Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -5 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

РФ ЫБММ СӨ Кылаабынай управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, от ыйын 29  күнүнээҕи туругунан өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 132 ойуур баһаара баар. Уот хаппыт иэнэ 1 мөл. гаттан ордук. Суукка устата 12 баһаар умуруорулунна, 3 баһаар бохсулунна

РФ ЫБММ СӨ Кылаабынай управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, от ыйын 29  күнүнээҕи туругунан өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 132 ойуур баһаара баар. Уот хаппыт иэнэ 1 мөл. гаттан ордук. Суукка устата 12 баһаар умуруорулунна, 3 баһаар бохсулунна

.

СӨ ЫБМ араас структураларыттан 1921 киһи уонна 210 тиэхиньикэ тардыллан билигин умуруорууга үлэлэһэллэр.

Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар эрэгийиэннээҕи уонна федеральнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимнэрэ салҕаналлар. Аҕыс улууска муниципальнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ салҕанар.

РФ ЫБММ СӨ Кылаабынай управление хонтуруолугар  12 баһаар турар. 

 Өлүөхүмэ улууһун Дабааныттан 10 км. сиргэ баар баһаар иэнэ 25 403 га. Баһаары умуруорууга 93 киһи сылдьар, 14 тиэхиньикэ үлэлиир.  Куду Күөлтэн 9,4 км сиргэ баар баһаар иэнэ 6 313 га. Уоту умуруорууга 69 киһи үлэлии сылдьар. Тээнэ бөһүөлэгиттэн 7,8 км сиргэ баһаар бэлиэтэнэр, иэнэ 3 030 га. Уоту умуруорууга 56 киһи, 1 тиэхиньикэ үлэлиир. Хоро с. таһыгар 8, 8 км. сиргэ баар баһаар иэнэ 848 га. Умуруоруу үлэтигэр 30 киһи сылдьар.

Үөһээ Бүлүү улууһугар Быракаан сэлиэнньэтиттэн 10 км сиргэ  (бу баһаар биир өртүнэн Куду с. 5,6 км. сиргэ баар) баһаар иэнэ 16 390 га. Умуруорууга 118 киһи сылдьар, 22 тиэхиньикэ үлэлиир. Өргүөттэн 15 км тэйиччи баар 22 996 га иэннээх сири хаппыт баһаары умулларыыга 108 киһи сылдьар, 13 тиэхиньикэ үлэлиир.

Ленскэйгэ Орто Наахараттан 9,9 км сиргэ 15 га иэннээх сири хаппыт баһаары 6 киһи умулларар.

Дьааҥы улууһугар Сайдыы с. 5 км. тэйиччи баар баһаар 28 581 га хабан умайар. Уоту умуруорууга 73 киһи, 3 тиэхиньикэ үлэлиир. Токума с. таһыгар баар баһаар 6 980 га хабан умайар. Уоту умуруорууга 57 киһи, 10 тиэхиньикэ үлэлиир.

Кэбээйи улууһугар Арыктаах с. 9,6 км. сиргэ  баһаар  201 га умайар. Уоту умуруорууга 26 киһи, 7 тиэхиьникэ үлэлиир.

Алдан улууһугар Угоян с. 11,8 км. сиргэ  баар баһаар  456 га умайар. Уоту умуруорууга 3 киһи үлэлиир.

Ньурба улууһугар Акана сэлиэнньэтиттэн 6,4 км. сиргэ 3,5 га иэннээх баһаар бохсулунна. Уоту умуруорууга 7 киһи уонна 1 тиэхиньикэ тардылынна.   

Ааспыт сууккаҕа РФ ЫБММ авиацията  Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи улуустарыгар 292 туонна ууну кутта. БЕ-200 үс ууну кутар сөмөлүөт Дьокуускайга баазаланаллар,  МИ-8 бөртөлүөттэр  Үөһээ Бүлүүгэ уонна Сангаарга тураллар. РФ ЫБММ аэромобильнай бөлөҕө Дабаан, Куду, Өргүөт уонна Сайдыы сэлиэнньэлэрин чугаһыгар баар баһаардары умуруорууга үлэлииллэр. Саҥа баһаардар тахсыыларын буларга анаан Дьокуускайга РФ ЫБММ элбэх функциялаах БАС Орлана туттарга бэлэм турар.

От ыйын 28 күнүнээҕи туругунан Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Ньурба, Нерюнгри, Үлүөхүмэ, Ленскэй, Мииринэй, Сунтаар улуустарыгар 59 салгы боруобатын ыллылар. Онтон 5 боруобаҕа хиимийэ бэссэстибиэтэ нуорманы таһынан баара билиннэ: Бүлүү Лөкөчөөнүгэр азот диоксида 1,39 диэри; Горнай Бэрдьигэстээҕэр РМ частицалара 2,5-2,6 диэри; Өлүөхүмэ куоратыгар азот диоксида 1,23 диэри. Куосамастан кэтээн көрүүнэн, 60 нэһилиэнньэллэх пууҥҥа (Абый, Алдан, Ньурба, Үөһээ Дьааҥы, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Куорунай, Өлүөхүмэ, Муома, СУнтаар, Ленскэй, Усуйаана, Мииринэй улуустарыгар ) баһаар буруота бэлиэтэнэр.

Хаартыскалар РФ ЫБММ СӨ Кылаабынай управлениетын саайтыттан ылылыннылар

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0