«Информационнай технология эйгэтигэр ордук тиэхиньиичэскэй өйөбүл уонна сиэрбиһи көрөр-истэр исписэлиистэри көрдүүллэр. Маннык вакансиялар хамнастаах этиилэр 17 %-нын ылаллар. Салгыы бырагырамыыстар 14 %-ҥа уонна систиэмэ аналитиктара 12 %-ҥа тэҥнэһэллэр. Дата-сайентистарга ритейл эйгэтиттэн саҕалаан үп-харчы үлэтигэр тиийэ наадыйаллар», - диэн бэлиэтээн этэр «Работа.ру» партаал гендириэктэрин солбуйааччы Александр Ветерков.
«Работа.ру» партаал көрдөрүүтүнэн, 2024 с. 1-кы кыбаарталыгар, 2023 с. бу кэминээҕи көрдөрүүтүгэр холоотоххо, IT-эйгэҕэ үлэ биэрээччилэр этиилэрэ 6,7 % үрдээтэ. Оттон хамнастаах этиилэр 6,4 %-нан үрдээбит.
Александр Ветерков этэринэн, чугастааҕы сылларга информацияны хомуйарга, таҥарга саҥа Big Data моделы сатаан бырайыактыыр исписэлиистэр ордук наадалаах буолуохтара. Маны сэргэ, информационнай куттал суох буолуутун хааччыйар исписэлиистэр, итиэннэ аналитиктар уонна дойду вендорскай быһаарыыларын оҥорооччулар үлэтэ суох хаалыахтара суоҕа.
Сиһилии бу сигэнэн киирэн аах: https://www.pnp.ru/social/kakie-it-specialisty-budut-vostrebovany-v-blizhayshie-gody.html
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0