Манна сиэттэрэн, РФ премьер-миниистирэ Михаил Мишустин 6,5%-наах чэпчэтиилээх ипотека бырагыраамматын бигэргэтэр туһунан уураахха илии баттаата. Уураах дойду Бырабыыталыстыбатын саайтыгар таҕыста.
“Чэпчэтиилээх ипотека 2020 сыл сэтинньи 1 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ. Ыстаапката 6,5% үрдээбэт уонна кирэдьиит болдьоҕун устата оннунан хаалыаҕа. Бу бырагыраамманан Москваҕа уонна Санкт-Петербурга 8 мөл. солк. диэри, оттон атын регионнарга 3 мөл. солк. диэри сыаналаах дьиэни ылыахха сөп”, – диэн быһаарыы сурукка чуолкай ыйыллар.
Аны туран, ипотека кирэдьиитин бастакы усунуоһа 20% намыһах буолуо суохтаах. Бырагыраама көмөтүнэн 250 тыһ. ипотека кирэдьиит бэриллэрэ былааннанар. Ону таһынан, тутуу эйгэтигэр эбии 900 млрд. солк . киирэрэ күүтүллэр.
Бырагыраама ирдэбилинэн, чэпчэтиилээх ипотеканы атыылаһыы уонна атыылааһын дуогабарынан ылыахха сөп буолар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0