Арассыыйаҕа 2025 с. тохсунньу 1 күнүттэн хамнас алын кээмэйэ үрдээн, 22 440 солк. олохтонно. Саха Сиригэр 1,7 оройуоннааҕы эбилиги ааҕан туран, хамнас алын кээмэйэ 56100 солк., 2,0 оройуоннааҕы эбилигинэн 62 832 солк. тиийдэ. Биллэн турар, билиҥҥи сыананан маннык хамнастаах киһи ипэтиэкэни ылар, кирэдьиитин төлүүр да кыаҕа суох.
«2025 с. бүддьүөтү икки ый тухары олус ыарахан усулуобуйаҕа көрдүбүт. Ил Дархан Айсен Николаев, РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин, итиэннэ быыбардааччыларбыт туруорсар соруктарын болҕомтоҕо ыллыбыт.
Норуот дьокутааттара, бастатан туран, бүддьүөт үлэһиттэрин хамнаһын үрдэтэри туруорсаллар, чуолаан, ыам ыйынааҕы ыйаахха киирбэккэ хаалбыт “атыттар” хамнастарын көрөр уолдьаста.
Ону таһынан, ОДьКХ эйгэтин субсидиялааһыны, тыа хаһаайыстыбатын өрө тардыыны көрүөхтээхпит. 2025 с. устата бүддьүөккэ хаста даҕаны чопчулааһын ыытыллыаҕа», — диэн бэлиэтээтэ спикер Алексей Еремеев.
Хомунаалынай хаһаайыстыбаны субсидиялыырга ороскуот таһыччы улаатта. Соторутааҕыта эрэ 15-20 млрд. солк. көрүллэр этэ, оттон 2025 с. бу салааҕа ыытыллар бүддьүөт ороскуота 50 млрд. солк. чугаһаата. Онон ОДьКХ салаатын реформалааһын ыытыллыахтаах.
Саахалланар туруктаах хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү иккис түһүмэҕэр үп-харчы тиийбэтэ, бу бырагыраама үһүс түһүмэҕэр үбүлээһин көрүллүбэтэ. Ону таһынан, тулаайах оҕолору дьиэнэн хааччыйарга, эдэр ыаллар учаастактарын хааччыйарга бүддьүөт үбэ эмиэ ситэ тиийбэккэ хаалла.
Алексей Еремеев этэринэн, 2025 сылга бүддьүөккэ киирэр уларытыыларга, көннөрүүлэргэ атыттар диэн ааттанар (прочие) бүддьүөт үлэһиттэрин хамнаһын үрдэтиини бастакынан көрүөхтэрэ. Күн бүгүн бу араҥаҕа үлэлиир дьон 45 000 – 55 000 солк. хамнастаахтар.
Василий Кононов хаартыскаҕа түһэриитэ.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0