АТЫРДЬАХ ЫЙА – БУУРА ДОХСУН ААН ДЬААҺЫН ЫЙА
Атырдьах ыйа – олунньу ыйы батыһар
Ылдьыын таҥара күнэ Атырдьах ыйын 2 кунэ бу күнтэн кун аҥара сайын, күн аҥара күһүн бэлиэтэ биллэр сиик, туман түһэр.Бу күн ардаҕа суох буоллаҕына нэдиэлэ кураан, БУ КҮН ХАЙДАХ КҮН БУОЛАР ДА КҮҺҮНЭ ОННУК БУОЛАР.
Атырдьах ыйыгар күһүнү билгэлииллэр. Ынах, сылгы түүлүүрүнэн күһүн төһө уһуурун таайаллар. Талах хайдах үүммүтүнэн кэлэр кыһын хаар халыҥын билгэлииллэр. Ый ардаҕа икки: сайыны иэҕэр самыыр (Ылдьыын), өксүөн түһүүтэ (Ыспааһап). Тыала биир: оту-маһы орохсутар тыал. Өскөтүн: - ардыы туран халлаан оройуттан аһылыннаҕына, былыт халлаан тула өттүгэр түһэн халыннаҕына, ардах ааспат, сотору кэлэр. - тыала суох туран өрүс уута тыаһаатаҕына, сотору тыал түһэр. - ардах түһэр кэмигэр элиэ кистээтэҕинэ, ардах астар. - кустук кытархай, өҥө чаҕылхай буоллаҕына, ардах түһэр. - ынах тыла уу түөлбэтигэр уста сылдьар биитэр уу аннынааҕы үүнээйи умнаһыгар сыылларын көрдөххүнэ, куйаас түһэр. Онтон ынах тыла түөлбэ уутун үрдүгэр баар үүнээйи умнаһыгар ыттыбыт биитэр уу урсунугар таҥнары ыйанан турар буоллаҕына, ол сотору ардах кэлэрин бэлиэтэ. - чыычаах үөрүн саҥата иһийдэҕинэ, ол кэннэ хойуу от сэбирдэҕэр састаҕына , сотору кэминэн ардаҕы күүт
ИЙЭ САЙЫН – Атырдьах ыйын 2 кунуттэн атырдьах ыйын 17 кунугэр дылы бэлиэтэнэр, ол аата сайыммыт өссө да 17 чыыһылаҕа дылы сайыҥҥылыы күннэр туруохтара.
Атырдьах ыйын билгэтэ
Атырдьах ыйын 2 күнэ – ардаатаҕына, күһүнэ өксүөн, курааннаатаҕына, күһүнэ кураан буолар.
Атырдьах ыйын 2 күнэ – куйаас аны түспэт, сөтүөлээһин уурайар.
Атырдьах ыйын 2 күнэ – Ылдьыын. Бурдук буһар. Түүн хараҥаран барар, кус оҕото көтөр.
Атырдьах ыйын 10 күнэ – Моонньоҕон буһар.
Атырдьах ыйын 14 күнэ – бастакы Ыспааһап, Ыспааһаптар ардахтара түһэр. Хотуур ортото. Ыҥырыа мүөт таһаарара уурайар.
Атырдьах ыйын 19 күнэ – Иккис Ыспааһап. Хаһыҥ түһэр.
Атырдьах ыйын 21 - 23 күнэрэ – Аан Дьааһыҥҥа анаан туом толоруохха сөп.
Атырдьах ыйын 21 күнэ – Халлаан ыйын эргэтэ кэрэниитэ саҕаланар. Сити күн дьыл хайдах туруктаах да, тохсунньуга эмиэ үкчү оннук.
Атырдьах ыйын 23 күнэ – ардаатаҕына, күһүн уһун дииллэр.
Атырдьах ыйын 29 күнэ – Үһүс Ыспааһап. От үлэтэ үмүрүйэр. Ый бүтүүтэ оту-маһы орохсутар тыал түһэр. Эһиил үчүгэй дьыл кэлиэх буоллаҕына от кэнчээрилиир.
Дэкээдэ диэн ый 10 хонуга ааҕыллар:
I дэкээдэ- ый 1-10 күннэрэ
II дэкээдэ- ый 10-20 күннэрэ
III дэкээдэ- ый 20-30 күннэрэ
Атырдьах ыйын таҥаралара: Ылдьыын атырдьах ыйын 2 күнэ;
Ыспааһаптар Бастакы Ыспааһап атырдьах ыйын 14 күнэ; Иккис Ыспааһап атырдьах ыйын 19 күнэ; Үһүс Ыспааһап атырдьах ыйын 29 күнэ;
Быйылгы сайыммыт үгүс улуустарга эмиэ кэмигэр куйаас эрээри хойутаан да буоллар сөбүгэр ардахтаах буолан от мас, оҕуруот аһа , сир аһа өлгөмнүк үүнэн үчүгэй сайыннар ахсааннарыгар киирдэ.Ол оннугар үгүс улуустарга баһаар сабардаан улахан хоромньуну Өлүөхүмэ, Уусть Маайа, Бүлүү эҥэр улуустарга, Дьааҥыга, Абыга ол гынан билигин баһаары утары БЕ-200 сөмөлүөт уонна бөртөлүөттэр кэлэннэр үгүс баһаардары умуруордулар.АВИАЛЕС охрана урукку курдук оннугар түһэн үгүс киин, илин эҥэр улуустарга улахан көмө буолла.
Аны атырдьах ыйа хайдах буоларый диир буоллахха. Ый бастакы дэкээдэтэ үгүс улуустарга Ылдьыын ардаҕа уонна Охотскайтан тахсыбыт ардах Илин эҥэр, Киин улуустары хабыыһык.Быйылгы сыл таҥараларын көтүппэт буолла онон Ыспааһап таҥараралар ардахтара үгүс улуустары хабан түһүүһүк, ол гынан иккис дэкээдэ үгүс улуустарга түүнэ сөрүүкэтийииһик , ол оннугар үһүс дэкээдэҕэ күнүһэ да түүнэ да сылаас буолан оттуурга үчүгэй күннэр турууһуктар, оҕуруот аһа сир аһа, тэллэй өлгөмнүк үүнүүһү.
ИЛИН ЭҤЭР УЛУУСТАР:
Атырдьах ыйа илин эҥэр үгүс улуустарга былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ соччо түүнүн сылыйыа суох сөрүүн буолсу. Ый аҥарыгар дылы күнүһүн балай да сылыйыыһык онтон сөрүүкээбитинэн барар, уонна таҥараларыгар ардыыһык.Бу ый I дэкээдэтэ урукку сылларга тэҥнээтэхх түүнүн сөрүүн күнүһүн балай да сылыйыыһык күнүс +21С+24С кыраадыс сылаас, түүнүн +10С+8С. II дэкээдэ күнүс +19С+16С кыраадыс сылаас, түүнүн +8С +6С кыраадыс сылаас.
III дэкээдэҕэ күнүс +19С+16С кыраадыс сылаас, түүн +13С +10С кыраадыс сылаас буолсу.
Былырыын илин эҥэр улуустарга атырдьах ыйын бастакы уонна иккис дэкээдэтигэр муҥутаан +25С+22С кыраадыс сылыйа сылдьыбыта.
КИИН УЛУУСТАР:
Киин улуустарга ардах таҥаралары батыһан түһүүһүк дэкээдэ аайы баар буолсу.
Бу ый I дэкээдэтэ түүнүн сөрүүн күнүһүн сылаас буолсу күнүс +23С+20С кыраадыс куйаас, түүнүн +11С+9С сылаас. II дэкээдэ балай да сөрүүкүүһүк күнүс +18С+16С кыраадыс куйаас, түүнүн +12С +10С кыраадыс сылаас.
III дэкээдэҕэ күнүс +19С+16С кыраадыс сылаас, түүн +13С +10С кыраадыс сылаас буолсу.
Былырыын киин улуустарга атырдьах ыйын бастакы уонна иккис дэкээдэтигэр муҥутаан +27С+23С кыраадыс сылыйа сылдьыбыта.
БҮЛҮҮ БӨЛӨХ УЛУУСТАР
Бүлүү эҥэр улуустарга былырыыҥҥы сайыҥҥа тэҥнээтэххэ биллэ сөрүүкэтийииһик. Дьэ уонна бу ыйга Бүлүү эҥэр улуустарга I-II III дэкээдэлэргэ таҥараларынан эрэ ардахтаах буолсу.
Бу ый I дэкээдэ күнүс +26С+20С кыраадыс куйаас, түүнүн +12С+10С . II дэкээдэ күнүс +18С+15С кыраадыс сылаас, түүнүн +13С +10С кыраадыс сылаас.III дэкээдэ Күнүс+18С+16С кыраадыс сылаас, түүн +13С +10С кыраадыс сылаас буолсу.
Былырыын Бүлүү бөлөх улуустарга атырдьах ыйыгар ый бастакы дэкээдэтигэр муҥутаан +24С+22С сылаас буолбута.
ӨЛҮӨХҮМЭ, АЛДАН, НЕРЮНГРИ:
Соҕуруулуу-арҕаа улуустарга быйылгы атырдьах ыйа сөбүгэр соҕус сөҥүүлээх буолара сабаҕаланар, ол курдук II – III дэкээдэҕэ ардахтаах буолсу. Салгын температурата былырыыҥҥыга холоотоххо II дэкээдэ түүнүн да күнүһүн да сылаас буолсу.
Бу ый I дэкээдэтэ күнүс +23С+21С кыраадыс сылаас, түүнүн +14С+11С сылаас. II дэкээдэ күнүс +23С+20С кыраадыс сылаас, түүнүн +16С +14С кыраадыс сылаас. III дэкээдэ күнүс+20С+16С кыраадыс сылаас, түүн +13С +10С кыраадыс сылаас буолсу.
Былырыын соҕуруулуу-арҕаа улуустарга атырдьах ыйыгар муҥутаан +24С+20С кыраадыс сылыйа сылдьыбыта.
ӨЙМӨКӨӨН УЛУУҺА:
Өймөкөөн улууһугар атырдьах ыйыгар ханнык да улуустардааҕар ардахтаах буолсу. I дэкээдэҕэ биир уһун ардахтаах буолсу, иккис уонна үһүс дэкээдэлэргэ күүстээх уһун ардахтаах буолсу.
Бу ый I дэкээдэтэ күнүс +19С+17С кыраадыс сылаас, түүнүн 5С-3С сылаас. II дэкээдэ күнүһүн +13С+10С кыраадыс сылаас, түүнүн +8С+6С кыраадыс сылаас. III дэкээдэҕэ.Күнүһүн +16С+14С кыраадыс сылаас, түүн +9С+6С кыраадыс сылаас.
Былырыын Өймөкөөн улууһугар атырдьах ыйын бастакы дэкээдэтигэр муҥутаан +26С+22С сылыйа сылдьыбыта.
ҮӨҺЭЭ ДЬААҤЫ УЛУУҺА:
Үөһээ Дьааҥы улууһугар былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ быйылгы атырдьах ыйа көннөрү сылаас буолсу иккис дэкээдэ биллэ сөрүүкөөһөк. .Ардах I дэкээдэҕэ уонна II III дэкээдэҕэ барытыгар 2 лии уһун ардахтаах буолсу.
Бу ый I дэкээдэ күнүс +19С+16С кыраадыс сылаас, түүнүн +9С+6С сылаас. II дэкээдэ күнүһүн +12С+10С кыраадыс сылаас, түүнүн +6С+3С кыраадыс сылаас. III дэкээдэ күнүһүн+16С+13С кыраадыс сылаас, түүн +10С+7С кыраадыс буолар.
Былырыын атырдьах ыйыгар : бастакы дэкээдэҕэ, күнүһүн +21С+19С сылыйа сылдьыбыта;
АБЫЙ, МУОМА, ХАЛЫМА, ҮӨҺЭЭ ХАЛЫМА, АЛЛАРАА ХАЛЫМА, АЛАҺЫАЙ УЛУУСТАРА:
Халыма-Индигиир эҥэр улуустарга атырдьах ыйа былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ сөрүүн ыйдар ахсааннарыгар киирииһик.Атырдьах ыйын II Декадатыгар эрэ ардахтаах буолсу, ол оннугар атырдьах ыйыгар II - III дэкээдэлэргэ олох ардах суох буолсу.
Бу ый I дэкээдэтэ күнүс +22С+19С кыраадыс сылаас, түүн +7С+4С кыраадыс сылаас. II дэкээдэ күнүһүн +14С+10С кыраадыс сылаас, түүнүн +7С+5С кыраадыс сылаас. III дэкээдэҕэ Күнүһүн +16С+14С кыраадыс сылаас, түүн +7С+5С кыраадыс сылаас.
Былырыын атырдьах ыйын бастакы дэкээдэтигэр түүнүн+13С +10С, күнүһүн +24С+21С;
АНААБЫР, ӨЛӨӨН, ТИКСИИ:
Аартыка эҥэр улуустарга уруккуга тэҥнээтэххэ атырдьах ыйын бастакы иккис дэкээдэлэригэр түүҥҥү да күнүскү өттүгэр балай да сылыйыыһык. Иккис, үһүс дэкээдэлэргэ ардах син балай да биллииһик.
Бу ый I дэкээдэ күнүс +15С+12С кыраадыс сылаас, түүн +10С+7С сылаас. II дэкээдэ Күнүһүн +8С+5С кыраадыс сылаас, түүнүн +3С+2С кыраадыс сылаас. III дэкээдэҕэ күнүһүн +12С+10С кыраадыс сылаас, түүн +7С+5С кыраадыс сылаас.
Былырыын атырдьах ыйыгар : II дэкээдэҕэ түүнүн+8С+6С, күнүһүн +16С+13С;
ТУСКУЛ
Хаартыскалар куйаар ситимиттэн ылылыннылар
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0