- Харитон Алексеевич, генетика биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр хаһааҥҥыттан сайдан киирэн барбытай? Ааҕааччыларга үлэҥ-хамнаһын туһунан сиһилии билиһиннэр эрэ.
- Мин Саха сиринээҕи медицинскэй биир кэлим проблемалары үөрэтэр тэрилтэҕэ үлэлиибин. Бу тэрилтэ 2001 сыллаахха үлэтин саҕалаабыта. Тыйыс тымныылаах сиргэ олорор дьон доруобуйата, удьуора чөл буоларын туһугар ыытар үлэбит-хамнаспыт туһуланар. Тэрилтэбитин ытыктыыр киһибит, хирург быраас Алкивиад Исидорович Иванов төрүттэспитэ.
Тус бэйэм молекулярнай генетика салаатын салайабын. Манна барыта 24 научнай сотрудник үлэлиир. Үс лабораториялаахпыт: молекулярнай генетика, удьуорунан бэриллэр ыарыылар уонна популяционнай генетика.
Саха омук ыарыыларын үөрэтэргэ, чинчийэргэ медицинскэй наука кандидата Анна Николаевна Ноговицына уонна медицинскэй наука доктара Надежда Романовна Максимова үгүс кылааты киллэрбиттэрин бэлиэтиир наадалаах. Биһиги кинилэр үөрэнээччилэринэн буолабыт.
- Дьэ, сахаларга ханнык ыарыылар баар эбиттэрий?
- Үөрэтии, чинчийии үлэтин түмүгэр «сахалар ыарыылара» диэн туспа өйдөбүл баар буолбута. Манна моногеннай ньиэрбэ ыарыылара киирсэллэр. Урукку өттүгэр ити ыарыыны Бүлүү энцефалита диэн ааттыыллара. Чинчийии түмүгэр ити ыарыы араас көрүҥэ булулунна.
- Харитон Алексеевич, Бүлүү энцефалита ити эрэ эҥэр баар ыарыы дуо?
- Ыарыһахтар Саха сирин араас муннуктарыгар бааллар эрээри, үгүс өттүлэрэ ити эҥэр бааллар. Билигин Бүлүү энцефалита суох буолла дииллэр. Ол эрээри мин саныахпар, бу ыарыыны араас көрүҥнэргэ араарбыттарын түмүгэр итинник диагноз туруоруллубат буолла.
- Тус бэйэҥ сахалар ханнык ыарыыларын чинчийдиҥ, үөрэттиҥ?
- Окулофарингиальнай былчыҥ дистрофията диэн ыарыыны чинчийэн үөрэттим. Ньиэрбэ, былчыҥ ыарыыларыгар киирсэр. Ыарыһахтар халтаһалара харахтарын саба түһэр. Күөмэйдэрин, куолайдарын былчыҥнара мөлтүүр. Ол иһин ууну истэхтэринэ, чачайа сылдьар буолаллар уонна куоластара уларыйар. Маны таһынан ыарыһахтар санныларын уонна бууттарын былчыҥнара уолаллар. Онон мөлтөхтүк хаамар, хамсанар буолаллар, координацияларын сүтэрэллэр.
Бу ыарыы аан дойдуга барытыгар тарҕаммыт эрээри, олох сэдэх ыарыыга киирсэр. Икки сүүс тыһыынча киһиэхэ биир эмэ киһи ыалдьар. Арай еврейдэргэ, мексиканецтарга уонна Канадаҕа Францияттан миграциялаан кэлбит каджун диэн норуоттарга ити ыарыынан элбэхтик ыалдьаллар эбит. Ол курдук, 800 киһиэхэ биир итинник ыарыылаах киһи баар буолар. Хомойуох иһин, манна биһиги, сахалар, эмиэ киирсэн хаалбыппыт.
Саамай элбэх итинник диагнозтаах ыарыһахтар Уус-Алдан улууһугар бааллар. Маннык ыарыынан ыалдьыбытын, 50 сааскыттан биллэн барар. Ыарахан, удьуорунан бэриллэр ыарыы. Киһи көрбөт, хаампат да, чачайа да сылдьар буолан хаалар. Ол эрээри өлөр ыарыыга киирсибэт.
- Харитон Алексеевич, сахаларга «Уу чугаһа, уруу ырааҕа ордук» диэн бэрт дириҥ ис хоһоонноох өс хоһооно баар. Бу өс хоһооно хаан булкуура тахсыбатын, кэлэр көлүөнэ хаана ыраас, эт-хаан өттүнэн доруобай буоларын туһугар толкуйдаммыт дии саныыбын…
- Саха — мындыр омук. Урукку сахалар өбүгэлэрин кырата сэттэ кэрдиискэ диэри билэллэрэ. Ааттарын-суолларын эрэ буолбакка, туох ыарыылаахтарын кытта. Маны таһынан суорумньунан ыал буолаллара. Суорумньуһут уоллаах кыыс төрүттэрин, барытын билэрэ-көрөрө. Кыахтаах дьон уолларыгар олох ыраах улуустан кэргэн кэпсэтэллэрэ. Ити кэлэр көлүөнэ кэскилин, өй-санаа, эт-хаан өттүнэн чөл буолуутун мэктиэтинэн буолара.
Оттон кыаҕа суох, быстар дьадаҥылар чугас эргиннээҕилэрин ыланнар, ыал буолан эрдэхтэрэ. Онон ити ыарыылар баар буоллахтара.
Киһиэхэ икки ген баар. Биир ген мутациялаах, оттон биир ген үчүгэй, чөл буолар. Мутациялаах ген үчүгэй геҥҥа хотторор, саба баттатар. Ол иһин киһи ыалдьыбат. Оттон биир бөһүөлэккэ, улууска урууҥ-аймаҕын элбэх. Төрдүгүн-уускун билбэт буоллаххына, ырааҕынан аймаххын да кэргэн ылыаххын, ойох тахсыаххын сөптөөх. Икки мутациялаах геннаах дьон ыал буоллахтарына, оҕолоругар куһаҕана, ити геннары баһыйар геннара суох буолар. Онон ыарыы тахсан кэлэр. Ол иһин мындыр өбүгэлэрбит итинтэн сэрэхэдийэннэр, хааннарын уларыта сатыыллар эбит.
- Онтон былыргы ыраахтааҕылар, элиталар бэйэ-бэйэлэрин кытта холбоһоллор, ыал буолаллар эбит дии.
- Ол иһин кинилэргэ араас ыарыылара, чиччик эҥин оҕолор төрөөһүннэрэ элбэх.
- Харитон Алексеевич, үөһэ еврейдэр тустарынан ахтан аһарбытын, кинилэр эмиэ атын омугу кэргэн ылыылара суоҕун кэриэтэ быһыылаах…
- Кырдьык, еврей еврейи эрэ кэргэн ылар. Онон араас ыарыылара элбээбит, мунньуллан хаалбыттар.
- Атын омук учуонайдара сахалар ыарыыларын төһө интэриэһиргииллэрий?
- Сахалар өр кэмҥэ ойуччу түөлбэлээн олороммут, хаан булкуһуута аҕыйах буолан, генетиканы үөрэтэргэ олус интэриэһинэй. Онон, биллэн турар, омук учуонайдара болҕомтолорун күүскэ уураллар. Ол эрээри кинилэр бэйэлэрин эрэ интэриэстэригэр, матырыйаал эрэ булаары үөрэтэллэр, чинчийэллэр. Үөрэтэн баран, этэргэ дылы, суоллара-иистэрэ сойон хаалар.
Онон судаарыстыба, былаас өттүттэн олохтоох наукаҕа, учуонайдарга болҕомто ууруллуохтаах. Биһиги, дьоммутугар-сэргэбитигэр туһалаатарбыт, күүс-көмө буолларбыт ханнык диэн үлэлии-хамсыы сырыттахпыт.
- Буряттар, тувиннар, о.д.а. омуктар ыарыылара диэн бааллар дуо?
- «Сахалар ыарыылара» диэн өйдөбүллээх чинчийиилэр ыытыллалара, өрөспүүбүлүкэбитигэр генетика наукатын сайдыытын туоһута дии саныыбын. Үөрэппэтэхпит, чинчийбэтэхпит буоллар, хантан итини билиэхпитий? Биллэн турар, бары омуктарга, норуоттарга бэйэлэрэ туспа ыарыылаахтар. Ол эрээри наукаҕа болҕомто уурбат буоллахтарына, хантан биллиэй? Дьокуускайга медицинскэй киин тутуллан, ити наука салаатын үөрэтиигэ бигэ тирэх буолла.
- Харитон Алексеевич, өссө ханнык ыарыылары чинчийэҕит?
- Биһиги Саха сиринээҕи научнай кииммит кулгааҕынан истибэт, дьүлэй буолууну үөрэтэр. Биологическай наука кандидата Николай Алексеевич Барашков салайар лабораторията ити ыарыыны дириҥник чинчийэр. Манна үгүс научнай ыстатыйалардаахтар. Кинилэр суруйуулара аан дойдуга саамай үрдүк рейтиннээх сурунаалларга бэчээттэммиттэрин бэлиэтиири наадалааҕынан ааҕабын. Итини тэҥэ харах ыарыыларын чинчийэн эрэбит.
Маны таһынан мультифакториальнай ыарыылары үөрэтэбит. Ол аата сүүһүнэн ген, тулалыыр эйгэ, олохпут-дьаһахпыт ыарыы үөскүүрүгэр тирэх буолаллар. Кэлиҥҥи сылларга удьуору, утумнааһыны кытта ситимнээх ыарыылар элбии тураллар. Итиннэ сахарнай диабет, онкологическай ыарыылар киирсэллэр.
Биһиги сахарнай диабеты уонна быар ыарыыларын үөрэтэбит. Сахаларга быар ыарыыта наһаа элбэҕэ суох эрээри, ити ыарыыны наһаа ыараханнык аһардаллар. Быардара наһаа түргэнник мөлтүүр, цирроз буолар. Арыгы да испэт дьон. Маны гепатологтар, вирусологтар, хирурдар, бары бэлиэтииллэр. Оттон туохтан итинник буолара биллибэт. Оттон нууччалар быар ыарыытын быдан чэпчэкитик аһарыналлар. Онон бу ыарыыны үөрэтэргэ ылыстыбыт.
Маны таһынан быар сыаланыыта (жировой гепатоз) диэн ыарыы сахаларга олус элбэх. Хас иккис саха быара сыалаах. Урукку өттүгэр аспытыттан итинник быарбыт сыаланар диэн баран сапсыйан кэбиһэрбит. Аан дойду үрдүнэн ити ыарыы улахан кыһалҕанан буолан эрэр.
Былыргы өбүгэлэрбитигэр быар сыаланыыта туһалаатаҕа дии саныыбын. Тыйыс тымныыга үлэлииллэригэр-хамсыылларыгар уматык курдук туһалыыр буолуон сөптөөх. Билигин олох сайдан, хамсанарбыт-имсэнэрбит аччаан, жировой гепатоз куһаҕан ыарыыга тэбэн эрдэҕэ.
- Кырдьык, сахаларга дьүлэй киһи олус элбэх…
- Оннук. Сорох ардыгар ыал ыалынан, аймах аймаҕынан кулгаахтарынан мөлтөхтүк истэр буолаллар. Эмиэ удьуорунан бэриллэр ыарыы.
- Өрөспүүбүлүкэҕэ генетиктар төһө элбэххитий?
- Элбэҕэ суохпут. Этэргэ дылы, бэйэ-бэйэбитин сирэй көрөн билсэбит (күлэр).
- Харитон Алексеевич, кэпсэтиибит түмүгэр ааҕааччыларга бэйэн тускунан билиһиннэр эрэ.
- 1982 сыллаахха Ньурбаҕа күн сирин көрбүтүм. Оскуолаҕа химияны уонна биологияны дириҥэтэн үөрэппитим. Дьокуускайдааҕы медицинскэй институту үөрэнэн бүтэрбитим. Интернатураны хирургияҕа барбытым. Онно сылдьан, генетиканы интэриэһиргээбитим. Томскайга научнай-чинчийэр институкка үөрэнэммин, сертификат ылбытым уонна чинчийиилэрбин дириҥник ыытан генетика эйгэтигэр наукаҕа үлэбин саҕалаабытым.
- Харитон Алексеевич, интэриэһинэй кэпсээниҥ иһин махтанабын.
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0