Киин Баан кэммиэрчэскэй бааннарга саамай кыччаабыта ключевой ыстаапка кээмэйинэн кылгас кэмнээх кирэдьиит биэрэр уонна үбү депозикка уурдарыыга ылар. Ключевой ыстаапка инфляция кээмэйигэр быһаччы сабыдыаллыыр.
Боростуой тылынан быһаардахха, билигин кирэдьиит бырыһыана үрдүүр, оттон үбү уурдарыы дохуота эбиллэр.
Атырдьах ыйыгар дуоллар уонна евро күн аайы үрдүү тураллар, күн бүгүн дуоллар биир мөһөөккө чугаһаан, 97, 4 солк., евро 106,5 солк. тиийдэ. Солкуобай мөлтөөтөҕүнэ сыана эмиэ ыарыыр, нэһилиэнньэ сыаналаах уонна амтаннаах аһы-үөлү, табаар эгэлгэтин атыылаһар, төлөбүрдээх өҥөнөн туһанар кыаҕа намтыыр.
Кирэдьиит бырыһыана үрдээтэҕинэ, ипотека ыарыыр, ону таһынан, оҥорон таһаарыы, урбаан сайдыыта бытаарар.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0