҥастыыр собуоту оҥостон, ырыынак ыгар уустук сылларыгар бэйэтин кыаҕынан үлэлээбитэ. Кини базатыгар 2000-с сс. «Алмас» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ тэриллибитэ, 2018 сылтан «Алмас» маһы таҥастыыр хампаанньа хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыба быһыытынан үлэлиир.

«Алмас» 2009 сылтан MХM (Massiv-Holz-Mauer – маһынан эркин панелларын оҥоруу) технологиятын туһанан, чааһынай дьиэни-уоту, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри, социальнай эбийиэктэри тутууга саҥа сүүрээни киллэрбитэ. Ол курдук, элбэхтэн аҕыйаҕы холобурдаатахха, Хаҥалас улууһун Нөмүгү, Улахан Аан нэһилиэктэригэр агро-түөлбэлэр, элбэх улууска тэриллибит агрокластердар дьиэлэрэ, «Үтүө дьыала» хамсааһын чэрчитинэн тутуллар социальнай эбийиэктэр бары бу хампаанньа матырыйаалынан оҥоһуллубуттара. Иллэрээ сыл Горнай улууһугар ойуур баһаарын кэнниттэн чөлүгэр түһэриллибит Бэс Күөлүн дьиэлэрин матырыйааллара манна бэлэмнэммитэ.

алм.jpeg

Кыттыһар – кыайыылаах

Ырыынак күрэстэһиитин, сааҥсыйа ыгыытын тулуйар, саҥа технологиянан сэбилэнэр итиэннэ бородууксуйаны батарыы тиһигин, логистиканы тупсарар инниттэн күүһү түмэн үлэлиир кыайыылаах буолар. Хампаанньа 2021 с. «Старвей Лес» аһаҕас аахсыйалаах уопсастыба састаабыгар киирэр туһунан сөбүлэһиини түһэрсибитэ. Онон билигин «Алмас» кыттыгастарынан өрөспүүбүлүкэтээҕи «РИК+» АУо уонна «Старвей Лес» ААУо буолаллар.

Хампаанньа кэрдибит тыатыгар маһы чөлүгэр түһэрэр үлэни эмиэ ыытар. Онон наука өттүнэн арыаллааһыҥҥа итиэннэ каадыры бэлэмнээһиҥҥэ М.К. Аммосов аатынан ХИФУ-ну, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнология университетын итиэннэ С.М. Киров аатынан Санкт-Петербургтааҕы судаарыстыбаннай ойуур техническэй университетын кытары үлэлэһэр. Икки салаалаах: Дьокуускайга сүрүн офиһа уонна баазата бааллар, оттон Ленскэй улууһун Витим бөһүөлэгэр леспромхозтаах, маһы кэрдэр учаастактаах.

алм-_5.jpeg

Кэскиллээх бырайыак

Үлэни-хамнаһы кэҥэтэр, саҥа таһымҥа таһаарар сыалтан «Алмас» 2018 с. инвестбырайыагы оҥорбута. Ол чэрчитинэн, 2030 сылга диэри маһы кэрдэн таҥастааһыны 450 тыһ. кубометрга тиэрдэр, материальнай-тиэхиньиичэскэй баазаны хаҥатар соруктаммыта.

Былырыын бэс ыйыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Инвестицияны тардыыга, экспорты өйөөһүҥҥэ ааҕыныстыбата, Уһук Илини уонна Аартыканы сайыннарыы корпорацията итиэннэ «Старвей Логистика» ААУо Саха сиригэр маһы таҥастааһын салаатыгар инвестбырайыактары олоххо киллэриигэ бииргэ үлэлиир туһунан дуогабары түһэрсибиттэрэ. Онуоха инвестор саҥа бырайыакка 3 млрд солк. харчыны көрөрүн туһунан иһитиннэрбитэ.

«Алмас» былырыын 86 тыһ. кубометр маһы кэрдибитэ, 18,3 тыһ кубометр тутуу маһын бэлэмнээбитэ, быйыл 100 тыһ. кубометры кэрдэр, 46,9 тыһ. кубометр тутуу маһын бэлэмниир соруктаах. 2024 сылга мас соҕотуопкатын 200 тыһ. кубометрга тиэрдиэхтээх. Ити курдук көрдөрүүтүн сыллата тупсаран иһэргэ былааннанар.

алмас_-_4.jpeg

Туһалаах пеллет

Маһы эрбэтэргэ төһөлөөх элбэх хатырык, көөбүл, мас сыыһа тахсарын ким ааҕан ситиэй? Үксэ таах быраҕыллар бу матырыйаалы туһаҕа таһаарарга хампаанньа 2022 с. сэтинньигэ анал линияны аҕалан, пеллети (оттукка туттуллар грануланы) оҥорор дьоҕус собуоту үлэҕэ киллэрбитэ. Собуот көөбүлү, хатырыгы уонна мас сыыһын өссө бытарытан, чиҥэтэн, биир сууккаҕа 1,5 туоннаны оҥорон таһаарар кыамталаах. Былырыын Саҥа дьылга диэри 163 туонна пеллети оҥорбут, быйыл 5 тыһ. туоннаны оҥорор былааннаах.

Гранулалар кээмэйдэрэ 6-9 сантиметр, экология өттүнэн ыраастар, сылааһы биэримтиэлэр, оһоххо уонна хочуолга мас, таас чох оннугар туһаныллаллар. Сииги обороллорун быһыытынан, куоска уйатыгар итиэннэ хотон муостатыгар тэлгэтиэххэ эмиэ сөп эбит. Бэлэм бородууксуйа ыскылаатыгар кыстанан турар араас кээмэйдээх тутуу матырыйаалын кытары улахан, маҥан кууллар лөглөһөн олороллоро көстөр.

– Ити атыыланар пеллет. Хочуолунайбытын пеллетинэн оттор буоламмыт, оттукка харчыны ороскуоттаабаппыт, – диир хампаанньа салайар дириэктэрэ Вячеслав Непейвода.

Алмас_-_1.jpeg

Куурдар комплекс

Пилорамаҕа эрбэммит үөл мас (хаптаһын, шпунь, уо.д.а.) технологиятын быһыытынан куурдуллуохтаах. Бу ааспыт отучча сыл устатыгар өссө «Сахалес» саҕана Германияттан аҕалыллыбыт маһы куурдар комплекс туһаныллан кэлбит. Биллэн турар, эргэрбит, уоту олус «сиир» буолбут. Ол иһин, «Алмас» быйыл сайын Ками хампаанньаттан Чехияҕа оҥоһуллубут Katres маһы куурдар комплексы атыылаһан аҕалан, таҥан туруорбут.

Саҥа комплексы үлэлэтии биһирэмэ алтынньы 13 күнүгэр буолла. Бу кэтэһиилээх дьоро күнүнэн хампаанньа кэлэктиибин бырамыысаланнас уонна геология миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Кириллин, бу министиэристибэ тустаах департаменын салайааччытын солбуйааччы Владимир Дьяконов, экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Хон, «Старвей Логистика» ХЭУо генеральнай дириэктэрэ Михаил Кузов, «РИК+» АУо генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччы Диана Петрова эҕэрдэлээтилэр.

Вячеслав Непейвода киэн тутта кэпсээбитинэн, комплекс түөрт хаамыралаах, хас биирдии хаамыраҕа 150 кубометр мас, хаптаһын киирэр. Толору күүһүнэн үлэлээтэҕинэ, сылга 20 тыһ. тутуу маһын куурдар кыахтаах. Хаамыра эркинэ сэндвич-панель, ону Саха сирин кыһыҥҥы бытарҕан тымныытын учуоттаан, эбии халыҥатан биэрбиттэр. Иһэ балачча киэҥ, маһы тиэммит автопогрузчик көҥүл эргийэн тахсар. Бастакы хаамыраҕа муоста хаптаһыннарын толору укпуттар, ону аанын (ойоҕоһунан анньыллар) сабан бараннар, салайар пульт кнопкатыны баттаан холбоотторун кытары кыра куугунас тыас иһилиннэ.

алмас_--_компа.jpeg

– Ити үөһэттэн итии салгыны үрэр реверсивнай вентилятордар үлэлииллэр, хаамыра иһэ 100 кыраадыска тиийэ итийэр кыахтаах эрээри, биһиги уоппут кыайбатынан 60 кыраадыска эрэ тиэрдиэхпит. Маннык куурдуллубут мас тэллэй ыарыытыгар төрүт ылларбат, хаачыстыбата тупсар, көрүҥүн уонна кээмэйин сүтэрбэт, – диэн дириэктэр быһааран биэрдэ уонна хаамыра кэтэх өттүгэр баар дьоҕус ааҥҥа сирдээн илтэ. Өҥөйөн көрбүппүт, хаамыра иһэ номнуо итийэ охсубут!

Маһы куурдар комплекс бары түһүмэх үлэтин туспа сыахха баар оператор компьютерынан көрөн салайар. Биһиги сылдьарбытыгар онно Ками хампаанньа наладчик-инженерэ Михаил Сорокин үлэлиэхтээх оператордары үөрэтэ сылдьара.

алмас-_2.jpeg

  • 3
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31