Ол иннинээҕи нэдиэлэҕэ бензин сыаната эмиэ кыра-кыралаан үрдүү турбута ааспыт нэдиэлэҕэ өссө түргэтээтэ. Оттон Турцияҕа бензин сыаната от ыйын 16 күнүгэр 20% ыараата.
Уматык сыаната дойдуга инфляция таһымыттан, сырье котировкатыттан быһаччы тутулуктаах.
Дьокуускайга бүгүн, от ыйын 18 күнүгэр «Сибойл» сапыраапкатыгар АИ-95 бензин лиитэрэтэ 62,20 солк., АИ-92 лиитэрэтэ 59 солк., дизельнэй уматык 75,50 солк. диэри үрдээтэ. «Саханефтегазсбыт» сапыраапкатыгар АИ-95 бензин лиитэрэтэ 57, 80 солк., АИ-92 лиитэрэтэ 57 солк., дизельнэй уматык 77, 20 солк.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 9