Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -23 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | 96,25

Сэбээн Күөлгэ ортотунан 800-чэ киһи олорор. Кинилэр таһыччы уратылаахтар – Саха сирин үрдүнэн бу нэһилиэккэ эрэ эбээннэр бэйэлэрин төрүт тылларын бары кэриэтэ тутан олороллор. Олохтоохтор 90 %-нара эбээннии кэпсэтэллэр. Хаалбыт бырыһыана – кэлии дьон. Ол гынан баран атын улуустартан кэлэн олохсуйбут дьон сыл иһигэр эбээннии өйдүүр буолаллар үһү.

Кэбээйи улууһун үрдүнэн улахан нэһилиэнньэлээҕинэн төрдүс миэстэни ылар. 2018 с. биэрэпис түмүгүнэн, нэһилиэнньэ ахсаана 767 киһи эбит буоллаҕына, билигин докумуоҥҥа сурулларынан – 700-чэ кэриҥэ. Биллэн турар, ханнык баҕарар тыа сиригэр курдук киин сиргэ көһүү бэлиэтэнэр. Ол гынан баран Сэбээн Күөллэр бэйэлэрэ: “Ыччаппыт үксэ олохсуйа кэлэр. Тоҕо диэтэххэ, манна эбээн норуотун тыына, кута баар” диэн киэн тутта кэпсииллэр.

***

73 саастаах Афанасий Афанасьевич Степанов – Сэбээн Күөл төрүт олохтооҕо. 1998-2004 сс. нэһилиэккэ баһылыктаабыт. Сэбээн Күөл эбээннэрин бэрэссэдээтэлэ, нэһилиэк дьокутаата:

– 60-с сылларга Эбээн Бытантай улууһугар киирэр этибит. Cэбээн Күөл Дьааҥы таас хайаларын тэллэҕиттэн 20 км. тэйиччи сиргэ турар, дьааҥылартан чугаспыт. Кэбээйи улууһугар киллэрэннэр, биһиэхэ охсуулаах буолла. Олохпут укулаата хотулуу эрээри, арктика оройуонугар киирсибэппит, инньэ гынан элбэх көмөттөн туора туран хаалабыт. Билигин дойду арктиканы сайыннаран, баайын-дуолун туһанан күүһүн улаатыннарар соруктаах. Итиэннэ, биһиги бэйэбит өбүгэлэрбит диэки тардыһабыт...” – диэн санаатын үллэһиннэ.

Салгыы кини кэпсээнигэр сигэнэн Сэбээн Күөл бүгүҥҥү олоҕун-дьаһаҕын суруйабыт.

1991 с. "Кировскай" холкуос эрдэхтэринэ, таба 23 тыһ. тиийэ сылдьыбыт. Кэлин баара-суоҕа 6 тыһ. кэриҥэ буолбут. Онтон 4 тыһ. – “Сэбээн” ГУТ уонна 2 тыһ. кэриҥэ кэтэхтэргэ – общиналар, бааһынай хаһаайыстыба. Сэбээн Күөлгэ таба иитиитинэн П.А. Кейметинов аатынан “Себян” ГУТ уонна родовой общиналар дьарыктаналлар. Биэс сылтан элбэх ыстаастаах, 35-гэр диэри саастаах 10-тан тахса табаһыт үлэлиир. Кэлиҥҥи сылларга эһэ, бөрө мэнээктээн таба иитиитигэр улахан хорумньунулаах буолбут. Аны туран, сайын курааннаан, таба ырыганныыр, бырдахха баһыйтарар. Таба кэмигэр төрөөбөккө, ороһулаан хаалан, тугут туруга мөлтүүр эбит. Бырдахха сиэтэр, мөлтөх буолан ситэ сайдыбат. Уопсайынан, айылҕа уларыйыыта таба иитиитигэр улахан охсууну таһаарар эбит диэн өйдөөтүм.

Кыһалҕалара – суол-иис. Тохсунньу, олунньу, кулун тутар ыйдарыгар кыһыҥҥы суоллаахтар эрээри (суол диэн буолуо дуо, массыына айанныыр хайысхата диэххэ сөп), онтулара түһүүлэрэ-тахсыылара хомураҕынан туолан, тарыҥнары тумнан барар сирдэрэ оҥоһуллубакка турбуттар эбит. Кэлиҥҥи сылларга Семен Корнилов диэн туруу үлэһит киһи ылсан олохтоохтору бэркэ абыраабыт. Кыһын массыынан Дьокуускайга кэлэллэригэр биир кэниэс –4000 солк.

Аһы, бородууктаны муус турбут кэмигэр кыһын таһаллар эбит. Бөһүөлэккэ 10-тан тахса урбаанньыт баар. Ол иһигэр 16 ыал аччыгый маҕаһыыннаах. Дьокуускайы кытта тэҥнээтэххэ, чааһынай маҕаһыын сыаната 2-3 төгүл үрдүк. Хата, "ЯкутОптТорг" тэрилтэ социальнай суолталаах сүрүн бородуукталарынан хааччыйар, онно сыана арыый удамыр.

Таба ахсаана аччаан кэлин идэһэ оҥостубат да буолбуттар. Олохтоохтор сибиинньэ, куурусса этин атыылаһан эт оҥостоллор үһү.

Таһабыт хамнаһа төһөнүй?

Сэбээн Күөл эбээннэрин төрүт дьарыктара – таба иитиитэ. Төһө хамнаһы аахсалларый?

Дмитрий Бурцев, табаһыт:

– Табаны иитэр дьоҥҥо субсидия көрүллэр. Судаарыстыба тэрилтэтэ, чааһынайдар диэн арахсыбат – барылар тэҥ. Таба ахсаанынан ааҕан субсидияны төлүүр буоллулар. Холобур, “ыстаандаарт” диэн баар: 800 табалаах ыстаада табаһыта ыйга 50 тыһ. хамнаһы аахсар. Онтон 800-тэн кыра табалаах табаһыттар хамнастара итинтэн өссө кыра буолар, таба төбөтүнэн ааҕаллар.

Нэһилиэнньэ үксэ хамнас алын төлөбүрүн эрэ ылар. Манна, арктика улуустарыгар курдук, хотугу надбавка диэн суох.

Диана КЛЕПАНДИНА.

Сэбээн Күөл олохтооҕо Надежда Алаганчикова хаартыскаҕа түһэриитэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением