Суол-иис көрдүүллэрэ хайҕаллаах
Соторутааҥҥа диэри маннык дьиэҕэ-уокка хааллан олоруохпут диэн ким сэрэйбитэ, билбитэ баарай?! Онон барыбытыгар да көһүппэтэх өттүттэн быһыы-майгы буолла. Хаһыаппыт ааспыт нүөмэригэр коронавирус ордук аччыгый уонна орто бизнескэ охсуулаах буолбутун туһунан суруйан турабын.
Олох сокуонунан, киһи күүппэтэх өттүттэн олорон кэлбит олоҕун укулаата соһуччу уларыйдаҕына, бастаан өмүттэҕин. Онтон ыһыктынан кэбиспэтэхтэр итинтэн тахсар суолу-ииһи көрдөөбүтүнэн бараллар. Өрөспүүбүлүкэбит урбаанньыттара үгүстэрэ уустук кэми мүлчү түһэр суолу-ииһи көрдөөн эрэллэрэ хайҕаллаах.
Маны таһынан аччыгый уонна орто бизнескэ үлэлиир, олоҕу хамсатар дьоммут түмсэн сүбэлэһэллэрэ-амалаһаллара эмиэ олус үчүгэй. «Ыарахан кэми түмсүүлээх, сомоҕолоһуулаах эрэ буоллахха, этэҥҥэ ааһаҕын» диэн мээнэҕэ эппэттэр.
Дьон доруобуйата — бастакы күөҥҥэ
Ол эрээри аан дойдуга бүтүннүүтүгэр буола турар уустук кэмҥэ бизнеһи көҥүл-босхо ыыттахха, хайдах курдук содулланарын Алдан холобуругар көрдүбүт. Ил Дархаммыт Айсен Николаев «дьон доруобуйата — саамай кылаабынай» диэн этэрэ сөптөөх.
Бу сибилигин NewsYkt сайтка Дьокуускай куорат парикмахерскай, педикюр, маникюр, о.д.а. өҥөлөрүн оҥорор салоннара былааска туһаайан, «биһигини үлэлэтиҥ» диэн суруйууларын аахтым. Коронавирустан ордук рестораннар, кафелар, остолобуойдар, өҥө оҥорор салоннар, гостиницалар, эргиэн кииннэрэ, табаары атыылыыр маҕаһыыннар охсууну ылбыттара өйдөнөр.
Хас хонон турдахпыт ахсын дойдубутугар коронавирус олус түргэнник тэнийэрин бары билэн-көрөн олоробут. Онон баар уустук быһыыны-майгыны өйдөөн, бары кытаатан тулуйуоҕуҥ диэн этиэм этэ. Биир сыыһа хамсаныы, дьаһаныы алдьархайга тиэрдиэн, дьиэҕэ харантыыҥҥа хаайтаран олоруубут онтон сылтаан өссө уһаан биэриэн, тэбиитэ улаатан тахсыан сөптөөҕүн, киһи оонньообот вируһа турбутун кытаанахтык өйдүөх тустаахпыт. Чэпчэкитэ суох кэми мүлчү түһүүбүтүгэр тулуур эрэ тирэх буолуоҕа.
Аччыгый уонна орто бизнескэ үлэлиир, олоҕу хамсатар дьоммут түмсэн, сүбэлэһэллэрэ-амалаһаллара эмиэ олус үчүгэй. «Ыарахан кэми түмсүүлээх, сомоҕолоһуулаах эрэ буоллахха этэҥҥэ ааһаҕын» диэн мээнэҕэ эппэттэр.
Өрөспүүбүлүкэбит биир бастакынан
Биллэрин курдук, өрөспүүбүлүкэбит дойду регионнарыттан биир бастакынан, суһаллык, түргэн тэтиминэн аччыгый уонна орто бизнеһи өйүүр дьаһаллары ылыммыта. Кулун тутар 24 күнүгэр итиннэ аналлаах Ил Дархан 1075 №-дээх Ыйааҕа тахсыбыта. Нолуок төлөбүрүгэр быстах кэмҥэ тохтобул, куортам, дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыба төлөбүрүн болдьоҕун уһатыы, «кредит каникулун» биллэрии механизмнара толкуйдаммыттара. Баар балаһыанньаттан көрөн, аччыгый бизнеһи өйүүр дьаһаллары салгыы ылыналларыгар Ил Дархан бырабыыталыстыбаҕа сорудахтаан турар.
Ил Түмэн өрөспүүбүлүкэ предпринимателлэрин холбоһуктарыттан киирбит этиилэринэн парламент үс: экономическэй, инвестиционнай уонна промышленнай политикаҕа (бэрэссэдээтэл Павел Петров), бюджеккэ, үпкэ, түһээн уонна сыана политикатыгар, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар (Юрий Николаев) уонна предпринимательство, туризм уонна инфраструктура сайдыыларыгар (Игорь Григорьев) сис кэмитиэттэрин этии бэлэмнииллэригэр спикер Петр Гоголев сорудахтаабыта.
Маны таһынан спикер парламент тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылары судаарыстыба өттүттэн эбии өйүүр дьаһалларга этии киллэрэригэр Ил Түмэн аграрнай политикаҕа уонна тыа сиригэр сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлигэр Андрей Находкиҥҥа сорудах биэрбитэ. Биллэрин курдук, коронавирус туруутуттан сылтаан тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччыларбыт эмиэ биллэр-көстөр уустуктары көрүстүлэр.
Муус устар 14 күнүгэр предпринимательство уонна эргиэн миниистирэ Ирина Высоких Инстаграмҥа быһа эфиргэ тахсан, аччыгый уонна орто бизнес бэрэстэбиитэллэрин ыйытыыларыгар хоруйдаата.
«Кафенан эрэ муҥурдаммыппыт буоллар»
Бизнес эйгэтигэр баар быһыыны-майгыны өссө чуолкайдык сырдатар туһуттан бу сырыыга эмиэ өрөспүүбүлүкэбит предпринимателлэрин кытта кэпсэтэ сырыттыбыт.
Сардаана Портнягина, Уус-Алдан улууһун Бороҕон сэлиэнньэтин предпринимателэ:
— Мин бизнеспин 2010 сыллаахха олох кыраттан саҕалаабытым. Ас астааммын, тута сылдьан атыылаабытым. Онтон хос куортамнааммын кыра кафе арыйбытым. Ааспыт 2019 сыллаахха бэйэбит кафе дьиэтин туттаммыт үлэҕэ киллэрбиппит. Үчүгэй баҕайытык саҥа дьиэҕэ үлэбитин-хамнаспытын саҕалаан истэхпитинэ, маннык чэпчэкитэ суох быһыы-майгы буолан хаалла. Былаан бөҕөбүт тоҕунна.
Саас саамай дьон бэлиэ түгэннэрин, үбүлүөйдэрин, урууларын бэлиэтиир, бырааһынньыктары тэрийэр кэмнэригэр. Онон биһиги бизнеспит улахан охсууну ылла. Сүүрбэччэ үлэһиттээхпин. Билигин хамнаһа суох дьиэҕэ олороллор. Кинилэр баар быһыыны-майгыны өйдүүллэр.
Өссө биһиги маҕаһыыннаах уонна бэкээринэлээх буоламмыт, өйөбүллээхпит. Үрүҥ, хара килиэптэри, араас бурдук астары быспакка атыыга таһаарабыт. Аҥаардас кафенан эрэ муҥурдаммыппыт буоллар иэдэйиэх этибит.
«Үлэбит туран хаалла»
Степанида Федорова, «Лидия» салон дириэктэрэ:
— Дьокуускайга «Лидия» салонум арыллан үлэлээбитэ уонтан тахса сыл буолла. Сэттэ үлэһиттээхпин. Биллэн турар, салон үлэтэ, өҥө оҥоруу клиеннэртэн тутулуктаах. Харантыын кэмигэр үлэбит-хамнаспыт туран, харан хаалла. Онон үлэһиттэр хамнаһа суох дьиэбитигэр олоробут. Предпринимателлэргэ дьиҥ-чахчы уустук кэм үүннэ. Онон судаарыстыба өттүттэн өйөбүлгэ наадыйабыт. Коммунальнай өҥө төлөбүрүгэр уонна кредиккэ быстах кэмҥэ тохтобул хайаан да наадалаах. Предпринимателлэр баһыйар үгүстэрэ кредиттээхтэр. Ол биллэр дьыала.
Дьокутаат санаата
Куһаҕан эмиэ үчүгэйдээх
Иван Данилов, Ил Түмэн дьокутаата, «Строительнай» ырыынак генеральнай дириэктэрэ:
- «Куһаҕан эмиэ үчүгэйдээх» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Хас биирдии кириисис, уустук кэм саҥа кыахтары арыйар, саҥа толкуйу тобулар. «Строительнай» ырыынакка турар предпринимателлэрбин, хас биирдиилэрин кытта үлэлэһэ сылдьабын. Дистанционнай, тэйиччиттэн атыыны-тутууну төһө кыалларынан түргэнник баһылааҥ уонна сайыннарыҥ диэн сүбэлиибин-амалыыбын. Кинилэргэ үлэлииллэригэр-хамсыылларыгар саҥа улахан кыах үөскээбитин быһаарабын. Үгүстэр өйдүүллэр. Бу — чэпчэкитэ суох дьыала. Дьиҥэ, сайдыылаах дойдуларга тэнийбитэ ыраатта. Харантыын кэмигэр дьоммут атыы-эргиэн ити ньыматыгар үөрэнэн хаалыахтарын наада. Кыһалҕаттан саҥаҕа үөрэнэн хаалыахпыт. Коронавирус хаһан эрэ син биир бүтүөҕэ. Олох, үлэ салҕаныаҕа. Предпринимателлэр уустук быһыыга-майгыга үөрэммит, баһылаабыт дистанционнай атыы ньыматынан эбии дохуот оҥостуохтара. Итинтэн сылтаан судаарыстыба эмиэ аччыгый уонна орто бизнеһи салгыы сайыннарыыга түмүктэри оҥостуон наадалаах.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0