Бэрт сотору кэтэһиилээх-күүтүүлээх ходуһаҕа тахсарга, оттуу барарга алаадьы алаас саҕа хобордооххо саһарчы буһуо, аттыгар саламаат арыынан-сыанан аҕаан оргуйуо, омурҕаҥҥа диэн омуһахтан сөрүүн астар хостонуохтара, эбиэккэ диэн сыалаах эт эттэниэ, маҥан былаат былдьаһыкка барыа, сиэхтээх ырбаахы сэргээһиҥҥэ киириэ, сытыылыыр тэрил чугастыы ууруллуо. Отуу чэйэ бидилийэ оргуйа өрүллэр обургу иһитэ бэлиэ сиргэ туруо.
Омун-төлөн оҕо отчут хаһан бүтэн кэлэрин ыйыталаһан кытаанахтык көрүллүө, орто сааһын ааспыт дьоһун отчут охсуллубут от дыргыл сытын санаан долгуйа үөрүө, күөс өрөөччү иһитин-хомуоһун көрүнүө, ох курдук оҥостуо. Дьэ онно буолуо дии нэлэс гыммыты субуулуур, субуллубуту чөмөхтөөн, чөмөхтөммүтү хомуйан, хомуллубуту дьэндэтэ кэбиһэн охсооччу, мунньааччы, кыдамаһыт, түсчүт ,күөсчүт үтүмэн үөрүүтэ.
Онно буолуо кыстыкка бэлэм буолууттан сылаа да сылаанньыйыылаах, сэниэ эстэ быһыытыйын тутан туран умнуу! Онно буолуо ийэ, кэргэн, эбээ туруу үлэһит эр дьоннорунан киэн туттан сэбэрэлиин сэргэхсийиилэрэ, киэн тутта көрүүлэрэ. Онно буолуо дии сөтүө диэн тыл минньийэн иһиллэрэ, омурҕан омуннаах,көҕү көҕүлүүр көрүдьүөс-ирдьиэс кэпсээнэ, сэргэх сэһэнэ, таайтарыылаах таабырыннара,сөрү сөпкө этиллибит өс хоһоонноро өһүллүбүт уостан тахсаллара.
Тэлгэһэҕэ хаалбыттар тиэргэни бэрийиэхтэрэ, күннээҕини дьаһайыахтара, сарсыҥҥы үтэни бэлэмниэхтэрэ.
Мэччирэҥҥэ сылдьар ынах сүөһү ырҕаччы тотуо,астына-астына уобалыа, амтаһыйа-амтаһыйа кэбиниэ, киэһэлик сөрүүн түһүүтэ түптэ буруотун абыралын санаан тиэтэйэ-саарайа хотонун диэки хотолдьуйа хаамыа. Кэтэһэ хаалбыт ньирэй ийэтинээн ыҥырана, ымманыйа көрсүөхтэрэ,үрүҥ илгэ нөҥүө күүс-сэниэ бэрсиһиэхтэрэ, салаһан -салбаһан иэйиилэрин биллэриэхтэрэ.
Хаартыска: ук24.ru
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0