Өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥ үлэлээх, улахан фабрика олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын кытта билсиһии сымыыты суортааһын сыаҕыттан саҕаланна.
Олунньу 10 күнүгэр Ил Түмэн биллэрбит тыа хаһаайыстыбатын I декадатын чэрчитинэн норуот дьокутааттара Дьокуускайдааҕы птицефабрикаҕа сырыттылар. Дьокутааттар 13 уонна 19 №-дээх оҥорон таһаарар сыахтары, сымыыты суортуур, көтөрү астыыр уонна куурусса аһын оҥорон таһаарар сыаҕы көрдүлэр.
Сыах быыстала суох үлэлиир
Сыах иһэ киэҥ-куоҥ, ыраас. Манна 2015 сыллаах аныгы голландскай автоматизированнай систиэмэ үлэлиир. Сымыыты категорияларынан араарыы, алдьаммыт сымыыты утаарыы, бөдөҥү, бытархайы тус-туспа наардааһын уо.д.а. — барыта массыына “илиитигэр”. Үлэһиттэр этэллэринэн, сымыыты ким да тарбаҕынан таарыйбат — барытын өйдөөх техника дьаарыстыыр.
Конвейер устун сымыыттар үҥкүрүһэн тахсаллар уонна быыстала суох анал формаҕа киирэн «чорос» гына олоро биэрэллэр. Ону өйдөөх аптамаат бэйэтэ талан, ячейкаларга умсары баттыыр, салгыы сымыыт хоруопкаҕа угуллар, массыынаҕа тиэллэр уонна маҕааһыыннарга тарҕатыллар.
Үөрүөхпүт иһин, птицефабрика үлэһиттэрэ үксэ олохтоох ыччат эбит. Отучча сыл уопуттаах бэтэрээннэр эмиэ тэҥҥэ үлэлии-хамсыы сылдьаллара кэрэхсэбиллээх.
Александра Яковлева Тыа хаһаайыстыбатын академиятын бүтэрээт да манна лаборанынан үлэлии киирбит. Билигин сыах начаалынньыгынан ситиһиилээхтик үлэлиир.
«Биһиги сыахпытыгар уопсайа уон киһи үлэлиир, ону таһынан биэс таһаҕас таһааччы. Үлэбит быыстала суох. Сменанан солбуйсан үлэлиибит. Күннэтэ 150 тыһыынча сымыыты ылабыт. Сайынын 200 – 250 тыһыынчаҕа тиийээччи. Сымыыты ыйааһыныттан көрөн биэс категориянан (бастакы, иккис, диетическай, столовай, экстра) наардыыбыт. Быйылгыттан саҕалаан саҥа «солнышко» диэн суорду таһаардыбыт», - диэн Александра Яковлева кэпсиир. Кини этэринэн, Саха сиригэр көтөрү иитии кэскиллээх. Дьон атыылаһарын тухары сымыыт хаһан баҕарар атыыга хото барар.
«Куурусса тугу сиирэ бородууксуйатын хаачыстыбатыгар быһаччы дьайар”
Көтөр аһын хааччыйар сыах начаалынньыга Игорь Лебедев сымыыттыыр куурусса уонна эккэ барар көтөр аһын бэлэмнээһин технологиятын сиһилии кэпсээтэ.
«Манна аһылыгы битэмииннээһин, булкадыһыгы оҥоруу көтөр сааһыттан тутулуктаах, уопсайа 16–20 компонентан турар. Биһиги аһылыкпыт барыта ыраас, ГМО туттуллубат. Туорахтаах култуура сүрүннээн Новосибирскайтан кэлэр. Сороҕор Амма бурдугун ылааччыбыт. Тууспут Кэмпэндээйи киэнэ. Аһылыкпыт оҥоһуллаат да, сибиэһэйдии тута кууруссаларбытыгар тиийэр. Сыахпыт 2015 сылтан толору автоматизированнай. Онон үлэбит таһаарыылаах. Сменаҕа 60 тонна комбикорманы оҥоробут. Бу сылга 11 тыһыынча тоннаҕа тэҥнэһэр. 2024 сылтан оҥорон таһаарыы кээмэйин 17-18 тыһыынча тоннаҕа тиийэ улаатыннарар сыаллаахпыт. Оччотугар биһиги бородууксуйабыт нэһилиэнньэ киэҥ эйгэтигэр атыыга тахсар кыахтанар», — диэн Игорь Васильевич былаанын үллэстэр.
101 мөлүйүөн сымыыты ыларга
Дьокуускайдааҕы птицефабрика былырыын 50 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээбитэ. Көтөрү тутууга улахан уопуттаах диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Үйэ аҥардаах кэм устата тэрилтэ тиһигин быспакка, Дьокуускай куораты эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ үгүс улууһун куурусса сымыытынан хааччыйан олорор. Кэлиҥҥи уон сыл устата сымыыт ахсаана лаппа эбиллибитин бэлиэтиир тоҕоостоох. Дьокуускай птицефабриката сыллата 60 мөлүйүөн устуука сымыыты таһаарар.
Генеральнай дириэктэр Наталия Дягилева этэринэн, птицефабрика оҥорон таһаарар бородууксуйатын элбэтэр сыаллаах. «2020-2024 сс сайдыы стратегията оҥоһуллубута. Инникитин сымыыппыт ахсаанын сылга 101 мөлүйүөҥҥэ тиэрдэргэ диэн соругу ылыммыппыт. Оччотугар Дьокуускай куорат уонна чугастааҕы нэһилиэктэр сымыытынан толору хааччыллар кыахтаналлар», — диэн Наталья Дягилева этэр.
Кистэл буолбатах, кэлии сымыыт сыаната биллэ чэпчэки буолара сөхтөрөр. Бу туһунан птицефабрика үлэһиттэриттэн ыйыталастыбыт. Сымыыты суортуур сыах үлэһиттэрэ этэллэринэн олохтоох сымыыкка ГМО суох, куурусса аһылыгар барыта дьиҥнээх үрдүк хаачыстыбалаах булкадыһык туттуллар. Онон сымыыт сыаната ыарахан буолан тахсар. Итиэннэ дьон кэлии уонна бэйэ бородууксуйатын буккуйан, Новосибирск сымыытын атыылаһара баар суол. Сымыыт хаҕын өҥө майгынныыр, маркировкатын өйдөөн көрбөккө ылаллар.
Манна үлэлии-хамсыы сылдьар дьону үлэлэрин чахчы сөбүлүүр, бородууксуйаларын хаачыстыбатыгар кыһаллар дьон диэн көрдүм. Кэлии сымыыт туһунан «истиэхтэрин баҕарбаттар», биһиэнэ үчүгэй дииллэр.
Бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйата биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ инники күөҥҥэ турар, салалта маннык тэрилтэлэри куруук өйүүр.
Ирина Ханды
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0