Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -15 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Ил Түмэҥҥэ ыытыллыбыт төгүрүк остуолга «Полярные авиалинии» авиахампаанньа генеральнай дириэктэрэ Семен Винокуров сөмөлүөт уматыга, мотуора, саппаас чааһа ыараабыта, аэропуорка көтөр аал көтөрүн-түһэрин хааччыйыы төлөбүрэ үрдээбитэ билиэт сыанатыгар охсорун бэлиэтээтэ. Чуолаан сааҥсыйа, хааччах кэмигэр арҕаа дойдулартан саппаас чааһы аҕалар уустугурда.

L-410 Чехияҕа уонна «Pilatus РС-6» Швейцарияҕа оҥоһуллубут сөмөлүөттэр мотуордарын саппаас чааһа көстүбэккэ былырыыҥҥыттан бу тиэхиньикэттэн аккаастаннылар.

Улуустарга көтөр АН-24, АН-26 сөмөлүөттэр барахсаттар 50-ча сыл тухары үйэлэрин моҥоотулар, кинилэр көтөр болдьохторун  60 сылга диэри уһатарга быһаарыммыттар. Дойду үрдүнэн бу сөмөлүөтү өрөмүөннүүр биир эрэ собуот хаалбыт. АН-24 сөмөлүөт мотуорун сыаната 10 мөл. солк. 55 мөл. солк. диэри ыараабыт.

Холобур, МИ-8 МТВ бөртөлүөт мотуора 100 мөл. солк. Көтөр тиэхиньикэ үс мотуорун саҥардарга 330 мөл. солк., ону таһынан, АН-24 икки мотуорун атыылаһарга 100 мөл. солк. ирдэнэр. Бу үбү буларга 2025 с. авиахампаанньа бүддьүөттэн көрүллэр субсидияҕа, норуот дьокутааттарын өйөбүлүгэр  наадыйарын биллэрдэ.

Сыана муҥутуур ыараан турар кэмигэр саҥа сөмөлүөтү атыылаһар өссө уустугурда. «Байкал» суудуна 127 мөл. солк. 400 мөл. солк. диэри, «Ил-114» уонна «Ладога» 800 мөл. солк. 2,5 млрд. солк. тиийэ ыараатылар. Лиизин хайысхатынан судаарыстыба бүддьүөттэн көмө оҥордоҕуна биирдэ көтөр ааллары саҥардыахха сөп. 

Хаартыска Андрей Сорокин, СИА. 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0