Сокуон барылын төрүөтэ туохханый?
Чуолаан, «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр регионнааҕы инвестиция бырайыагын үлэлэтии чааһыгар Нолуок кодексын биирдиилээн балаһыанньаларын олоххо киллэрии туһунан” СӨ сокуонугар уларытыы киллэрэр сокуону ылыннылар. Бу сокуон барылын Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыга көҕүлээн киллэрбит.
Официальнай докумуоннарга төһө да сууххай тылынан биир этиинэн суруллан кэбиспитин иһин, бу сокуон барыла өрөспүүбүлүкэ экэнэмиичэскэй туругар үтүөнэн эрэ эргийэн тахсар. Тоҕо сокуоҥҥа уларытыы киллэрдилэр? Санатар буоллахха, 2016 сыллаахха РФ бырабыыталыстыбата регионнааҕы инвестиция бырагырааматыгар киирээччилэргэ нолуоктарыгар сыһыаннаан Нолуок кодексыгар уларытыы киллэрбитэ. Ол сокуонунан, РФ субъектарыгар кинилэр сирдэригэр үлэлиир бырамыысыланнас хампаанньалара ылар барыстарын иһин нолуок төлөбүрүгэр чэпчэтии көрүллүөн сөбө. Саха сиригэр бу чэпчэтии 2016 сыллаахха кэккэ бырамыысыланнас хампаанньаларыгар бэриллибитэ. Ол түмүгэр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ миллиардынан сууманы сүтэрбитэ.
Пленарнай мунньахха кэккэ туһааннаах хампаанньаларга түһээн кээмэйин туһунан сокуону ылыналларыгар, сокуон барылын билиһиннэрбит экэниэмикэ миниистирэ Майя Данилова уларытыы өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтигэр көдьүүстээх буолуоҕун ыйбыта. Кини: “Өрөспүүбүлүкэ бырамыысыланнай тэрилтэлэригэр барыстарын иһин нолуогу төлүүллэригэр оҥорбут чэпчэтии бүддьүөт туругар охсуо суохтаах. 2018 түмүгүнэн уонна 2019 сыл сыанабылынан регионнааҕы инвестиция бырагырааматын кыттыылаахтарыгар өрөспүүбүлүкэттэн көрүллүбүт чэпчэтиилэртэн бүддьүөппүт балаһыанньата тупсубатах”, — диэн эппитэ.
Ол курдук, биһиги ааҕааччыларбытыгар бу сокуон туһунан сиһилии билиһиннэрэр туһуттан, Ил Түмэн бүддьүөккэ, үпкэ, нолуок уонна сыана политикатыгар, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччытын, норуот дьокутаатын Гаврил Алексеевы кытары кэпсэттибит. Кини бу сокуон тоҕо ылыллыбытын, үтүө өрүттэрин уонна ханнык бырамыысыланнай тэрилтэлэр хапсалларын туһунан олус судургутук быһааран биэрдэ.
Дьокутаат санаата
Сүрүн өйдөбүллэри судургутук
— Норуот дьокутааттара РФ Нолуогун кодексата биэрбит быраабынан туһанан, регионнааҕы инвестиция бырагырааматын кыттыылаахтарын нолуогар уларытыы киллэрдилэр. Бу сокуон үрдүк дохуоттаах тэрилтэлэри таарыйыаҕа. Үрүҥ, кыһыл көмүһү, руданы хостооччу тэрилтэлэр хапсаллар. Ханнык түгэҥҥэ бу сокуон кинилэргэ сыһыаннааҕый? Өскөтүн капитальнай ууруу аччыгый кээмэйэ (минимальный объем капитальных вложений) 3 сыл устата 500 мөл. солк. элбэх буоллаҕына, оттон 5 сыл устата 5 млрд солк. элбэх буоллаҕына, регионнааҕы инвестиция бырагырааматыгар киирэллэр. Ылыммыт сокуоммут, үөһэ эппитим курдук, үрүҥ, кыһыл көмүһү уонна руданы хостуур тэрилтэлэргэ сыһыаннаан үлэлиир. Онтон атын хампаанньалар, федеральнай сокуонунан, капитальнай үптэрин аччыгый кээмэйэ 50 мөл. солк. кыра буолбатаҕына, регионнааҕы инвестиция бырагырааматыгар киирэллэр. Регионнааҕы инвестиция бырагыраамата РФ кэккэ субъектарыгар, чуолаан, Бурятия, Тыва, Хакасия өрөспүүбүлүкэлэригэр, Забайкальскай, Хабаровскай, Камчатскай, Приморскай, Красноярскай кыраайдарга, Магадан, Амур, Иркутскай, Сахалин уобаластарыгар, Еврейскай автономнай уобаласка, Чукоткатааҕы автономнай уокурукка уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үлэлиир. Бу субъектар сирдэригэр-уоттарыгар үлэлиир бырамыысыланнай тэрилтэлэр регионнааҕы инвестиция бырагырааматыгар киирэн үлэлэрин ыытыахтарын сөп. Ол эрээри, регионнааҕы инвестиция бырагырааматыгар гаас, ньиэп хостуур, онтон бородууксуйа оҥорон таһаарар уонна таһар хампаанньалар киирбэттэр.
Тоҕо көмүс хостооччу тэрилтэлэригэр сыһыаннааҕый?
Депутат Гаврил Алексеев быһаарыытын истэн баран мин: “Тоҕо чопчу көмүс уонна руда хостуур тэрилтэлэр эрэ хапсалларый?”, — диэн ыйыттым. — Бу тэрилтэлэр капитальнай ууруу үптэрин аччыгый кээмэйэ үс сыл иһигэр 500 мөл. солк., 5 сыл иһигэр 5 млрд буоллаҕына, регионнааҕы инвестиция бырагырааматыгар киирэллэр диэн. Урут бу сыыппара 50 мөл. солк. эрэ тэҥнэһээччи. Оттон, ылан көрдөххө, көмүс хостуур тэрилтэлэр барыстара үрдүк, кинилэр бу сууманы угуохтарын сөбө баар суол. Өскөтүн 50 мөл. солкуобайынан эрэ муҥурданарбыт буоллар, Сахабыт сиригэр бөдөҥ, бытархай көмүс хостуур тэрилтэлэр кутуллаллара саарбахтаммат. Онон сокуон икки өрүттээх диэххэ сөп – бастакытынан, сирбит-уоппут тэпсиллибэккэ, экологиябытыгар үтүө өрүтүнэн эргийэр, иккиһинэн, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ барыстан киирэр нолуогунан балаһыанньатын тупсарар.
Бырамыысыланнас салаата сайыннаҕына эрэ Гаврил Алексеев өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн санаппытыгар, 2020 сыллаах дохуот туһунан эмиэ кылгастык кэпсииригэр көрдөстүм. — 2019, 2020 сылларга Ил Түмэҥҥэ судаарыстыбаннай бүддьүөппүтүн хаста да төхтүрүйэн туран ылыммыппыт. Ол уустук боппуруостар баалларын туоһулуур. 2020 сылга уопсай дохуоппут 219 млрд солк. тэҥнэһэр, ол онтон бэйэбит киллэрэр дохуоппут 111 млрд. солк. эрэ, аҥаарыттан оннооҕор кыра. Бу суума 30%-на бырамыысыланнай тэрилтэлэр нолуоктарыттан киирэр дохуот буолар. Оттон 27 млрд солк. үлэлии сылдьар дьон хамнастарыттан төлүүр 13% нолуоктарыттан киирэр. Ол курдук, сүрүн дохуоппут ороскуоппут аҥаарын эрэ сабар. Онон өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата уонна парламена сүрүн сыалларынан бырамыысыланнас салаатын күүскэ сайыннаран, инвестициялыыр хампаанньалары тардааһын буолар. Оччоҕо өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр кинилэр барыстарыттан түһээн быһыытынан үп киирэн, социальнай-экэнэмиичэскэй балаһыанньабыт тупсуо этэ. Экология иһин сүрэхтэринэн ыалдьар дьон бырамыысыланнас хампаанньалара кэлэн үлэлииллэрин утараллар. Ол эрэн биири өйдүөх тустаахпыт, биһиги бүддьүөппүт олохтоноругар бу хампаанньалар улахан дьайыылаахтар. Онон аныгы кэм ирдэбилин тутуһан, экологияны харыстаан, бырамыысыланнас үлэтэ ыытыллыахтаах.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0