Пандемиянан сибээстээн, суһал ыарыһахтартан ураты дьон дьиэҕэ эбэтэр төлөбүрдээх чааһынай клиникаларга көрдөрүнэр кыахтаахтара. Билигин карантин эрэсиимэ сыыйа көтүрүллэн иһэр.
Ол курдук, бүтүн дойду үрдүнэн медицинскэй тэрилтэлэр туох баар санитарнай-эпидемиологическай ирдэбиллэри тутуһан туран үлэлиэхтэрэ. Итиэннэ бары өҥө сирэй тиийэн буолбакка, эрдэттэн суруйтарбыт дьоҥҥо оҥоһуллуоҕа диэн Арассыыйа Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Чуолаан Саха сиригэр Дьокуускайдааҕы тиис балыыһата, офтальмологическай балыыһа, кардиодиспансер, эндокринологическай диспансер үлэлээн саҕалыахтара. Туох баар прием төлөппүөн, анал портал уонна сайт нөҥүө суруйтарбыт дьоҥҥо оҥоһуллар.
Оттон суһал көмө ыстаатнай эрэсииминэн үлэлии турар.
Улуустар поликлиникаларын үлэтэ хаһан саҕаланара аныгыскы нэдиэлэҕэ биллиэҕэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0