Онуоха уопсай үбүлээһин 1,8 триллион солкуобайга тэҥнэһиэ диэн «Российская газета” иһитиннэрэр. Уһук Хоту олорор нэһилиэнньэҕэ араас табаар уонна таһаҕас тиэрдиллиитин тиһигин быспакка хааччйыар инниттэн былааҥҥа 150 араас хабааннаах тэрээһин киирбит. Баараҕай тутуулар ыытыллыахтара. Ол иһигэр “Утренний” айылҕа гааһын уонна гаас конденсатын терминала, “Бухта Север” ньиэби кутар терминал уонна “Енисей” таас чох терминала тутуллуохтара. Сахалиннааҕы муора пуордугар тырааныспар-логистика узела тэриллиэ, Мурманскайга уонна Архангельскайга тырааныспар узелларын сайыннарыыга болҕомто күүһүрүө, бункеровка уонна тэхиниичэскэй көрүү-истии баазалара Тикси уонна Диксон пуортарыгар тутуллуохтара.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0