“Кууһунан атыылыыр маҕаһыыннарга саахар, куруппалар, бурдук, мас арыыта атыыга бүтэн эрэр" диэн сурах тилийэ көттө. Ити оруннааҕын билсэ, Дьокуускай куорат Чернышевскай уулуссатыгар турар кууһунан атыылыыр базаларга бара сырыттым.
Омуннаан ойуулаабыттар
Дьон ахсаана олус элбэҕэ суох. Ыксаабыт, ыгылыйбыт дьүһүннэрэ көстүбэт. Хатанан турар, сабыллыбыт маҕаһыын суох. Күннээҕи үлэ күөстүү оргуйар.
Атыылаһаччылартан сэмээр сылдьан, кэпсэтии быһыытынан, тоҕо “оптовайдыылларын” ыйыттым. Онуоха ким эрэ суол алдьаныан иннинэ улууска илдьээри, сорох дьонугар дэриэбинэҕэ ыытаары, кууһунан ылар эбит. Сорохтор номнуо сайын даачаҕа сииллэрин хаһаана сылдьаллар.
Дьиктитэ диэн: “Сыана ыараан, бородуукта хаһаанабыт”, -- диэччи суоҕун кэриэтэ. Ол дьон омуннуран баран, уоскуйан эрэриттэн, салалта сыананы хонтуруоллуур, тутар үлэни ыытарын өйдөөбүттэриттэн буолуо дуу?
Табаардары сэҥээрдэххэ, кырдьык, сорох кууһунан атыылыыр маҕаһыыннарга бурдук, саахар суох эрээри, атыттартан булуохха сөп. Сыана үрдээбит диэн куттанан кэлбитим эрээри, уруккуттан олус тахса илигин көрөн үөрдүм.
Атыыһыттар настарыанньалара араас: ким эрэ долгуйар, оттон ким эрэ бу быыһык бириэмэ араас саҕалааһыннары оҥорорго кыах биэрэрин бэлиэтиир.
Европаттан киирбэтэ ордук эбит
Чернышевскай уулуссатын 66 аадырыһыгар турар базаҕа “Фрукта уонна оҕуруот аһа” кууһунан атыылыыр маҕаһыын хаһаайына Рамин биир кэмҥэ табаары Дьокуускайга тиэрдии мөлтүү сылдьыбытын билинэр.
Кини Новосибирскай куораттан кууһунан ылар эбит. Билигин онно баҕарбытын курдук элбэҕи атыылаабаттарын бэлиэтиир. “Сорох базалар сабыллан тураллар”, -- диир. Бэйэтин маҕаһыыныгар табаарын урукку сыанатынан батарар. Саппааһа -- ириис куруппа, мас арыыта, сахар -- икки-үс нэдиэлэҕэ холкутук тиийэр үһү. Сыана кыралаан эбиллэрэ чуолкайын, ол эрээри аһара барбатыгар эрэллээх. Оттон фруктаны, оҕуруот аһын Москубаттан аҕалтарар. Сыаната үрдээбэтэх. “Ол Арассыыйа олохтоох бэйэтин оҥоһуута буолан, ас-үөл Европаттан киирбэтиттэн”, -- диир.
Соҕурууҥҥулар ыараппыттар
Бу уулусса 80-с нүөмэригэр турар базаҕа киһи эмиэ наһаа элбэҕэ суох. “Атыыһыттар үлэлэрэ кэминэн баран иһэр”, -- диэн аатын эппэтэх омук уола кэпсиир.
Кини 2014 сылтан кууһунан атыылыыры саҕалаабыт. Бу соторутааҕыта бүтэһик табаарын атыылаһарыгар сыана биллэ ыараабыт үһү. Ол курдук, холобур, “Jacobs” кофе кыра бааҥката урут 160 солкуобай эбит буоллаҕына, билигин 306 солкуобайга тэҥнэспит. Бу өссө кууһунан атыылаһыы сыаната. Аны бүгүн кууһунан Москубаттан саахар ылаары гыммыта, анарааҥҥылара: “Киилэтэ 100 солкуобай”, -- диэн соһуппуттар. Бу иннинэ 78 солкуобай эбит. “Сыананы наһаа үрдэппэккит” диэн үөһэттэн тоһоҕолоон эппиттэрин тутуһалларын кэпсиир.
«Быйыл кириисиһинэн сибээстээн урбаанньыттарга чэпчэтиилээх кирэдьиит биэрэллэрин олус үөрэ иһиттибит. Табыллар буоллаҕына, туһаныа этибит. Ол курдук, сыана үрдээн, эргитэр харчыбыт тиийимиэн сөп», - диир. Сыана түһүүтэ-тахсыыта быйыл эрэ буолбакка, сылын ахсын буоларын бэлиэтиир. Пандемия эмиэ бэйэтин уларытыыларын киллэрбитин, онон билигин даҕаны санаатын түһэрбэтин кэпсии-кэпсии, бородууктатын атыылыы хаалла.
Оттон 25-с нүөмэрдээх «Фаворит» павильон атыыһыт кыыһа кэпсииринэн, кинилэр табаардарын үксүн баартарынан атастаһан ылаллар эбит. Билиҥҥи туругунан саахартан ураты табаардара барыта баар.
«Олунньу ый бүтүүтэ, байыаннай дьайыылар саҕаланааттарын кытта, дьоҥҥо бородуукта ылыыга, чуолаан саахарга уонна бурдукка, ажиотаж буола сылдьыбыта. Бары былдьаһа-былдьаһа, саахары, бурдугу кууһунан атыыласпыттара. Ол иһин билигин биһиги повильоммутугар саахар суох, дьиҥэр, тиийэр баар этэ. Сотору саҥа табаар кэлэрин күүтэбит», - диэн бүрүүкээбит балаһыанньатын быһаарар.
Аһа суох хаалыахпыт суоҕа
Татьяна Курганова -- 18 сылтан ордук кэм устата ас-үөл кууһунан атыытын урбаанньыта. Билигин кини Дьокуускай куорат уһуйааннарын үксүн уонна балыыһалары дуогабарынан хааччыйар. Дуогабардары сыл саҕаланыыта баттаспыттар.
-Бу саас хаһан да буолбатах элбэх саахары нэһилиэнньэ атыыласта. Урбаанньыттар маннык түбэлтэҕэ кыратык бэлэмэ суох буолан биэрбиппит. Сымыйа аҥаардаах ыгылытар сурахтар тарҕананнар, маннык балаһыанньа үөскээбитэ. Бородуукта, дьиҥэр, тиийэр баар, аһа суох хаалыахпыт суоҕа.
Манна даҕатан эттэххэ, быйыл урбаанньыттар хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэҕи хаһааннылар. Сыаната кыратык ыарахан буолуо. Ол поставщиктар, оҥорон таһаарааччылар сыананы үрдэппиттэриттэн. Ортотунан табаар 20-30% үрдээтэ. Саахарга сыана күүскэ таҕыста. Ол эрээри кууһунан атыылыыр урбаанньыттар, сокуоҥҥа олоҕуран, саахарга, мас арыытыгар, бурдукка уонна куруппаларга эбии 20% эрэ үрдэтэбэт. Бу киирэр дохуоппутугар дьиэбит арендатын, үлэһиттэрбитигэр хамнастарын, араас нолуоктары төлүүбүт. Сыананы олоҕо суох үрдэтэр көҥүллэммэт.
Татьяна Евгеньевна инникитин балаһыанньа тупсарыгар бигэ эрэллээх. Оттон уһуйааннарга, балыыһаларга дуогабарынан көрүллүбүт сыанаҕа табаары ыам ыйыгар диэри холкутук тиэрдэрин этэр. “Ол эрээри балаҕан ыйыттан сыана маннык тахсар түгэнигэр, дуогабардарга уларыйыы киириэн сөп”, -- диир.
Кини этэринэн, үлэлээбитин тухары араас моһоллору көрсөн ааспыт. Ити гынан баран, сыана маннык эмискэччи хаһан да тахсыбатах үһү. Холобура, 2018 сыл эмиэ чэпчэкитэ суох эбит. Онно доллар 50 солкуобайтан эмискэ 70 солкуобай буолбут. “Аска-таҥаска сыана үрдээбитэ эрээри, наһаа маннык курдук буолбатах этэ”, -- диир.
«Биһиги киэҥ нэлэмэн Арассыыйа эрэгийиэнэ буоларбыт быһыытынан, бырааттыы Донбасс, Луганскай олохтоохторун өйөөн, иллээх-эйэлээх олоҕу түстүүргэ туһуланан тэриллибит байыаннай дьайыылары өйүөхтээхпит. Сааҥсыйалартан куттаммакка, биһиэхэ саҥа кыахтар арыллалларын саныах тустаахпыт. Бу балаһыанньа биисинэскэ өссө улахан кыаҕы биэриэн сөп. Холобур, “Макдональдс” бардаҕына, Арассыыйа фастфуттара тахсар кыахтаныахтара. Оччоҕо нолуок, дохуот барыта дойдубутугар хаалыаҕа. Бары түмсүүлээх эрэ буоллахпытына кыайыахпыт», - диэн этэр.
Бу курдук Дьокуускай куорат олохтоохторо сөбүлээн сылдьар кууһунан атыылыыр базаларыгар сырыттым. Урбаанньыттар санаалара бөҕөҕө үөрдэр. “Биисинэспитин сабан тохтуубут”, -- диэччи суох. Олохтоох былааска эрэллэрэ улахан.
Онон, күндү ааҕааччылар, эһиги эмиэ ыгылыйбакка, холкутук олоруохха. Бу күннэргэ таһаҕас тиэммит поезд бөҕө Аллараа Бэстээххэ кэллэ. Күҥҥэ сүүстэн тахса вагону сүөкүүллэр. Онон сыана түһэн эрэрин этэллэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0