Онуохаҕа, “Полярные авиалинии” авиа хампаанньа икки МИ-8 бөртөлүөтэ кэлэн, биирэ ууга барбыт, барар кутталлаах сэлиэнньэлэртэн дьону таһар, иккиһэ, муус харыыта тахсыбыт учаастактарыгар эстэриини ыытар үлэлэргэ кыттар. Эбии, Арассыыйа ЫБММ-тэн биир МИ-8 бөртөлүөт 2 туонна эстэрииги аҕалыаҕа.
I Нөөрүктээйигэ уу таһыма кутталлаах 1000 см. аһары баран, 27 дьиэ (66 киһи, ол иһигэр 3 оҕо олорор), “Умнас” өрөспүүбүлүкэ суолун 4 учаастагынан, уопсайа 1,5 км. усталаах суол ууга бардылар. Кылгас кэмҥэ олорор пууннарга 27 киһи, сорохтор аймахтарынан олохсуйдулар.
II Нөөрүктээйигэ 20 олбуор (19 олорор дьиэ,116 киһи, ол иһигэр 22 оҕо олорор) ууга барда. Кылгас кэмҥэ олорор пууннарга 6 киһи, ол иһигэр 4 оҕо, сорохтор аймахтарынан олохсуйдулар.
Кыыллаахха 62 олорор дьиэ (134 киһи, ол иһигэр 5 оҕо олорор) ууга барда. Билигин чугастыы Даппарайга эвакуациялаатылар. Кылгас кэмҥэ олорор пууннарга 27 киһи, ол иһигэр 5 оҕо, сорохтор аймахтарынан олохсуйдулар.
Хороҕо 38 олбуор (19 дьиэ, 100 киһи, ол иһигэр 37 оҕо олорор) ууга барда. Кылгас кэмҥэ олорор пууннарга 22 киһи, ол иһигэр 17 оҕо, сорохтор аймахтарынан олохсуйдулар.
Оперативнай ыстаап суукканы эргиччи үлэлиир, сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэринэн нэһилиэнньэни сэрэтии, биллэрии оҥоһуллар. Кылгас кэмҥэ олорор пууннар аһылыгынан, эминэн уонна бастакы наадалааҕынан хааччылыннылар. Ынха сүөһү, сылгы үрдүк сирдэргэ таһаарылынна.
Өлүөхүмэ улууһугар билигин биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы опертивнай бөлөх үлэлиир, онно 30 киһи уонна 4 техника, ол иһигэр Арассыыйа ЫБММ СӨ управлениетыттан 11 киһи үлэлиир.
Хаартыскалар ЫБММ СӨ Кылаабынай управлениетын саайтыттан ылылыннылар
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0