Дойду бэрисидьиэнэ Владимир Путин Дьокуускайга кэлэ сылдьан, үбүлээһин харгыһа суох, өссө урутаан барыахтааҕын туһунан сыал-сорук туруорбут. Кини Өлүөнэ эбэни туоруур күргэ 2028 с. бүтүөр диэри бэлэм буолуохтааҕын сорудахтаабыт. Онон 5 млрд. солк. федеральнай киинтэн быйыл кэлэрэ күүтүллэр.
300 мөл. солк. эрэгийиэннээҕи гыраан харчыта от ыйыгар тутууну саҕалыырга төлөнүөхтээх. Быйыл өрүс кытылыгар тутуу үлэтэ бүтэн-оһон, эһиил ууга тахсан, тирэхтэри бэлэмниэхтээхтэр. Владимир Сивцев РФ Киин Баана сүрүн ыстаапканы үрдэтэн, улахан сууманы кирэдьиит ылар табыгаһа суоҕун бэлиэтээтэ.
Хаартыска: https://vis-group.ru/pressroom/news/proektnaya-dokumentatsiya-po-osnovnomu-etapu-stroitelstva-lenskogo-mosta-podana-na-rassmotrenie-gose/
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0















