Мастер-былааҥҥа көрүллэринэн элбэх этээстээх түөрт дьиэ тутуллуоҕа, манна уопсастыбаннай аһылык хас да көрүҥэ, аптекалар, маҕаһыыннар, оҕо саада баар буолуоҕа. Бу бырайыак чэрчитинэн, эргэрбит биэс хаарбах мас дьиэни көтүрэн, дьону көһөрүөхтэрэ.
Сири биир кэлим сайыннарыы быһыытынан, Дьокуускайга 17,2,4 кыбаарталга үлэ барыахтаах. Манна «Спортивнай» диэн ааттаммыт саҥа түөлбэ тутуллуоҕа. Ону таһынан, «Күөл» диэн түөлбэ 86,93,94 кыбаарталга дьэндэйэн тахсыаҕа. Ити эҥээр саамай элбэх ахсааннаах эргэ, хаарбах, саахалланар туруктаах самнархай дьиэтинэн биллэр. Ол иһин итиннэ дьон олороругар аныгы олох ирдэбилигэр эппиэттиир табыгастаах услуобуйа тэриллиэхтээх.
"Тэрилтэбит тутуу матырыйаалын атын сиртэн бас быстар сыанаҕа атыылаһан аҕалбакка, бэйэ оҥоһуутун туттуохтаах. Крупнопанельнай дьиэ тутуутун хааччыйар аныгы собуот тутуллуоҕа. Оччотугар нэһилиэнньэҕэ удамыр сыаналаах дьиэ тутуута тэтимириэ этэ", - диэн этэр «Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотечнай агенство» генеральнай дириэктэрэ Владимир Трегубов.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0