Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -34 oC

Ил Түмэн экэниэмикэ, инвестиция уонна бырамыысыланнас бэлиитикэтигэр сис кэмитиэт ааспыт нэдиэлэтээҕи мунньаҕар СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Ольга Рафаилова Өлүөнэ өрүһү туоруур күргэни тутуу туһунан билиһиннэрдэ.

Ил Түмэн экэниэмикэ, инвестиция уонна бырамыысыланнас бэлиитикэтигэр сис кэмитиэт ааспыт нэдиэлэтээҕи мунньаҕар СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Ольга Рафаилова Өлүөнэ өрүһү туоруур күргэни тутуу туһунан билиһиннэрдэ.

Бырайыак кыттыгастааҕа, толорооччута ВИС хампаанньа, үбүлээччитэ Сбербаан, генеральнай бэдэрээччит «ВИС Строй», бырайыактааччы Санкт-Петербург куораттааҕы Гипростроймост үнүстүүт.

Күргэ тутулуннаҕына, үс федеральнай айан суолун холбуоҕа: Өлүөнэ, Халыма, Бүлүү. Оччотугар өрөспүүбүлүкэ төгүрүк сыл тырааныспарынан хааччыллыыта 20,9% таһыччы үрдээн, 87% тиийиэхтээх. Новосибирскайтан Магадааҥҥа диэри айан суола 905 км. аччыахтаах.

Хоту табаары тиэйиигэ ороскуот намтаан, сыл ахсын өрөс­пүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр 4,7 млрд. солк. кэмчилиир кыахтаныахтаахпыт.

3 1

Күргэ үс түһүмэҕинэн тутуллуохтаах, 2024 с. бырайыактыыр үлэ түмүктэнэн, тутуу саҕаланыахтаах, билигин бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллар.

2022 с. үһүс кыбаарталыгар олохтоммут сыананан, эбийиэги тутуу ороскуота быһа холоон, 129,5 млрд. солк. диэн ааҕыллыбыт. Үбүлээһин федеральнай бүддьүөттэн 65 млрд. солк. (50%), өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 26 млрд. солк. (20%), атын сиртэн 38,5 млрд. солк. (30%) көрүллүөхтээх.

9 1

Үйэ мэҥэ бырайыагын Бэрэсидьиэн Владимир Путин өйөөбүтэ, кини Өлүөнэ өрүһү туоруур күргэ тутуутун 2028 с. диэри бүтэрэргэ федеральнай Бырабыыталыстыбаҕа сорудах биэрбитэ. Онон үбүлээһин боппуруоһа быйыл быһаарыллыа диэн эрэл баар.

7 1

Дойду биир саамай улахан өрүһүн туоратар, ирбэт тоҥ үрдүгэр тутуллар баараҕай күргэ үс пилоннаах, вантовай оҥоһуулаах. Уопсай уһуна 14,5 км., эстакадалаах вантовай чааһа 4,6 км. уһуннаах, киин пилон үрдүгэ 284,5 м., ойоҕосторо 194,5 м. Күргэҕэ киирэргэ 9,9 км. уһуннаах суол тутуллуоҕа. Быйыл технологическай былаһаакка, муостаҕа киирэр суол, Табаҕа боротуохатыгар быстах кэмҥэ туттуллар муоста оҥоһуллуохтаахтар. Уҥа кытылга үлэһиттэр олороллоругар, үлэлииллэригэр оробуочай куорат, матырыйаалы харайар ыскылаат баар буолуохтаах.

8 1

Үбүлээһин улаатыахтаах

Артем Артемьев, Өлүөнэ эбэни туоруур күргэни тутар дириэксийэ генеральнай дириэктэрэ:

—      Күргэни  тутарга Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгиттэн киирэр суолу бырайыактыыр докумуон бэлэм. Былырыын сыл бүтүүтэ биэс сыллаах былаан уонна Дьокуускай куорат маастар-былаана оҥоһуллубута. Онно олоҕуран федеральнай киинтэн бастакы үп көрүлүннэ, биир докумуонунан 43 млрд. солк., оттон маастар-былааҥҥа 65 млрд. солк. киирдэ.

Биһиги билигин федеральнай биэдимистибэлэри кытта үлэлэһэбит, икки докумуоҥҥа 65 млрд. солк. киирэрин туруорсабыт.

Концессионер, ВИС чааһынай партнер быйыл былаһааккалары, киирэр суоллары бэлэмниэхтээх. Өлүөнэ эбэни туоруур күргэни тардыы үлэтэ 2025 с. саҕаланыахтаах.

Хаартыска: https://vis-group.ru/projects/item/most-cherez-reku-lena-g-yakutsk/

  • 0
  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением