Итиннэ вируһу утары фавипиравир диэн препарат туһунан этиллэр. Бу эми, дьиҥэр, Японияҕа оҥорбуттар эбит. Ол эрээри билигин баар препаракка патенын болдьоҕо ааспыт, онон ханнык баҕарар фармацевтическай хампаанньа фавипиравиры оҥорууга бэйэтин технологиятын айан таһаарар бырааптаах. «Бүгүн кинини тестээһин (COVID-19 утары) хас да дойдуга барар. Итини сэргэ Россия 6 регионугар 17 медицинскэй тэрилтэҕэ саҕаланар», – диэн иһитиннэрдэ Мурашко.
Толору бэрэбиэркэлиэхтэрэ
Манна ити эмп коронавирус ыарыылаах дьоҥҥо хайдах дьайыылаах буолуоҕун «бэрэбиэркэлээһин» эрэ туһунан этиллибэт. Клиника усулуобуйатыгар ыытыллар толору чинчийиилэр кэмнэригэр фавипиравир COVID ыарыылаах дьон туругун чахчы биллэрдик тупсарар кыахтааҕа быһаарыллыахтаах. Онуоха анаан дакаастыыр медицина быраабылаларынан элбэх кииннээх рандомизированнай (түбэһиэх бөлөххө арааран) аһаҕас, тэҥнэбиллээх клиническэй чинчийии ыытыллар. Онно COVID-19 ыарыылаах балыыһаҕа сытар дьон кыттыахтара. Кинилэри анал хамыыһыйа талар, онон киһи бу түгэҥҥэ сайаапка биэрэрэ көрүллүбэт.
Россия быһа инвестицияларга фондатын (РФПИ) сайтыгар иһитиннэрбиттэринэн, препараты бастакынан Москваҕа, Нижнэй Новгородка уонна Смоленскайга 3 медицина киинигэр баар ыарыһахтар ылан эрэллэр. Ити чинчийиигэ Россия үрдүнэн барыта 17 киин уонна 330 ыарыһах кыттыахтара.
– Клиническэй чинчийии чэрчитинэн «Фавипиравир» препарат көдьүүстээҕэ уонна куттала суоҕа үөрэтиллиэҕэ, ону сэргэ сөптөөх дозатын режимэ талыллыаҕа, – диэн фондаҕа быһаардылар.
Сибиинньэ грипп ыарыытын, Эбола уонна COVID утары
– Бастааҥҥыттан фавипиравиры пандемическай («сибиинньэ») грипп ыарыыны утары охсуһууга анаан оҥорон таһаарбыттара, – диэн «КП»-ҕа эмп препараттарын чинчийиигэ, оҥорон таһаарыыга уонна регистрациялааһыҥҥа эксперт, медицинскэй наука кандидата Николай Крючков кэпсээтэ. – Кини көннөрү грипп ыарыыны утары эмиэ үлэлиир эбит. Ону таһынан, итини Эбола вируһуттан үөскүүр ыарыыны утары эмиэ бэрэбиэркэлээбиттэр. Манна бу эмп эмиэ эрэннэрэр түмүктэри көрдөрбүт. Фавипиравир вируһу утары киэҥ дьайыылаах препаратынан ааҕыллар.
Кытайга эпидемия кэмигэр кинини COVID-19 ыарыыны кытта охсуһууга биир ньыма быһыытынан туттан барбыттара. Бастаан кэтиир чинчийиилэри ыыппыттара, оттон билигин клиникаҕа киэҥник чинчийии ыытыллар. Чуолаан, саҥа коронавирус сыстыганнаах ыарыытын эмтээһиҥҥэ барыллаан фавипиравир көдьүүстээҕэ көһүннэ.
Онон Кытайга COVID-19 эмтээһиҥҥэ туһаныллар эмп быһыытынан таһаарылларыгар көҥүлү ылла.
Бастаан кэлии, онтон – бэйэ киэнэ
Россия олохтоохторугар эмиэ фавипиравир тииһимньилээх буолуоҕун туһунан муус устар саҥатыгар «ХимРар» хампаанньалар бөлөхтөрүн директордарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Иващенко иһитиннэрбитэ. Кини Аҕа дойдуга оҥоһуллубут вируһу утары эми ыарыһахтар ыам ыйын бастакы декадатыгар ылар кыахтаныахтарын туһунан кэпсээбитэ. Ону Россия быһа инвестицияларга Фондатыттан инвестициялары тардан, «ХимРар» ГК тэрийбит кыттыгас тэрилтэтэ оҥорон таһаарыаҕа.
– Фавипиравир ыарыы (COVID-19) кэмин 11-тэн 4 күҥҥэ диэри сарбыйар, оттон пневмония ахсаана 40-тан 10% диэри аҕыйыыр, – диэн бэлиэтиир Иващенко. Кини бу препараты Россияҕа түргэнник регистрациялааһыны бырабыыталыстыба өйүүрүн эттэ.
Маныаха чопчулааһын баар, ол курдук, бастаан Россияҕа препарат партиятын Кытайтан киллэриэхтэрэ. Оттон номнуо ыам ыйыгар, күүтүллэрин курдук, эми манна дойдубутугар оҥорууну саҕалыахтара. «Учуонайдар уонна инженердэр үс симиэнэнэн суукканы эргиччи үлэлииллэр», – диэн РФПИ сайта иһитиннэрэр.
Бу суолталаах
Номнуо билигин Интернеккэ фавипиравиры көҥүлэ суох атыылыыр туһунан этиилэр көстөллөр. Исписэлиистэр сэрэтэллэринэн, маннык ньыманан атыылаһыы олус кутталлаах. Биир өттүттэн, бу түгэҥҥэ препарат дьиҥнээҕин, харайыы, тиэйии усулуобуйалара төһө тутуһулларын хайдах да мэктиэлиир кыах суох. Атын өттүттэн, эмп киһиэхэ ойоҕос дьайыылардаах буолуон сөп, онон бэйэ эмтэнэрэ табыллыбат, диэн быраастар бэлиэтииллэр. – Фавипиравир көдьүүстээҕин туһунан бигэргэммит дааннайдары таһынан, кини бөрүкүтэ суох ойоҕос дьайыылардаах буолуон сөбүн туһунан сибидиэнньэлэр баалларын болҕойор наадалаах, – диэн эксперт Николай Крючков бэлиэтиир. – Чуолаан, харамайдарга кини тератогеннай (үөскэх сайдыытын кэһэр) дьайыылааҕа көстүбүт. Ол аата эрдэттэн да препарат хат дьахталларга олох көҥүллэниэ суохтаах.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0