Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -28 oC

Арассыыйа ЫБММ СӨ Кылаабынай управлениетын пресс-сулууспата биллэрэринэн,  ыам ыйын 13  күнүн сарсыардатыгар Өлүөнэ өрүскэ муус устуута икки учаастагынан барар. Сүрүнэ Өлүөхүмэ улууһунан, алын кирбиитэ  I  Нөөрүктээйигэ бэлиэтэнэр (уу таһыма 1060 см, кутталлаах таһыма 1000 см, сууккаҕа 197 см. эбиллэр, муус хойуутук устар). Өлүөхүмэ куоратын аннынан муус хамсыыр (уу таһыма 987 см, кутталаах таһыма 1060 см., сууккаҕа 178 см. эбиллэр). Үөһээ кирбиитэ Мача таһынан, муус устуутун уһуна 161 км., сууккаҕа 75 км. барда.  Бу учаастакка муус тохтоон, уу өрүс хочотугар таҕыста. 

Арассыыйа ЫБММ СӨ Кылаабынай управлениетын пресс-сулууспата биллэрэринэн,  ыам ыйын 13  күнүн сарсыардатыгар Өлүөнэ өрүскэ муус устуута икки учаастагынан барар. Сүрүнэ Өлүөхүмэ улууһунан, алын кирбиитэ  I  Нөөрүктээйигэ бэлиэтэнэр (уу таһыма 1060 см, кутталлаах таһыма 1000 см, сууккаҕа 197 см. эбиллэр, муус хойуутук устар). Өлүөхүмэ куоратын аннынан муус хамсыыр (уу таһыма 987 см, кутталаах таһыма 1060 см., сууккаҕа 178 см. эбиллэр). Үөһээ кирбиитэ Мача таһынан, муус устуутун уһуна 161 км., сууккаҕа 75 км. барда.  Бу учаастакка муус тохтоон, уу өрүс хочотугар таҕыста. 

Иккис учаастакка муус алын кирбиитэ Өлүөхүмэ улууһун Хатыҥ-Тумул сэлиэнньэтигэр кэллэ (уу таһыма 580 см, кутталлаах таһыма 1100 см, сууккаҕа 72 см. эбиллэр, муус сэдэхтик устар). Муус үөһээ кирбиитэ Солянка сэлиэнньэтигэр бэлиэтэнэр (уу таһыма 1243 см, кутталлаах таһыма 1280 см, сууккаҕа 153 см. эбиллэр, муус ортотук устар, муус устуутун уһуна 89 км.). Бу икки учаастак икки ардыларын уһуна 74 км.

Өрүс аллараа өттүгэр Дабаан, I Нөөрүктээйи, Кыыллаах гидропостар анныларынан уу таһыма салгыы үрдүүрэ сабаҕаланар, хочо, нэһилиэнньэлээх пууннар намыһах сирдэригар уу тахсара күүтүллэр.   

Алдан өрүскэ муус устуута Таатта улууһун сиринэн бэлиэтэнэр, аллараа кирбиитэ Хара-Алдан, үөһээ кирбиитэ Алдан улууһун Чагда аннынан бэлиэтэнэр, уу таһыма намыһах, муус ортотук устар, муус устуутун уһуна 996 км. Ыам ыйын 14-15 күннэригэр Уус- Алдан сиригэр киирэрэ, Кыллай, Чэриктэй, Дыгдаал аннынан уу кутталлаах таһымҥа чугаһыыра сабаҕаланар.

Амма өрүскэ муу устуутун үөһээ кирбиитэ Харбалаахха бэлиэтэнэр, бу күннэргэ төрдүгэр тиийэрэ күүтүллэр, уу таһыма кыра.

Бүлүү өрүскэ муус Сунтаар, Ньурба улуустарынан устар. Үөһээ Бүлүүгэ муус хамсыыр, уу таһыма орто, бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү-Бүлүү учаастагар  муус устуута сабаҕаланар. Муус устуутун уһуна 327 км. учаастагар муус устуута ыам ыйын 13-15 күннэригэр сабаҕаланар

Дьааҥы өрүһүгэр  уу эбиллэр, Үөһээ Дьааҥы куоратын аннынан муус устуута ыам ыйын 21 күнүгэр сабаҕалар.  Индигииргэ Усть Нера- Хонуу учаастагар уу кыралаан эбиллэр, Усть Нера аннынан муус устуута ыам ыйын 20 күнүгэр сабаҕаланар.  Халымаҕа  муус устуута Магадаан уобалаһын Сеймчанынан аннынан бэлиэтэнэр, Зырянка аннынан ырбыыланар, уу таһыма 346 см. буолла, кутталлаах таһыма 850 см. Манна муус устуута ыам ыйын 14-15 күннэригэр күүтүллэр. Орто Халыма куоратын аннынан ыам ыйын 18-19 күннэригэр сабаҕаланар. Нуорматтан 5-6 хонук эрдэлиирэ күүтүллэр.

Березовка өрүһүгэр муус Орто Халыма улууһун Березовка сэлиэнньэтин аннынан бэлиэтэнэр ( уу туһамыа 870 см, кутталлах таһыма 1000 см.). Икки-үс хонугунан төрдүгэр тиийэрэ сабаҕаланар.

Өлүөхүмэ улууһун сиригэр  Арассыыйа ЫБММ СӨ Кылаабынай управлениетын уонна Саха Сирин быыһыыр Сулууспатын бэрэстэбиитэллэрэ муус барыытын салгынынан кэтээн көрүүнү оҥороллор. Ыам ыйын 13 күнүн сарсыарда 7 ч. Өлүөхүмэ к.  Гидропоһугар  уу таһыма 1004 см. таҕыста, кутталлаах таһыма 1250 см, биир чаас устата уу 6 см. эбиллэр. Бу күннэргэ муус Өлүөхүмэ к. аннынан устара сабаҕаланар.

  

“Муус устуутун кэтээн көрүү түмүгүнэн, Өлүөхүмэ к. уонна Хоро с. аннынан муус харыыта үөскүөн сөптөөх сирдэринэн эстэриини ыытар туһунан быһаарыы ылыныахпыт,”-диэн ЫБММ СӨ управлениетын начальнига Павел Гарин иһитиннэрэр.

Хаартыскалар ЫБММ СӨ Кылаабынай управлениетын саайтыттан ылылыннылар

 

 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением