Саҥа вакцинаны “Спутник V” диэн ааттаатылар. Бу вакцина ковид-19 компонена суох, аҥардас киһи аденавируһугар олоҕуран үөскэтиллибит. Иккитэ төхтүрүйэн прививкэлэннэххэ, иммунитет икки сыл сылдьар.
Баҕалаах дьоҥҥо клиническэй чинчийиилэри ыыппыттар. Биир да киһиэхэ куһаҕаннык дьайбатах. Онон саҥа вакцина туох да буортута суоҕа дакаастанна. “Спутник V” вакцинаны Арассыыйаҕа икки сиргэ: Н.Ф. Гамалея аатынан эпидемиология уонна микробиология национальнай чинчийэр институтугар уонна «Биннофарм» хампаанньаҕа оҥоруохтара.
Коронавирустан утары вакцинаны атыылаһарга номнуо сүүрбэ дойду көрдөһүү ыыппыт. Бу хайы үйэ биир миллиард дозаҕа тэҥнэһэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0